«Улуус олоҕо»: Бурдуктаах, сылгылаах “Биэттэ” хаһаайыстыба олохтоохторго үлэ миэстэтин тэрийэр

1220

“Улуус олоҕо” бырайыакпыт чэрчитинэн Уус Алдан улууһун Баатаҕай нэһилиэгэр сырыттыбыт. Манна бурдугу үүннэриинэн уонна сылыгыны иитиинэн дьарыктанар “Биэттэ” ХЭТ үлэтин туһунан билистибит. Хаһаайыстыба туһунан сиһилии «Улуус пааспарыгар» кэпсиибит.


“Биэттэ” тэриллии дириэктэринэн Семен Сивцев үлэлиир. Хаһаайыстыба үлэлээбитэ номнуо алтыс сылыгар барбыт. Семен Васильевич Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятын инженер-механик идэтин ситиһиилээхтик бүтэрэн, бэйэ дьыалатын арынарга быһаарыммыт. Бу иннинэ “Сахаземпродукт” тэрилтэҕэ үлэлээн уопутуран баран, кэлин “Биэттэни” арыйан күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии-хамныы сылдьар. Баатаҕай нэһилиэгэр маннык хайысхалаах соҕотох тэрилтэ буолар.

Уус Алдаҥҥа төһө даҕаны бурдук ыһар бааһынаны сөргүтэн, чөлүгэр түһэрэр ыараханын иһин, биэттэлэр мантан чаҕыйан олорон хаалбатахтар. Баатаҕай нэһилиэгин сиригэр-уотугар 800 гектар бааһыналаахтар, онтон 510-гар бурдук ыһан, күһүннэри үрдүк үүнүүнү өлгөмнүк ылалларын иһитиннэрдилэр.

Ирдэбилгэ эппиэттэһэр буолан, саҥа тыраахтар, комбайн ылыммыттар. Субсидияны туһанан, предпринимателлэри өйүүр фонда көмөлөһөн, сир оҥорор тиэхиньикэлэри, тыраахтыр ылан үлэлэтэллэр.

Семен Сивцев

Ыһар сиэмэлэрин урут “Сахаземпродукт” тэрилтэ хааччыйар эбит буоллаҕына, билигин ыһар сиэмэлэрин бэйэлэрэ дьаһанар буолбуттар. “Күһүн хомуйбут сиэмэбитин үөрэтэн көрүү түмүгүнэн, толууларын ордорон аныгыс ыһыыга бэлэмниибит. Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институттан атын суортаах бурдугу атыылаһан ыһабыт. Уоҕурдууну быһалыы соҕурууттан чэпчэки сыанаҕа сакаастаан ылабыт. Былааммытын сылын аайы толоробут. Бурдукпутун, сэбиэскэй кэмтэн ордубут ыскылааты өрөмүөннээн, онно харайабыт. Икки сыллааҕыта аныгылыы аарка быһыылаах ыскылаат туттубуппут. Маныаха улуус дьаһалтата көмөлөспүтэ”, — диэн дириэктэр сэһэргиир.

“Биэттэ” бурдук үс көрүҥүн ыһар. Эбиэһи нэһилиэнньэ хамаҕатык ылан туттар, саамай үүннэрэр көрүҥнэрин сэлиэһинэйи Хаптаҕайдааҕы собуокка тута батараллар, оттон дьэһимиэни дьон кууруссаҕа, сибиинньэҕэ диэн ыларын кэпсээтилэр.

Тэрилтэ алта киһилээх. Оттон сайынын дуогабар түһэрсэн, отут үлэһиккэ тиийэ буолар: отчуттар, бүтэй тутааччылар, бааһына харабыллара. Онон олохтоох нэһилиэнньэҕэ үлэ миэстэтэ арыллан, Баатаҕайга бары дьарыктаах курдуктар.

Уус Алдан улууһун дьаһалтата тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанааччылары олуһун өйүүр. Ол курдук, “Биэттэ” ХЭТ учуонайдартан бурдук элитнай суордун ыларыгар, тиэхиньикэ атыылаһарыгар куруук көмөлөһөр. Олохтоох нэһилиэктэн көмө эмиэ куруук көрүллэр. Күрүө тутталларыгар диэн нэһилиэк бүддьүөтүттэн 200 тыһ. биэрбиттэр.

“Биэттэ” ХЭТ бурдугу үүннэрэрин таһынан сылгы иитиитинэн дьарыктанар. Саҥардыы дьарыктанан эрэр буоланнар, быйыл идэһэлээбэппит диэн былааннаммыттар. Эһиилгэттэн элбэх төрүөҕү күүтэллэр, оччотугар сылгы баазата туттан, оттуур сир булунан бу дьылаҕа күүскэ ылсыахтааахтар.

Тэрилтэм инник былаана элбэх. Өссө үчүгэй саҥа тиэхиньикэни ылыныахпытын, аныгы технологиянан үлэлиэхпитин баҕарабыт. Сиэмэбитин оҥорон таһаарыыга саҥа ньымалары толкуйдуохпут, бааһына кэҥэтиитигэр үлэлэһиэхпит. Сылыгыбыт төбөтүн элбэтиигэ кыһаллабыт”, — диэн Семен Васильевич үлэтин туһунан кэпсээни түмүктүүр.


«Улуус олоҕо» бырайыак өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун, айар-тутар үлэлэрин туһунан кэпсиир. Чуолаан кинилэр бэйэлэрин ситиһиилэринэн, кыһалҕаларынан тыа сиригэр олоҕу туталлар. Хас биирдии улууска тиийдэххэ, Саха сирэ олус да киэҥин, ураты күндүтүн билэҕин. Оччоҕо киһи ханна баҕарар олоруон, үлэлиэн, сайдыан сөбүн итэҕэйэҕин. Биллэн турар, кытыы сиргэ олохсуйуу чэпчэки буолбатах, ардыгар — ыарахан да диэххэ сөп. Ол гынан баран, тыа киһитэ барахсан төрөөбүт дойдутугар тапталын иҥэрэн, дириҥ ис хоһоонноох олоҕу салайсар.