“Чурапчы улууһун пааспарын” салгыы суруйабыт. Бүгүн биһиги С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ хайдах, тугу гынан олохтоохтор махталларын ылалларын, кырдьаҕастарга, бэтэрээннэргэ күүтүүлээх күндү ыалдьыт буолалларын туһунан кэпсиэхпит.
Хайа баҕарар нэһилиэккэ олох эргийэр киинэ – оскуола уонна кулууп. Хадаарга биһиги оскуолаҕа сырыттыбыт. Тоҕо диэтэххэ, өскөтүн кулууба суох төһө эрэ кэми киһи син тулуйан олоруон сөп эбит буоллаҕына, оскуолата суох — биир да күнү тулуйуллубата өйдөнөр. Онно эбии бүгүн кэпсиир үөрэхпит кыһата — уратылаах.
Бастакытынан, бу агро-хайысхалаах оскуола. Иккиһинэн – манна дьоруой-пионер Сима Сергеев аатынан пионерскай дружина баар. Үсүһүнэн, бу оскуола “Я – рыцарь пера” диэн кулуубугар биһиги эдэркээн коллегаларбыт – айар-суруйар баҕалаах оҕолор дьарыктаналлар. Бэлиэтээн эттэххэ, бу олох соторутааҕыта улуустааҕы “Саҥа олох” хаһыат эрэдээксийэтэ сыллата тэрийэр оскуола хаһыаттарын куонкуруһугар “Бөрүө рыцардара” кулууп юнкордарын «Хадаар кэскилэ» хаһыата бочуоттаах III миэстэни ылла.
Оскуолаҕа биһигини улахан кылаастар үөрэнээччилэрэ уонна иитэр үлэҕэ завуч Лидия Ивановна Лукина көрсөллөр.
Бу Хадаар таас оскуолата 2010 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. Сэттэ-аҕыс сыл буолбут диэтэххэ, дьиэ-уот сабыс-саҥатынан турар – ып-ыраас, сып-сырдык, элбэх күөх үүнээйилээх, сибэккилээх, барыта уурбут-туппут курдук, ис-киирбэх. Үчүгэй хаһаайын баара, үөрэнээччилэр оскуолаларын олус харыстыыллара тута харахха быраҕыллар. Билигин манна дириэктэринэн Александр Петрович Лукин үлэлиир. “Биир дойдулаахпыт, дьоруой-пионер Сима Сергеев төрөөбүт, оҕо сааһа ааспыт сиригэр хайаан даҕаны оҕо этэрээтэ баар буолуохтаах” диэбит киһинэн оччотооҕу дириэктэр Петр Васильевич Божедонов буолар.
Оскуолаҕа 83 оҕо: 47 уол уонна 36 кыыс үөрэнэр. 9-с кылаас үөрэнээччитэ Дима Никитин — оскуола бэрэсидьиэнэ. Үөрэнээччилэри “Сарыал” оҕо уопсастыбаннай хамсааһына, “Сыккыс” пионерскай этэрээт (бэрэссэдээтэл Сайыына Слепцова, 8-с кылаас) уонна “Кэскил” (алын сүһүөх кылаастарга аналлаах үлэ хайысхата) түмэллэр.
Оҕолор кэпсииллэринэн, “Сарыалга” 9-11 кылаастартан 16 үөрэнээччи баар. Бу хамсааһын иһинэн кулууптар үлэлииллэр: “Я — рыцарь пера”. Манна оҕолор хаһыат таһаараллар, айар үлэнэн дьарыктаналлар. Кылаабынай эрэдээктэр – 11-с кылаас үөрэнээччитэ Сайаана Дьячковская. Солбуйааччыта Лукина Тоня. “Я — юный эколог” – агро-оскуола буоланнар, оскуолаларын учаастагар хортуоппуй, оҕурсу, помидор, моркуоп, о.д.а. оҕуруот аһын арааһын үүннэрэллэр. Салайааччы Варя Титова, 10-с кылаас оҕото. “Хорсун” байыаннай-патриотическай кулууп чилиэннэрэ күрэхтэһиилэргэ кытталлар, бэтэрээннэргэ көмөлөһөллөр. Салайааччы – Артур Ноговицын, 10-с кылаас уола. “Эрчим” спортивнай кулууп үлэтин 10-с кылаас үөрэнээччитэ Ваня Николаев салайар. Оттон 7-с кылаас үөрэнээччитэ Валентин Климов “Я — предприниматель” кулууп бэрэссэдээтэлэ.
Дмитрий Никитин, оскуола бэрэсидьиэнэ:
— Биһиги оскуолабыт Аҕа дойду улуу сэриитин бэтэрээнэ, биир дойдулаахпыт, хорсун буойун Семен Дмитриевич Флегонтов аатын сүгэр. “Хорсун” байыаннай-патриотическай иитэр үлэни ыытыыга кулууптаахпыт. “Тимуровскай хамсааһын” оскуолабытыгар, үтүө үгэс быһыытынан, ыытыллар. Нэһилиэкпит кырдьаҕастарыгар көмөлөһөбүт – күһүн-саас хайаан даҕаны мас хайытан саһаанныыбыт, булууска муус угабыт, хаар күрдьэбит, күһүн хортуоппуй хостуубут, отонноон биэрэбит, туох үлэ баарынан барытыгар көмөлөһөн иһэбит. Соторутааҕыта Мындаҕаайыга “Снежный барс” күрэхтэһиигэ кыттан кэллибит, 15 хамаандаттан 8-с буоллубут. Бу күннэргэ кыргыттарга “көрдөөх стартар”-га хабааннаах күрэхтэһиини ыытыахпыт.
Рита Рахматуллина, “Сарыал” Оҕо хамсааһынын бэрэссэдээтэлэ, 10-с кылаас:
— Мин улахан кылаастарга эппиэтинэстээхпин. Биһиги сүрүн сорукпут – бастатан туран, үөрэх. Үөрэх-билии өттүнэн улууспутугар үчүгэй ахсааҥҥа сылдьабыт. Улахан ситиһиибит – былырыын агро-оскуола буолбуппут. “Тимуровскай хамсааһын” биһиэхэ үчүгэйдик сайдар. Тиэргэҥҥэ үлэ таһынан, хас сыл аайы күһүн кырдьаҕастарбытыгар, үлэ бэтэрээннэригэр хайаан даҕаны 1-дии биэдэрэ отон хомуйан аҕалабыт, аны күһүн-саас туостуубут, ону бэтэрээннэрбит дьиэҕэ-уокка тутталлар, ким эрэ ыаҕыйа, араас туос иһит, киэргэл тиктэр. Үөрэнээччилэр туохха барытыгар көхтөөхтөр. Оскуолабытыгар бу саас муус устарга “Флегонтовскай ааҕыылар” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии ыытыллыаҕа, билигин онно бэлэмнэнэбит.
Кырдьык, оҕолор бары даҕаны бэрт сэргэхтэр, билиигэ-көрүүгэ баҕалаахтар, дьулуурдаахтар. Холобур, оскуола бэрэсидьиэнин Дима Никитин туһунан кэлин ыйыталаһан билбитим, кини “Мин сахалыы аатым” диэн өйтөн суруйууга өрөспүүбүлүкэҕэ I миэстэни ылан, Үөрэх министиэристибэтин “Бэс чагда” чэбдигирдэр-сынньатар, үөрэтэр киинигэр путевканан наҕараадаламмыт. Манна кини “Рыцари пера” симиэнэҕэ “Лучшая репортажная съемка” номинация кыайыылааҕынан тахсыбыт. Ити курдук, оҕолор ситиһиилэрэ үгүс. Ону, Хадаар оскуолатыттан уопсайа 10 үөрэнээччи араас хайысхаҕа ситиһиилэнэн, “Океан” лааҕырга сынньаммыта эмиэ туоһулуур. Оттон 20 үөрэнээччи “Золотое кольцо России” билии-көрүү маршрутунан айаннаан кэлбит. Оҕолор Арассыыйа таһымнаах күрэхтэһиилэргэ миэстэлэһэллэр. Тимуровскай үлэлэрин сайыннараллар, “Доброволец”, “Аһымал” акцияларга олус көхтөөхтөр.
Оскуола бэртээхэй мусуойдаах. Манна Сима Сергеевкэ аналлаах хос баар. Атын да историческай экспонатынан мусуой олус баай. Ол эрээри, бу тиэмэни биһиги анаан сырдатыахпыт дии саныыбын. Оттон билигин, дьоруой-пионер Сима Сергеев туһунан истиэҕиҥ.
Антонина Лукина, “Я — рыцарь пера” кулууп салайааччыта:
— Сима Сергеев туһунан кэпсээтэххэ — кини 1931 сыллаахха сэтинньи 3 күнүгэр Уорҕа учаастагар күн сирин көрбүтэ. Аҕа дойду Улуу сэритин кэмигэр, 1942 сыллаахха, уоруйахтан холкуос баайын-дуолун көмүскүү сылдьан, 11 саастаах эдэркээн, хорсун оҕо күн сириттэн барбыта… Биһиги биир дойдулаахпыт Сима Сергеев сырдык аатын үйэтитэн, араас тэрээһиннэри үрдүк таһымҥа ыытабыт. Бу пионерскай этэрээт тэриллиэҕиттэн 15 бастыҥ бэрэссэдээтэлэ уонна “Сыккыс” пионерскай дружина бэрэссэдээтэллэрэ Сима Сергеев аатынан лауреат буолар чиэстэммиттэрэ. Этэрээппитигэр 5-тэн 8-с кылааска диэри уопсайа 26 оҕо баар. Этэрээппит актыыптаах. Лиидэр – Сайыына Слепцова, солбуйааччыта Андрей Ноев (6 кыл), спортивнай сектор – Айтал Герасимов (6 кыл), үөрэх секторыгар эппиэттээх Миша Рязанскай (6 кыл), доброволец – Камилла Герасимова. Сима Сергеев куруутун дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөлөһөрүн сөбүлүүрэ, ол иһин, биһиги хас күһүн аайы “Операция “туос”, “Операция “отон” акциялары ыытабыт. Саас аайы “Тимуровскай үлэ” күүстээхтик барар. Пионердар диэн – кыһыл хаалтыстаах, маҥан ырбаахылаах, үтүө санаалаах үөрэнээччилэр. Ийэ сирдэрин көрө-истэ, харыстыы сылдьаллар, хас биирдии оҕоҕо холобур буолаллар. Пионердар куруутун инникилээн иһэллэр, кинилэр үтүөҕэ тардыһаллар, эрчимнээхтэр уонна кыайыыга дьулуурдаахтар. Хас сыл аайы ыам ыйын 19 күнүгэр — Пионер күнүгэр — этэрээттэр “Саал Хайа” диэн сиргэ мустабыт. Хамаандаларга арахсаммыт араас оонньуулары, күрэхтэһиилэри ыытабыт. Бу тэрээһин бастаан оскуолабыт иһинэн буолара, онтон 2015 сылтан саҕалаан улуустааҕы таһымҥа тахсыбыппыт. Манна пионерга ылыы буолар, саҥа киирээччилэр андаҕар тылларын этэн, доргуччу речевкалаан, ырыа ыллаан, кыһыл хаалтыс баанан, пионерскай этэрээккэ ылыллаллар. Ону таһынан, саастарынан пионертан тахсар оҕолорбутун атаарабыт. Кутаа тула олорон, бука бары “Взвейтесь кострами…” ырыаны үөрэ-көтө ыллыыбыт. Оттон хаар уулларын саҕана саас пионерскай этэрээттэр Сима Сергеев төрөөбүт дойдутугар Уорҕаҕа тахсан, пааматынньыгын көрөбүт-харайабыт, ыраастыыбыт, саҥардан кырааскалыыбыт уонна Уорҕа олохтоохторугар көмөлөһөбүт, үтүө дьыалалары оҥоробут.
Дьоруой-пионер Сима Сергеев биир дойдулаахтара – Чурапчы улууһун Хадаар орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ үчүгэй үөрэхтэринэн, түмсүүлээхтэринэн, үлэһиттэринэн, кыайыыга дьулуурдарынан, олоххо көхтөөх позицияларынан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биир саастыылаахтарыгар чаҕылхай холобур буолаллар.