Улуус олоҕо: Амма ыраас уутунан уонна минньигэс дьэдьэнинэн биллэр

975

Амма көмүс туораахтаах бурдугунан эрэ аатырар буолбатах. Манна Иван Емельянов саҕаттан “Амма” ТХПК диэн соҕотуопкалыыр, астыыр-үөллүүр тэрилтэ өрөспүүбүлүкэ, дойду таһымнаах быыстапка-дьаарбаҥкаларга ситиһиилээхтик кыттан элбэхтик ааттатан кэллэ. Бүгүн потребительскай кэпэрэтииби ааттыын-суоллуун саҥа, эдэр киһи Айыы Сиэн Черноградскай салайар. Бу туһунан «Сахамедиа» холдинг «Улуус олоҕо» бырайыагын чэрчитинэн кэпсиибит.


Амма сэлиэнньэтин кытта тэллэх баттаһа сытар Чапчылҕаҥҥа тиийэн, астыыр-үөллүүр комплекс эппиэттээх үлэһиттэрин кытта кэпсэттибит. Технолог Капитолина Юрченкова биһигини үөрэ-көтө көрүстэ. “Кэпэрэтиипкэ онус сылбын үлэлиибин. Технологтаабытым биир сыл буолла, — диир Капитолина Владимировна. – Комплекска күн аайы 1 туонна 900 киилэ үүт киирэ турар. Кыһын саамай кыччаабыта 1,5 туонна буолааччы. Кулун тутартан үүт дэлэйиэҕэ. Быйыл күһүн Абаҕаҕа “Илгэ” ХЭУо-ҕа 100 тиҥэһэ кэлбитэ эбиллии өттүгэр улаханнык дьайда. Сыччах ити соҕотох хаһаайыстыба тохсунньуга 30 туоннаны туттарда”.

“Аммалар” үүттэн тугу астыылларый? Үүт (3,2%), чөчөгөй (25%), аһытыллыбыт сүөгэй (20%), суорат (сыата суох), йогурт (3,2%) уонна иэдьэгэй. Маны таһынан нэһилиэктэрдээҕи сыахтарыгар арыылыыллар. Тохсунньуга 1 туонна арыыны астаабыттар. Саҥа сылга үктэниэхтэн улуус үрдүнэн 98,2 т үүтү туппуттарыттан 57 туонната астыыр-үөллүүр комплекс ирээтигэр тиксэр. Бөтүҥ, Абаҕа, Мээндиги, Соморсун, Чапчылҕан нэһилиэктэрин ыалларыттан уонна “Илгэ”, “Бөтүҥ”, “Соморсун” кэпэрэтииптэртэн, 17 бааһынай хаһаайыстыбаттан күннээҕи үүттэрин комплекс быһаччы тутар. Чапчылҕан ыалларыттан уратыларын кэпэрэтиип массыынатынан кэрийэн тиэйэн аҕалаллар эбит. Онон үүт туттарааччыларга – сынньалаҥ.

Чапчылҕаннааҕы комплекска үүт сыаҕар 8 киһи үлэлиир, маны таһынан нэһилиэктэргэ 8 арыылыыр сыаҕынан, 1 үүт эрийтэрэр уонна 5 үүт тутар пууннарынан барыта 60 киһи үлэлээн хамнастанар эбит. Орто хамнас 25-26 тыһ. солкуобай буолар. “Амма” ТХПК-гэр 9 эдэр исписэлиис тиийэн үлэлии сылдьар. Кинилэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 10-нуу тыһ. солкуобай эбии төлөбүр ылаллар. Эдэрдэртэн биирдэстэрэ Саргылаана Антипина, бэлиэр, үүт сыаҕар маастардыыр. “Амма” кэпэрэтиипкэ эдэрдэргэ суол – аһаҕас.

Үүт сыаҕын тэриллэрэ эргэрэ быһыытыйбыттара бу дьыалаҕа сыһыана суох даҕаны киһи хараҕар быраҕыллар. “Суу-хаа оҥорор саҥа аппараат атыыласпыппыт бу күннэргэ айаннаан иһэр. Онон сотору тетрапакка көһүөхпүт”, — диир Капитолина Владимировна. Билигин “Амма” ТХПК астаан таһаарар үүтэ үс хонуктаах буоллаҕына, инникитин сыл аҥаардаахха баҕатыйаллара бааламмат. Реконструкция кэлэр 2018 сылга ыытыллыахтааҕа билиҥҥитэ чуолкай быһаарылла илик.

Биһиги эрэл санаалаах уу, утах, барыанньа астыыр, кутар сыахха киирэбит. Бу сыахха 5 киһи кыһын биир сменаҕа ньиргиччи үлэлиир. Уопуттаах маастар Матрена Слепцова билиһиннэрэринэн, сменаҕа 1-дии лиитирэлээх 3 тыһ. бытыылка уонна 19-туу лиитирэлээх 150 иһиккэ “Амма уута” диэн ыраас ууну кутан таһаараллар. Сайын икки сменанан 5 тыһ. бытыылкаҕа тиийэ куталлар. Бу хайысхаҕа ааспыт сыл былаанын 120 бырыһыан толорбуттар.

Матрена Степановна ааспыт сайын-күһүн улуус олохтоохторуттан 2,5 туонна отону (киилэтин 1,5-лыы мөһөөххө), 600 киилэ сугуну (киилэтэ – 8 мөһөөх), 500 киилэ дьэдьэни (киилэтэ – 1,5 тыһ. солк.), 300 киилэ моонньоҕону (киилэтэ – 6 мөһөөх) уонна 1 туонна 300 киилэ долохунаны (киилэтэ – 110 солк.) туппуттарын киэн тутта кэпсээтэ. Харчытын утары төлөһөн иһэр буоланнар, тыа сирин ыаллара добуоччу дохуот аахсыбыттар. Инньэ гынан билигин биэс суол барыанньаны, сиробу астаан таһаара олороллор. Сменаҕа 200 киилэ барыанньаны астыыллар уонна 200 лиитирэ морс куталлар. Сок 11 көрүҥүн таһаараллар. “Дьон сөптөөхтүк аһааһын култууратын тутуһар буолан, сыыйа гааһа суох утахха көһөн эрэр”, — диир маастар. Кини эмиэ сыах оборудованиета уларытыллара уолдьаспытын этэр.

Бородууксуйаларын хайдах батаралларый? Улуус киинин иһигэр “Эт-үүт” уонна “Быйаҥ” маҕаһыыннарга “Амма” кэпэрэтиип күн аайы атыыга тахсар итиэннэ биирдиилээн чааһынай маҕаһыыннаахтар ылан атыылыыллар. Ону таһынан Дьокуускай куоракка “СахаАгроПродукт” өрөспүүбүлүкэтээҕи кэпэрэтиип, “Сайсары” бааһынай ырыынагар филиалларын нөҥүө батараллар.

Манна даҕатан эттэххэ, эттэн астыыр сыах улуус киинигэр үрдүттэн баар эбит эрээри, кэм-кэрдии кэмчитийэн, кыайан сылдьыбатыбыт. “Эт-үүт” диэн маҕаһыыҥҥа элэгэс киирэн көрбүтүм: тобус-толору оҕонньоттор, эмээхситтэр кэчигирэһэн олороллор. Күн иллэҥ дьон быһыытынан күөрчэх сүөгэйэ атыыга киирэрин кэтэһэллэр эбит. Маҕаһыын даарыгар эт ас өттө баһаам. Холобур, убаһа хартата 7,5-дыы мөһөөххө сытар. Дьокуускайга СахаАгроПродукт киоскаларыгар 4,5 мөһөөххө атыыланар ээ. Испэр “аммалар убаһа иһин ытыгылыыр, күндүргэтэр даҕаны дьон эбит” дии санаатым.