Горнай улууһугар Кэптиҥҥэ саҥа тутуу элбэх. Атын сиртэн кэлбит киһи хараҕар тута быраҕыллар. Тутуу барыыта 700-кэ нэһилиэнньэлээх кытыы дэриэбинэ сайдыытыгар сүҥкэн оруоллааҕа чахчы. «Улуус олоҕо» бырайыак суруналыыстара эдэрдэргэ тутуллубут дьиэни көрдүлэр.
Манна кэтэх ыаллар дьиэлэрин киин ититэр ситимҥэ холбооһун бырагыраамата үлэлээбитэ, тыа сирин олоҕун быдан чэпчэппит. Ордук кырдьаҕастар абыраммыттар. Былырыын 36 ыал холбоммут буоллаҕына, быйыл 12 ыал оһох оттор түбүгүттэн босхоломмут. Дьэ, бу үчүгэй, киһи сэргиир хамсааһына.
Олохтоохтор үөрэ кэпсииллэрэ манан муҥурдаммат. Дьиэлэрин толору хааччыллыылаах оҥосторго кыах үөскээбитин бэлиэтииллэр. Бу соторутааҕыта толору хааччыллыылаах 4 кыбартыыралаах уопсай дьиэ тутуллан киирбит. Уруккута дьыссаат дьиэтин ыччатынан көтүттэрэн, туһаҕа таһаарбыттар. Нэһилиэк дьаһалтата бу дьиэҕэ эдэр исписэлиистэри олордорго быһаарыммытын хайгыахха эрэ сөп.
Бу саҥа дьиэ олохтоохторунан кимнээх буолбуттарын билээри киирэ сырыттыбыт. Сып-сырдык дьиэ иһигэр эдэр ыал ийэтэ Марфа Яковлева кыракый кыысчаанын тэрилтэтигэр илдьээри тиэтэйэ-саарайа сылдьара. Киирээти кытта аан утары кэҥэс туалет уонна суунар хос бииргэ оҥоһуллубут. Кыракый кыысчаан баттаҕын да ситэ өрдөрбөккө, киэн туттубуттуу ол хос аанын арыйан көрдөрө охсоору сүүрдэ.
Эдэр ыал Яковлевтар манна Бүлүү Халбаакытыттан көһөн кэлбиттэр. Марфа Алексеевна олохтоох култуура дьиэтигэр уус-уран салайааччынан анаммыт. Режиссер идэлээх эдэр киһи кэпсиирэ-ипсиирэ, туттара-хаптара да атын. Кини манна үлэлии кэлэригэр эдэр исписэлиистэргэ туох көмө баар буолуон сөбүн туһунан туоһуласпыт. Онуоха нэһилиэк дьаһалтата дьиэ тутуллан үлэҕэ киирээри турарын туһунан эппиттэр. Итини бэрт сэргии истэн, бу Кэптиҥҥэ көһөн кэлбиттэр.
“Олорор дьиэлэннибит, оҕобут “Мичээр” оҕо саадыгар киирдэ. Бэйэбит үлэ буллубут. Үлэлииргэ-хамныырга онтон ордук туох баар буолуой? Сыыйа-баайа тэринэн иһиэхпит буоллаҕа дии”, — диир Марфа үөрбүттүү.
Марфа Яковлева үлэлии киирбит кулууба СӨ култуура уонна искусство президентскэй кииннэрин тиһигэр киирэн, 2013-2015 сылларга СӨ Ил Дарханын гранын ылыыга куонкурус кыайыылааҕынан тахсан, 3 мөл. солк. граны ылбыт. Бу үбүнэн кулууп иһин эпсиэйдээбиттэр, ыллыыр-туойар сценаларын саҥардыбыттар, кулууп тиэргэнин тимир илииһинэн күрүөлээбиттэр, ис-тас көстүүтүн тупсарбыттар, көстүүм атыыласпыттар. Киэҥ хайысхалаах култуура киинигэр библиотека, мусуой, кулууп үлэлииллэр. Өссө сиэрин ситэрэн, итии туалеттаах буолуоҕа. Онно анаан септигин хаһан бэлэм оҥорбуттар.
Дьэ, маннык тупсаҕай култуура киинигэр Марфа Яковлева курдук эдэр исписэлиистэр үлэлииллэр.