Улуус олоҕо: Чымынаайы эдэр бааһынайдара сүөһүнү-сылгыны элбэтэргэ туруммуттар

2421

Таатта улууһун пааспарын суруйууну салгыыбыт. Уус Аммаҕа, Таатта атын нэһилиэктэригэр курдук, кэлиҥҥи сылларга эдэр дьон бааһынай хаһаайыстыбатын тэринэн, сүөһү-сылгы иитиитигэр күүскэ туруммуттар. Сыччах бу Чымынаайыга үс сыл иһигэр алта уол Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин гранын ылан, үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Олортон биирдэстэрэ – Семен Хоютанов. Кини хаһаайыстыбатын хайдах тэринэн олорорун «Улуус олоҕо» бырайыакка кэпсиибит.


Семен дойдутугар Уус Аммаҕа 2005 сыллаахха кэлбит. Ол иннинэ Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа үөрэнэн, худуоһунньук идэтин ылбыт, онтон үргүлдьү лесник үөрэҕин бүтэрбит. Мас тардыһыытынан утумнаахтык дьарыктаммыт. Тааттаҕа кэлэн тутууга үлэлии сылдьан, 2008 сыллаахха нэһилиэк дьаһалтатын иһинэн спорт инструкторынан киирбит. Онтон 2015 сыллаахха хаһаайыстыба тэринэн баран, былырыын куонкуруска кыайан, балтараа мөлүйүөннээх көмө үбү ылбыт.

Семен Хоютанов Чымынаайыга саха тылын учууталынан үлэлии тиийбит Бүлүү кыыһа Ульяналыын ыал буоланнар, билигин түөрт оҕолоохтор. Икки улаханнара оскуолаҕа үөрэнэллэр. Үһүстэрэ быйыл бастакы кылааска киирэр. Төрдүстэрэ саҥардыы төрөөбүт. Хоютановтар онон нэһилиэк демографията тупсарыгар, этэргэ дылы, сэмэй кылааттарын киллэрбиттэр.

Манна сыһыаран эттэххэ, олохтоох оскуолаҕа 65 оҕо үөрэнэр, оҕо саадыгар 40 кырачаан сылдьар. Быйыл оскуола боруогун 9 үөрэнээччи атыллыыр. “Кэлин сылтан-сыл оҕобут ахсаана эбиллэн иһэр”, — диэн саҥа оскуола тутуутун туруорса сылдьар нэһилиэк олохтоохторо үөрсэллэр.

Хоютановтар иллэрээ сыл 7,5 х 6,5 иэннээх, икки этээстээх дьиэни ыччат бырагырааматынан туттан киирбиттэр. Онтун билигин бааһынайын граныттан көрүллэр харчынан ситэрэр, тупсарар. Толору хааччыллыылаах оҥостоору тэрилин-тээбиринин атыылаһан сытыарар. Ити гынан баран, хаһаайыстыба түбүгүттэн бириэмэ ордубакка, илиитэ тиийбэккэ сылдьарын билинэр. Сүөһүтүн-аһын бэйэтэ көрөр. Сайын ынах ыамыгар эдьиийдэрэ уоппускаларыгар көмөлөспүттэр.

Семен Семенович гранын үбүгэр биригээдэ наймылаһан, 40 төбө сүөһү биирдэ киирэр сэндвич панелларынан хотон туттубут. Ыанар ынаҕа – 10. Ыанньыгын 25-30 төбөҕө тиэрдэргэ суоттанар. Онон хотонун өссө кэҥэтэр баҕалаах.

Былырыын 8 туонна үүтү туттарбыт буоллаҕына, быйыл 14 туоннаны туттарар соруктаах. Төрүөх тахсыаҕын эдэр фермер нэһилиэккэ үчүгэй осеменатор суох буолан, искусственнай сиэмэлээһин тэриллибэтэ атахтыырын ыйар. Ынахтары түбэһиэх оҕус буоһатар. Семен сүөһүтүн таһынан икки үөр сылгылаах. Онон убаһалыын 30-ча сылгыны сайылатан эрэр.

Амма өрүс өҥ хочотугар олохтоох Чымынаайыга бааһынайдар баһыйа туталларын нэһилиэк тыа хаһаайыстыбатыгар көрдөрүүлэринэн бигэргэтиэххэ сөп. Нэһилиэккэ 18 бааһынай уонна 152 кэтэх хаһаайыстыбалаахтар. Барыта 586 ынах сүөһү баарыттан 355-ин, ол иһигэр 247 ынахтан 156-тын бааһынайдар бас билэллэр. Ону тэҥэ 662 сылгыттан 611-ин, 55 сибиинньэттэн 49-ун фермердэр иитэллэр. Онон 174 туонна эти уонна 332 туонна үүтү туттарар Уус Амма нэһилиэгэр бааһынай хаһаайыстыбалар ылар өлүүлэрэ баһырхай.


Саха сирин кылгас сайына — бааһынай хаһаайыстыбалар саамай туттумахтаан хаалар кэмнэрэ. Эбэһээтэлистибэ ылыммыт сылгыларын, сүөһүлэрин кыстатар отторун булунуохтарын, бу эрэ кэмҥэ үрүйэлии үллэр үрүҥ илгэлэрин байылыаттык туттаран, үгүөрү дохуот аахсыахтарын наада.