Бүлүү куоратын Баһылай Каратаев аатынан «Олоҥхо» народнай кэлэктиип былырыын 25 сылын бэлиэтээбитэ. Эдэриттэн эмэнигэр диэри 287 киһилээх олоҥхону, тойугу уонна фольклор жанрдарын толорор айар кэлэктииби үйэ чиэппэрин устата Светлана Иванова салайар. «Улуус пааспарыгар» саха норуотун кылаан чыпчаалын ситимнээччилэр тустарынан ааҕыҥ.
“Алгыс” сынньалаҥ киинин иһинэн үлэлиир Баһылай Каратаев “Олоҥхо” народнай кэлэктиибэ киһи өйүн-санаатын сайыннарыытыгар, кутун-сүрүн бөҕөргөтөрүгэр ыччаты уонна ытык кырдьаҕастары биир тыыннаан көлүөнэлэри ситимниир.
— Народнай кэлэктиип ситиһиитэ үгүс. Бүлүү куоратыгар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар Гран-принан бэлиэтэммиппит. Ыччат “Утум” бөлөҕө олоҥхону толорууга үһүс миэстэни ылбыта. Киэн туттар киһибит Семен Иванов-Чочу Сэмэнэ 1-кы миэстэни ылан, УАЗ массыынанан наҕараадаламмыта. Федора Донская оһуохай күрэҕэр бастаан, «Синтай» тыраахтарынан наҕараадаланан турар. Дьааҥыга ыытыллыбыт Олоҥхо Ыһыаҕар биһиги айар кэлэктииппит 1-кы миэстэни ылбыта. Иван Тулааһынабы кытта фольклор жанрыгар 40-тан тахса компакт-диискэ оҥорон таһаардыбыт. Олоҥхо сайдыытыгар олус дириҥ ис хоһоонноох, дьону биир тыынныыр, түмэр ыһыахтары тэрийэн баран, чуумпуран хаалар курдукпут. Онон, улуус аайы бу биһиэнин курдук духуобунас кииннэрэ баар буолуохтаахтар дии саныыбыт. Оччотугар оҕо саадыттан саҕалаан, үүнэр көлүөнэни олоҥхоҕо уһуйар үлэ ыытыллар. Чуолаан бу хайысхаҕа утум салҕаныытын кистэлэҥэ сытар. Ол иһин биһиги «Олоҥхо» айар кэлэктииппит ыччаппытын олоҥхо тыыныгар иитэр соруктаах үлэлиир, — диэн бэйэтин санаатын үллэстэр СӨ култууратын туйгуна Светлана Иванова.
Олох оҕо эрдэҕиттэн оһуохай тылын этэ үөрэммит, аатырбыт тойуксут Семен Иванов-Чочу Сэмэнэ «Олоҥхо» айар кэлэктиибигэр Сыдыбылтан сылдьан дьарыктанар. «83-с хаарбар бардым. Пиэрибэй Чочу «Максим Горькай» сопхуоһугар үлэлээбитим. 30-35 саастаахпар улуу Сэргэй Зверев ансаамбылыгар уһуйуллубутум. 60-с сылларга «Оһуорга», «Доҕордоһууга», «Хара саһылга» үҥкүүлэспитим. Төһө да сааһырдарбыт, дьиэбитигэр олорбот дьоммут. Хампаттан, Халбаакыттан, Чинэкэттэн, Сыдыбылтан — барыта 40-ча бэтэрээн Бүлүү куоратыгар «Олоҥхо» айар кэлэктиибин тэрээһиннэригэр кыттаары, кэлэ-бара сылдьабыт. Манна кыра оҕотуттан аҕам саастаахтарга тиийэ бииргэ дьарыктанар буоламмыт, олус көхтөөхпүт уонна иллээхпит. Оҕолорго уонна ыччаттарга маастар-кылаас ыытар бэрт наадалаах киһибин. Ол мин, кырдьаҕас киһи, сүргэбин олус көтөҕөр«, — диэн кэпсиир кини.
Айар кэлэктиип биир сүрүн киһитинэн Мэҥкэр Сэмэн-Хабырыыл уола буолар. Кини эмиэ Чочу нэһилиэгин олохтооҕо. Бэйэтин аатын дорҕоонноохтук ааттатан эрэр эдэр артыыс Гаврил Мэҥкээрэп аҕата. «Баһылай Каратаев аатынан «Олоҥхо» кэлэктиибигэр сылдьыбытым 20 сыл буолла. Бары биир санаанан салайтаран сылдьар дьоммут. Мин бэйэм олоҥхо сэһэнин кэпсээччибин, түсчүппүн, алгысчыппын. Үс оҕолоохпун. Оҕолорбун эмиэ уран тылга уһуйбутум. Кыра уолум, Саха академическай тыйаатырын артыыһа Гаврил Мэҥкээрэп алта-сэттэ саастааҕыттан оһуохай таһаарар, олоҥхо толорор этэ», — диир сэһэргэһээччим.
Николай Афанасьев-Айтыман «Олоҥхо» айар кэлэптиип иһинэн үлэлиир «Аар дьаҕыл» фольклор түмсүү хайа күн тэриллиэҕиттэн 20-тэн тахса сыл сылдьыбыт. Култуура үлэһитэ буолан, айар үлэни оройуттан туппут эдэр киһи: «Түсчүппүн. Уруулары уонна үбүлүөйдэри тэрийэбин. Ыллыыбын. Туойабын», — диэн олус дириҥ ис хоһоонноох үлэни ыытарын бу курдук бэрт судургутук быһаарар.
Бүлүү куоратын бочуоттаах олохтооҕо, СӨ үөрэҕириитин уонна Олоҥхо бочуоттаах мецената, СӨ предпринимателлэрин «Бизнес-леди» үрүҥ көмүс бэлиэ, СӨ култууратын уонна искусствотын сайдыытыгар үтүөлэрин иһин анал бэлиэ хаһаайката Тамара Фомина-Талбаана Ай Баһылай Каратаев аатынан «Олоҥхо» норуот кэлэктиибигэр дьарыктаммыта 20-чэ сыл буолла. «Учуутал буоларым быһыытынан, 90-с сылларга национальнай кэнсиэпсийэ олоххо киириитигэр үлэлэспит буолан, алгыстаах сиэр-туом уруоктарын ыытабын, кыстыкка уонна сайылыкка киирии сиэрин-туомун толоробун. Ытык сирдэри арчылыыбын. 2015 сыллаахха бэйэм бөлөхпүн кытта Өймөкөөҥҥө Таас Кыстаабыкка айылҕаҕа үлэлээн, сиэр-туом оҥорон кэлбитим. 2016 сылга Дьааҥыга ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын иннинэ, бэс ыйын 21 күнүгэр, айылҕаҕа Үрүҥ Күн алгыһын оҥорбуппут – Ытык Дьааҥыны Бүлүү Эбэни кытта ситимнээбиппит. Ханна да сырыттарбын Бүлүү Эбэ тааһын илдьэбин. Өймөкөөнтөн уонна Дьааҥыттан аҕалбыт таастарбын Эбэбэр уурбутум. Ытык сирдэри харыстыыр араас форумнарга кыттабын«, — диэн кэпсиир олоҥхо мецената.
Каролина Харлампьева — Бүлүү улууһун Үгүлээтиттэн төрүттээх Баһылай Каратаев аатынан «Олоҥхо» айар кэлэктиип эмиэ биир баар суох тумус киһитэ. Кинилиин кэпсэтиибит «Каролина» диэн сахаҕа биир дьикти аат историятыттан саҕаланна. «Ийэм «Кыһыл Знамя» уордьан кавалера Феодосия Васильевна Харлампьева сэрии кэмигэр уонна сэрии кэнниттэн сэбиэтинэн үлэлээбит. Кини Дьокуускайга куоракка сэбиэттэр куурустарыгар бииргэ үөрэммит чугас дьүөгэтин аатын үйэтитээри миигин Каролина диэн ааттаабыт. Оҕо эрдэхпиттэн туойабын. Ийэм — алгыстаах хомусчут, аҕам илбистээх тыллаах дьон этэ. Оҕо эрдэхпиттэн күн бүгүҥҥэ диэри отунан дьарыктанабын. Ийэбин батыһа сылдьан, эмтээх оттору хомуйар этим. 2006 сыл бүтүүтэ эмтээх отторго кинигэ таһаарбытым, — диэн кэпсиир кини.
«Улуус олоҕо» бырайыак өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун, айар-тутар үлэлэрин туһунан кэпсиир. Чуолаан кинилэр бэйэлэрин ситиһиилэринэн, кыһалҕаларынан тыа сиригэр олоҕу туталлар. Хас биирдии улууска тиийдэххэ, Саха сирэ олус да киэҥин, ураты күндүтүн билэҕин. Оччоҕо киһи ханна баҕарар олоруон, үлэлиэн, сайдыан сөбүн итэҕэйэҕин. Биллэн турар, кытыы сиргэ олохсуйуу чэпчэки буолбатах, ардыгар — ыарахан да диэххэ сөп. Ол гынан баран, тыа киһитэ барахсан төрөөбүт дойдутугар тапталын иҥэрэн, дириҥ ис хоһоонноох олоҕу салайсар.