«Улуус олоҕо»: Бүлүү улууһун пиэрмэрдэрэ хотону хото тутталлар, үрүҥ илгэни да баһаамы сомсоллор

3611

Бүлүү улууһун пааспарын суруйуубутун салгыыбыт. Сыдыбыл нэһилиэгин сиригэр-уотугар турар «Ампаардаах» механизированнай пиэрмэтигэр 204 ынах сүөһү кыстаан турар. Онтон ыанар ынаҕа – 103 төбө. «Улуус олоҕо» бырайыак суруналыыстара манна үлэ саамай үгэнигэр түбэстибит. Күн бүгүн отучча ынах төрөөбүт.


Тыа сирэ барахсан кыылы-сүөлү тутарга анаммыт курдук айылҕалаах. Билигин сиргэ хаһаайынныы сыһыан баар буоларыгар ыытыллар бэлиитикэни дьон өйдөөтө. Онно эбии Уһук Илиҥҥи гектар сокуона олоххо киирэн, олохтоохтор сирдэрин докумуоннатан, тыа хаһаайыстыбатын салааларын сайыннарар буоллулар. Бүлүү дьоно-сэргэтэ онтон хаалсыбат.

— Баахымах диэн бааһынабытыгар сүүрбэччэ гектар сэлиэһинэй үүннэрэбит. Быйыл курааннаан, 10 эрэ тоннаны хомуйдубут. Урукку сылларга 20-чэ га сиртэн 43 тоннаҕа тиийэ ыларбыт. Быйыл хомуурга үлэлэспиппит үһүс сыла. Ону эбии аһылыкка туттабыт. Былырыын саас бурдугу бытарытар анал тэрили үүппүт харчытынан атыылаһан, Алтайтан аҕалбыппыт. Бааһынаҕа үлэлииргэ трактор, комбайн тиийбэт, — диэн кэпсиир хаһаайыстыба салайааччыта Симон Томскай.

Механизированнай пиэрмэ буолан, манна кунуопканы баттаатыҥ да бүттэ, үлэ көстүү оргуйбутунан барар. Ынах сааҕын кытта анал механизм хомуйар. Тимир торуос ноһуому тарыйар. Сүөһүлэр, үөрүйэх буолан, туораан биэрэллэр.

Хотон 2014 сыллаахха үлэҕэ киирбит. Быйыл төрдүс кыстыктара. Пиэрмэҕэ кыһыҥҥы кэмҥэ 14 киһи үлэлиир. Хотон 100 ыанар ынахха суоттаныллан тутуллубут. Билигин Новосибирскай уобалаһыттан аҕалыллыбыт 103 симментал боруода ынах кыстаан турар.

Былырыын Ньурба улууһун кытта хантыраак түһэрсэн, «Ампаардаах» биэс ынаҕын кытта 14 туҥуйу атыылаабыттар. «Үс сыл устата 75 ынаҕы атыылыахтаахпыт. Быйыл — 19, эһиил 25 ынах атыыга барыаҕа. Хас биирдии ынах инвентаризацияламмыт нүөмэрдээх. Онон «Ампаардаах» ынахтара буолаллара биллэр. Ньирэй төрөөтөҕүнэ тута нүөмэрдэнэр», — диэн кэпсиир Симон Томскай.

Зоотехник Александра Лаврентьева сүөһүлэр астарын туһунан маннык билиһиннэрэр: «Быйыл сайын 200 тонна оту оттоотубут. Кураан буолан, 150 тоннаны эбии атыылаһаары олоробут. 450 тонна сиилэстээхпит. Сүөһүлэргэ дьаамаҕа сиилэс аһытан, от, уотурба сиэтэбит. Күҥҥэ биирдэ 25-30 киилэни биир ынахха сиэтэбит. 3-4 киилэ эбии аһылык бэриллэр. 250 рулоннаах оттон биир ынахха 7-8 киилэ от тиксэр гына тарҕатан биэрэбит».

Биһиги сылдьар кэммитигэр таһырдьаттан тыраахтарынан сиилэс, онтон от киллэрэн тарҕаттылар. Хотоҥҥо сибиэһэй от сыта тунуйар. Ынахтар барахсаттар, үтүрүһэ-үтүрүһэ түһүнэн кэбистилэр.

«Сыа Бүлүү» кэпэрэтиип Чочутааҕы «Ампаардаах» механизированнай пиэрмэтигэр киэһээҥи ыам саҕаланар. Пиэрмэ үлэтин биир көрүҥүн анаан кэтээн көрдүбүт.

«Елочка» ынах ыыр аппараакка аҕыс ынах биирдэ киирэн ыанар. Сүөһүлэр бэйэ-бэйэлэригэр мэһэйдэспэккэ, аналлаах миэстэлэригэр турунан кэбистилэр. Икки эр киһи ыанньыксыт ынахтар синньилэрин сууйан, аппараакка холбууллар. Ханнык ынах төһө үүтү биэрэрэ таблоҕа тахсар. Ынах 4-5 мүнүүтэ иэтэр. Үүт ыамын үрдэтэр туһуттан сахалыы эбэтэр классическай муусуканы холбууллар. «Муусуканан ыатахха үүт эбиллэр», — диэн, пиэрмэ научнай куратора Николай Борисов ирдиирин кэпсээтилэр. Буолумуна, Николай Иванович пиэрмэ аһыллыытыгар бастыҥ симментал боруода ынахтары Новосибирскайтан бэйэтэ көрөн-истэн, анаан талан аҕалтарбыт. Уопуттаах учуонай билигин да ол ынахтарын көрө-истэ, сүбэлии сылдьар.

Сарсыардааҥы ыам 7 чааска, киэһээҥи 18 чааска саҕаланар. Ыам кэмигэр ыанньыксыттар аппараат үлэлээн бүтэрин кэтэһэн олоро түһэллэр. Дьэ, үчүгэй сайдыылаах олох кэлбит диэн киһи сөҕө көрөр! Ынах биир ыамҥа 4 мүнүүтэ иһигэр 18 лиитэрэ үүтү биэрэр. Ыаммыт үүт туспа хоско турар сүүнэ улахан баахха шланганан кутуллар.

Эмискэ уот барда. Айманар киһи көстүбэт. Тустаах үлэлэрин толороллор, онон барыта бүтэн-оһон истэ.


Бүлүү улууһун сүрүн дьарыга — тыа хаһаайыстыбата. Сүөһү, сылгы ахсаанын элбэтиигэ улахан болҕомто ууруллар. Араас бырагыраамаларга киирсэн, хотоннору тутуу күүскэ барар. Холобур, 2015 сыллаахха — тоҕус, 2016 сыллаахха — 12 хотон тутуллубут. Бары судаарыстыбаттан өйөбүллээхтэр, онон соругу эҥкилэ суох толороллор. «Ампаардаах» пиэрмэтэ инники күөҥҥэ сылдьар. Күҥҥэ балтараа туоннаҕа тиийэ үүтү «Сыа Бүлүү» кэпэрэтиипкэ туттарар. Онтон сороҕо атыыга барар, атына иэдьэгэй, кефир, суорат буолан, нэһилиэнньэҕэ атыыланар.