Бүлүү улууһун Чинэкэтигэр олохтоох дьаһалта сүрүн тирэҕэ – уопсастыбаннай тэрилтэлэр. Манна өссө сэбиэскэй саҕаттан олоххо көхтөөх дьон бэрт тэрээһиннээхтик үлэлииллэр. “Улуус олоҕо” бырайыак суруналыыстарыгар “Ыллык” бэтэрээннэр кулууптарын уонна “Алаас” дьахталлар түмсүүлэрин чилиэннэрэ бэйэлэрин ыытар үлэлэрин туһунан кэпсии тоһуйдулар.
— 2013 сыллаахха нэһилиэк олохтоохторун күүһүнэн саха балаҕанын туппуппут. Бэтэрээннэр биирдии бэйэбит 1 тыһ. солк. кыттыһан, 60 тыһ. солк. тахса үбү хомуйбуппут. Баһылыкпыт Артур Протопопов уонна уруккута “Степан Аржаков” сопхуос прораба Василий Гуляев көҕүлээһиннэринэн, эр дьон мас кэрдибиттэрэ. Биһиги, дьахталлар, дэлээнэҕэ мас сыыһын хомуйан, сэбиэскэй кэмнээҕи курдук, бары саба түһэн субуотунньуктаабыппыт. Балаҕан ис-тас тутуутугар эмиэ нэһилиэгинэн үлэлээбиппит. Манна барытыгар бары бэйэ көҥүлүнэн, баҕа санаабытынан салайтаран сылдьыбыппыт. Онон бырааһынньык курдук буолан, барыбытын өссө ордук биир сыалга ситимнээбитэ. Билигин бэйэбит түмсэр балаҕаннаахпыт наһаа үчүгэй. Нэһилиэкпитигэр 1 тыһ. тахса киһи олороруттан, “Ыллык” бэтэрээннэр түмсүүлэригэр 100-кэтэ чилиэнинэн киирбитэ. Олор ортолоругар 26 ытык кырдьаҕас – тыыл бэтэрээнэ, 27 киһи — сэрии сылларын оҕолоро, — диэн билиһиннэрэр бэтэрээннэр сэбиэттэрин салайааччыта Раиса Сортоева.
Сэһэргэһиигэ “Алаас” дьахталлар түмсүүлэрин салайааччыта Марина Гуляева кыттыһар:
— Тэрилтэбитин гааһынан оттуллар автономнай хочуолунай ититэр, онон балаҕаммытын муусука оскуолатын балансатыгар киллэрбиппит. Быйыл мин манна бастакы муусука оскуолатын арыйбытым 41-с сыла. Былырыын оскуолабыт 40 үбүлүөйдээх сылын бэлиэтээбиппит. Балаҕаммыт аана сылы эргиччи аһаҕас. Оскуола оҕолоругар фольклор уруоктарын таһынан “ыллыктар” уонна “алаастар” араас тэрээһиннэри ыытабыт.
Чинэкэ уопсастыбынньыктарын эдэрдиин-эмэнниин сөбүлүүр тэрээһиннэрэ – “Өбүгэ оонньуулара”. Хабылыгы уонна хаамысканы тулуппаттар. Сэбиэскэй кэм оҕолорун бастыҥ оонньуулара “Харакы” (“Городки”) умнулла быһыытыйбытын эмиэ сөргүтэн, сааскы ылааҥы күннэр саҕаланнылар да, тапталлаах оонньууларын саҕалаабытынан бараллар.
— Оҕолорбутун интернеттэн тэйитээри сотору-сотору кырдьаҕас, орто саастаах, ыччат, оскуола оҕото састааптаах хас да хамаанданы тэрийэн, “Өбүгэ оонньууларыгар” күрэхтэһиилэри ыытабыт. Балаҕаммыт аттыгар саха ыалын былыргы олоҕун көрдөрөр аһаҕас халлаан анныгар мусуойдаахпыт. Бу мусуойбутун дьиэ кэргэттэр куонкурустарыгар туһанабыт. Ол курдук, суорунаҕа бурдук тартаран, былыргы сылабаары оргуттаран, илиинэн мас эрбэтэн, араас күрэхтэһиилэри тэрийбиппит, -диэн кэпсииллэр уопсастыбынньыктар.
Мария ИсаковаСалгыы бэтэрээннэр сэбиэттэрин салайааччыта Раиса Сортоева “Ыллык” чаҕылхай “сулустарын” биир-биир билиһиннэртээтэ. 90 сааһын туолаары сылдьар Мария Исакова олоҕун устата уопсастыбаннай үлэ диэн баран муннукка ытаабыт киһи. Ытык кырдьаҕас эһиил кулун тутар 15 күнүгэр 90 сааһын туолуохтаах.
— Биир да гастролтан маппаппын. Билигин сааһыран, тыыным кыайбакка, куолаһым “алдьанан”, ыллаабат буоллум. Сэбиэт сэкирэтээринэн, профсоюз бэрэссэдээтэлинэн, партийнай тэрилтэ сэкирэтээринэн, 20 сыл бэтэрээннэр сэбиэттэрин салайааччытынан үлэлээбитим. Нэһилиэкпитигэр кырдьаҕастар, орто саастаахтар, ыччаттар бары түмсүүлээхпит. Онон тугу эттиҥ да, “тук” курдук сүүрэ сылдьар дьоммут. “Чинэкэлэр дуо?” дэтэр иллээх нэһилиэкпит, — диэн кэпсиир Мария Хрисанфовна.
Бэтэрээн билигин да сүөһүтүн бэйэтэ көрөрүн кэпсиир. “Ынахтарбын дьарык оҥостон, бэйэм ыыбын. Оччоҕо дьэгдьийэргэ дылыбын. Түөрт кылаас үөрэхтээхпин. Сэрии бириэмэтигэр аармыйаҕа бараары гыммыппын, ылбатахтара. Аны бэтэринээргэ үөрэнэр санаалаахпын эппиппэр, эмиэ ыыппатахтара. Сунтаар Хоротуттан ыал буолаары, күрээн кэлбитим. 12 сыл аҕа киһиэхэ кэргэн тахсаары. Билигин бэйэбин бу үтүө дойдуну булбуппун дьолбунан ааҕабын”, — диэн бэйэтин туһунан билиһиннэрэр Мария Хрисанфовна.
Мария Веревкина88 саастаах Мария Веревкина Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрэн
баран, 54 сыл алын сүһүөх кылаас учууталынан үлэлээбит.
— 72 сааспар биэнсийэҕэ тахсыбытым. “Ыллыктарга” сылдьан олус арылдьыйабын, — диэн кэпсиир Чинэкэ үгүс көлүөнэтин иитэн таһаарбыт ытыктанар педагогическай үлэ бэтэрээнэ.
Евдокия МаксимоваМария Прокопьевна нэһилиэк историятын суруйбут, бэтэрээн үөлээннээхтэрин сырдаппыт кинигэлэрдээх, улуус хаһыатын уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ.
Лөкөчөөнтөн төрүттээх, Чинэкэҕэ олохсуйан олорор 81 саастаах Евдокия Максимова “Ыллыкка” сылдьан, эдэригэр түһэрин кэпсиир. Унтуу уонна бэргэһэ тигэр. Евдокия Гаврильевна: «Баччаларга сакаас саамай киирэр кэмэ. Халлаан сылыйдаҕына эрэ солотуйабын. Иллэҥсийдэхпинэ кылынан дьарыктанабын», — диэн санаатын үллэстэр.
“Ыллыктар” ытык кырдьаҕастарыгар киһи хайдах да 80-90 сааһы биэрбэт. Сэбиэскэй кэмҥэ таптаан ылланар: “Кырдьыы миигин дьиэбиттэн булуо суоҕа” — диэн ырыаҕа ылларыныы, “Ыллык” чаҕылхай сулустара өрүү олох үөһүгэр сылдьан айаллар, туталлар, ыччаттарга холобур буолаллар.
«Улуус олоҕо» бырайыак өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун, айар-тутар үлэлэрин туһунан кэпсиир. Чуолаан кинилэр бэйэлэрин ситиһиилэринэн, кыһалҕаларынан тыа сиригэр олоҕу туталлар. Хас биирдии улууска тиийдэххэ, Саха сирэ олус да киэҥин, ураты күндүтүн билэҕин. Оччоҕо киһи ханна баҕарар олоруон, үлэлиэн, сайдыан сөбүн итэҕэйэҕин. Биллэн турар, кытыы сиргэ олохсуйуу чэпчэки буолбатах, ардыгар — ыарахан да диэххэ сөп. Ол гынан баран, тыа киһитэ барахсан төрөөбүт дойдутугар тапталын иҥэрэн, дириҥ ис хоһоонноох олоҕу салайсар.