Улуус олоҕо: Дьиҥнээх туой буор Болугурга баар

951

Амма Болугуругар аҕалыы-уоллуу Степан уонна Илья Устиновтар туой буору эллээн, буһаран, саха иһиттэрин уонна сувенирдары оҥорон таһаараллар. Кинилэр тустарынан «Улуус олоҕо» бырайыакка кэпсиибит.


Туойунан дьарык былыр да, быйыл да сэдэх идэҕэ киирсэр. Сири-сибиири кэрийдим ини, кэрийбэтим ини, биир бэйэм туой буору булкуйа олорор дьону бу Болугурга эрэ түбэһэн көрдүм, көрүстүм.

Степан Прокопьевич “коммерческай кистэлэҥ” диэн тоҕо-ыһа кэпсээбэт гынан баран, дьыалатын хаһан, хайдах тэриммитин билиһиннэрдэ. Кини билигин 65 сааһыгар сылдьар. “Болугур” хаһаайыстыбаҕа мелиоратордаабыт, онтон үлэтиттэн тохтоон баран, биэнсийэтигэр эбинээри уонна дьарык гынаары 2001 сыллаахха туой оҥоһукка холонон көрөргө санаммыт.

Биһиэхэ, Болугурга, туой буор Амма өрүс кытылыгар баар, 20 сантиметртан 2 миэтэрэҕэ тиийэ дириҥҥэ сытар, — диир Степан Прокопьевич. — Узбек күтүөппүт дойдутуттан керамист-худуоһунньук Юрий Унсонович Кан диэн кэриэй киһитин аҕала сылдьыбыта. Кини биһиги туойбутун чинчийэн, боруобалаан көрөн баран, керамикаҕа барсар, хаачыстыбалаах диэн быһаарбыта. Миигин туойу хайдах эллииргэ, туттарга үөрэппитэ уонна оҥорон таһаарыыбын саҕалыырбар көмөлөспүтэ. Биир сылым инструмент, матырыйаал көрдүүрбэр, тэринэрбэр барбыта. Дьокуускайтан Биология институтуттан буфернай оһох ылан аҕалбытым. Индивидуальнай предприниматель буолбутум. Оччолорго кирэдьиит ылар ыарахан этэ. Ол иһин билэр-билсэр дьоммуттан иэс ылан, сыыйа төлөспүтүм.

Бу үлэлии олорор мастарыскыайдара “Болугур” ТХПК дьиэтэ эбит. Ону кэлин төлөһөн, бэйэтигэр ылбыт. ИП-тын иллэрээ сылтан бэттэх эдэр киһи үлэлээтин диэн Илья аатыгар көһөттөрбүт. Билигин уолугар настаабынньык, көмөлөһөөччү оруолугар сылдьар. Степан Прокопьевич долбуурдарга кыстанан турар оҥоһуктары – араас быһыылаах, кээмэйдээх чорооннору, көһүйэлэри, кытыйалары биир-биир ылан көрдөртөөтө. Балар киэргэл эрэ буолбакка, аска-үөлгэ туттуллар иһиттэр эбит. Сахалыы тупсаҕай ойуулаахтар, оһуордаахтар.

Буорун хостууртан саҕалаан барыта илии хара үлэтэ. Сайын туой хостоон, кумаҕын, сыыһын арааран-ыраастаан баран, кыһын үлэлиирбитигэр бэлэмнээн, буочукаларга уган хаһаанабыт. Атын тугу даҕаны булкуйбаппыт. Туой уонна уу. ”Тыыннаах” оҥоһук буолан, штамповкатааҕар сыаната 3-4 төгүл ыарахан. Оннооҕор кытайдар үтүктэн, түһэрэн ылан, станокка оҥороллоро сыаналаах баҕайы дии. Ону киһи аска кыайан туттубат, иһэ-таһа кырааска, лаах буолар, — диэн быһаарар уопуттаах туойдьут.

Мастарыскыайга киирээти кытта утары аан хос ортотугар эргэ улахан кирпииччэ оһох багдаллан турар. Маҥнай утаа туойдарын манна буһараллар быһыылаах дии санаабытым – сыыстарбыт эбиппин. Оһох аналынан дьиэни сылытар. Оттон оҥорбут туой иһиттэрин, сувенирдарын электричество күүһүнэн үлэлиир оһох иһигэр уган, 1000-тан тахса кыраадыс итиигэ диэри тутан, буһараллар эбит. Көрдөххө, боростуой тимир холбука курдук. Степан Прокопьевич оһоҕун бэйэтэ оҥостубут: уот сиэбэт матырыйаалын уонна спираль булан, олорун таҥан баран, ылтаһынынан бүрүйбүт.

Туой оҥоһук буспутун хараҕынан көрөн быһаарар. Онно аналлаах чуолҕаннаах.
Оҥоһук иккитэ буһарыллар. Иккиһигэр глазурьданар. Онно аналлаах иккис кыра оһохтоох, эмиэ бэйэ оҥоһуута. Собуот оһохторо олус сыаналаахтар уонна кээмэйдэринэн, кыамталарынан даҕаны улахаттар үһү, ол иһин барытын бэйэлэрэ оҥостубуттар. Оҥоһугу эргитэ сылдьан распылитель көмөтүнэн ыстарыллар, ол бустаҕына өҥнөнөн тахсар. Глазурун Москваттан ылларар. Талбыт дьүһүнү биэриэххэ сөп гынан баран, саха иһитигэр бороҥ, кытархайдыҥы бороҥ барсар диэн санаалаах.

Туой оҥоһук төһө барыстаах дьыаланый? Сылга төһө дохуоттанаҕыт?” – диэн ыйыппыппар Степан Прокопьевич: “Сылга ортотунан 300-чэ тыһ. солкуобайдааҕы оҥорон таһаарабыт гынан баран, батарыыта даҕаны эрэйдээх соҕус, түмүккэ тэҥ-тэҥэр тахсабыт. Сүнньүнэн уоту туттар буоламмыт, электроэнергияҕа сылга 60-70 тыһ. солкуобайы төлүүбүт. Уонна матырыйаалбытыгар (глазурун этэр) 100-тэн тахса тыһ. солкуобай барар. Ону таһынан киһи хараҕар көстүбэт хара үлэтин, күннээҕи түбүгүн аахтахха, ороскуота улахан, онон барыһа суох дьыала, доҕоор”, — дии хаалла.

Кырдьык, бу аһара быыллаах-буордаах, эрэйин улаханнык төлөппөт үлэҕэ чахчы бэриниилээх, сүрэҕинэн-быарынан ылларбыт эрэ киһи ылсара эрэбил. Өбүгэбит биир ураты төрүт дьарыгын тилиннэрэ-сөргүтэ сатыыр дьоммутугар үөһэттэн көмө-өйөбүл оҥоһулуннар диэн баҕа санаалаах бу кылгас бэлиэтээһиммин түмүктүүбүн.