Амма ааттааҕын, аатырбыт мадьыны Анатолий Баишевы саха дьоно үксэ добун түһүлгэлэр ыһыылаах-хаһыылаах күрэхтэһиилэригэр кыайан-хотон өрөгөйдүүрүн көрөн-истэн билэллэр. Ол эрээри, кинини хаһаайыстыба салайааччытын быһыытынан ахсааннаах киһи ундаардыыр буолуохтаах. Ол туһунан бүгүҥҥү «Улуус олоҕор» кэпсэтиини ааҕыҥ.
Иллэрээ сыл “Амма” производственнай кэпэрэтииптэн арааран, сылгыны иитии салаатыгар туспа “Давидофф” ХЭУо-ны тэрийбиттэр. Бу саҥа тэрилтэни “айааһыыр” эппиэтинэһи уопуттаах сылгыһыт, биллиилээх ат баайааччы Анатолий Баишевка итэҕэйэн сүктэрбиттэр. Онон саҥа тэриллии туох-хайдах үлэлии олорорун билсэр түгэн тосхойбутун туһанан, улуус кииниттэн чугас сытар базаларыгар тиийэ сырыттыбыт. Быйылгы кыстыкка 500-чэ сылгыны, ол иһигэр 20-чэ сүүрүүк аты, иитэн тураллар эбит. Хаһаайыстыбаҕа 10 киһи үлэлиир: 1 бухгалтер, 1 тырахтарыыс уонна сылгыһыттар.
— Хара үлэни баҕас оҥоробут, тулуппаппыт. Уустуга диэн сайын от үлэтигэр тиэхиньикэҕэ саппаас чааска, уматыкка улаханнык ороскуотурарбыт кыаһылыыр, -диир Анатолий Анатольевич. – Бэйэбитигэр түөрт тыраахтардаахпыт, ону таһынан чааһынайдары наймылаһабыт. Тыһыынчаттан тахса гектарга элбэх сыллаах оту ыспыппытын хомуйабыт, онтубутугар 12 туонна кэриҥэ сэлээркэни туттабыт, оттон саппаас чаас — ааҕан сиппэт үлүгэр. Сылгы төбөтүгэр өрөспүүбүлүкэ уонна федеральнай бүддьүөттэртэн мунньан-тараан мөлүйүөн аҥаара суумалаах субсидия кэлэр. Таһынан барбыт ороскуоту барытын хаһаайыстыба уйунар. Бэйэбититтэн тутулуктааҕын, төһө кыайарбытынан, оҥоро сатыыбыт. Сүрүннээн күһүн убаһа этин туттардахпытына, дохуоттанабыт. Сылгыһыт орто хамнаһа 20 тыһ. солкуобай буолар.
— Сылы хайдах түмүктээтигит?
— Улахан хаһаайыстыбаттан туох даҕаны иэһэ-күүһэ суох арахсыбыппыт. Этэргэ дылы, ыраас илиистэн саҕалаабыппыт. Онон былырыын да, быйыл да сылы кыра чорбохтоох түмүктээтибит.
— Сүүрүүк сылгыларгыт хаһаайыстыбаҕа “айах адаҕата” эрэ буолаллар дуу эбэтэр ороскуоттарын толуналлар дуу?
— Билбэт дьон “сүүрүүк ат икки мүнүүтэ сүүрэн кыайда даҕаны, хаһаайыныгар мөлүйүөнү эбэтэр саҥа массыынаны тэбэн биэрэр курдук” олус судургутук саныыллар. Дьиҥэр, оннук буолбатах. Сүүрүүк ат көннөрү сылгытааҕар быдан уустук көрүүлээх, ороскуоттаах, сылы эргиччи бүөбэйдииргин эрэйэр. Сүүрүүктэр кыһын сылааска, көнньүүһүнэҕэ тураллар. Көрөр, баайар киһини эмиэ анаан хамнастаан тутуоххун наада. Ол гынан баран, кырдьык, улахан бириистээх күрэхтэһиигэ хайа эмит атыҥ “сүүрэн кэбистэҕинэ” үчүгэй бөҕө буоллаҕа: бэйэтин айаҕын таһынан бириэмийэ харчыта хаһаайыстыба сорох ороскуотун сабарга көмөлөөх буолар. Кыайыы наар кэлэ турбат ээ. Элбэх сыранан, ороскуотунан ситиһиллэр. Дьыала харчытыгар буолбатах. Ил Дархан, бырабыыталыстыба, Дерби бириистэригэр кыайдаххынна, “Амма ата кыайда” диэн аатыгар-суолугар сытар буоллаҕа.
Атын улуустарга сүүрүүк сылгылаах хаһаайыстыбаларыгар олохтоох бүддьүөттэн 1-2 мөл. солкуобайы биэрэллэрин туһунан биир идэлээхтэрим кэпсээччилэр. Быйылгы кыстыкка биһиги улууспут соҕотуопкалыыр, астыыр улахан тэрилтэтэ – “Амма” потребительскай кэпэрэтиип (сылгыбыт этин бу тэрилтэҕэ туттарабыт) 250 тыһ. солк. суумаҕа эбиэс бурдук атыылаһан биэрэн көмөлөстө. Улууспут баһылыга Николай Архипов “Манчаары оонньуулара” күрэхтэһиигэ бэлэмнэниинэн сиэттэрэн, улуус бүддьүөтүттэн үп көрдөрөн өйүөх буолбута.
— Анатолий, ханнык аттаргар ордук эрэнэҕин?
— Биһиэхэ ыраас хааннаах боруода сэттэ аттаахпыт, онтон уратылара сиэнчэрдэр. Соҕурууттан атыылаһан аҕалбыт Гоу Стивен уонна Фрут Элли диэн аттарбытыгар эрэлбит улахан. Кинилэр билигин иккиэн биэс саастарыгар сылдьаллар. Быһа эппэппин: аны сайын биэтэк бэйэтэ көрдөрүө.
— Сылгыларгытын ханна мэччитэҕит? Хас базалааххыт?
— Барыта үс базалаахпыт. Сүрүннээн Амма хочотунан, Чакырынан сылдьан мэччийэллэр. Дьыл баччатыгар, бэлиэр, хаһыы бүтэн, сылгыбыт 80 бырыһыана эбии аһатыыга киирдэ. Улуус киинигэр сэбиэскэй кэмҥэ сопхуос 1 тыһ. кэриҥэ сылгылааҕа. Билигин кэтэхтиин эмиэ ол ахсааҥҥа тиийэн турар. Дьиҥэр, хочо киэҥ куйаар буоллаҕа. Мэччирэҥ кэмчи. Тоҕо диэтэххэ, дьон окко олус хойутаан киирэр буолла. Биһиги сопхуоска үлэлиирбит саҕана бэс ыйыгар ыһыах кэнниттэн тута ходуһаҕа киирэр этибит. Билигин “абааһы мунньаҕын” кэнниттэн, өссө ардахха баттатымаары, кураанныырын кэтэһэн баран, атырдьах ыйыгар окко турунар үгэс үөскээтэ. Инньэ гынан хадьымал адьас кэнчээрилээбэккэ хаалар. Сылгы кыһын күөх оту сиир буоллаҕына эрэ нүөл, чөл туруктаах сылдьар айылгылаах. Иккиһинэн, Амма нэһилиэгэр халдьаайы өттүгэр туора үрэхтэрбит суохтара охсор. Өр сыллаах кэтээн көрүүбүнэн, сылгы куулаҕа турбат. Турдаҕына даҕаны түргэнник ырар, охтор. Куула сир ото соппоҥ буолар. Айылҕа кыыла халдьаайыга — саас күн тыгар, сылытар сиригэр — тардыһар.
Анатолий Анатольевич маҥнай тэриллэллэригэр сылгы бородууксуйатын астыыр сыах аһан үлэлэтэр былааннаахтарын, ол үп-харчы кырыымчыгыттан иҥнэн турарын иһитиннэрдэ. Салайааччыны кытта сылгыһыт балаҕаныгар чаас аҥаарыттан ордук кэпсэтэн баран, саҥа хаһаайыстыба кыаҕын ыларыгар эрэмньи санаалаах таҕыстым. Уолаттар харахтара уоттаах. “Давидофф” ХЭУо сылгыһыттарын орто сааһа – 35. Ол аата эрчимнээхтэр, кэскиллээхтэр.