Улуус олоҕо: Үөһээ Бүлүүгэ аны кэтэх ыаллар билиитэлэри оҥорторуохтара

525

СӨ Ил Дархана былырыын биллэрбит Тупсарыныы сыла ханан даҕаны хамсааһыны таһаарбыт. Ону “Улуус олоҕо” бырайыак чэрчитинэн Үөһээ Бүлүүгэ сылдьан эмиэ илэ харахпытынан көрдүбүт.


Сахалар да тротуар билииккэтин оҥорууну баһылаабыт дьон баар буоллулар. Ааспыт сырыыга Нам улууһугар итинник предприниматель баарын туһунан суруйбуппутун дьон сэргээн аахпыта. Кырдьыга даҕаны, үтүө хамсааһын түргэнник тэнийэр. Үөһээ Бүлүү эдэр предпринимателэ Василий Корякин даҕаны киниттэн хаалсыбатах.

Василий Данилович 2013 с. СӨ экономическай сайдыыга министиэристибэтин ыыппыт куонкуруһугар кыттан, бизнес-былаан көмүскээбитэ. Онтон тирэхтэнэн субсидия ылан, билигин билиитэни оҥорон таһаарыы улууска тохтообот. Алта үлэһиттээх. Билиҥҥи туругунан 5000 кв. м. билиитэни оҥорбуттар. Үлэһиттэр бары олохтоох уолаттар. Онон Саха сиригэр сонун хайысхаҕа олохтоохтор кыттан эрэллэриттэн үөрүөххэ эрэ сөп.

Үлэбит түмүгүн син көрөн эрэбит. Ол курдук, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр Ленин уулуссатыгар уонна “Манчаары оонньуулара” ыытыллыахтаах САССР 50 сыла уулуссаҕа (стадион турар уулуссата) былырыын сайын биһиги билиитэлэрбитин тэлгэттилэр. Дьон биһирээбитэ сүргэбитин көтөхтө. Быйыл 4000 кв. м. бэлэмниэхпит диэн ааҕан-суоттаан олоробут. Дизайнын уларытар баҕаттан быйыл Новосибирскайга 7 көрүҥ халыыбы сакаастаатым. Билиҥҥитэ кыһыл эрэ өҥнөөҕү оҥоро олоробут. Араҥас, от күөҕэ эҥин дьүһүннэринэн кутуохпут. Онон кырааскабытын эмиэ Новосибирскайтан ылыахпыт, — диир предприниматель.

Быйылгыттан кэтэх ыаллар тиэргэннэригэр тэлгииргэ анаан билиитэлэри оҥоруохтара. Маннык билиитэлэри былырыын мирнэйдэр, сунтаардар кытта сакаастыы сылдьыбыттар. Ол аата куорат, тыа сирин олохтоохторо билиитэлэргэ наадыйыыта улаатар, интэриэс үрдүүр чинчилээх. Сөп ээ, дьон аныгы үйэҕэ сөп түбэһэрдии тэринэн олоруохтарын баҕараллар. Олорго маннык таһаарыылаах үлэлээх предпринимателлэр күүс-көмө буолуохтара турдаҕа.

Биллэн турар, оҥорон таһаарыы буоларынан ороскуота ботуччу диэххэ сөп. Цемени Мохсоҕоллоохтон сакаастаан тастарабын. Аҥардас тиэйэн аҕалыыта 120 тыһ. солк. буолар. Ону таһынан цеменин сыанатын эбэн кэбиһиҥ. Ол үрдүнэн атыылыыр сыанам Дьокуускай ырыынагар тэҥнээтэххэ 25 солкуобайынан эрэ ыарахан, — диэтэ дьоҕус хаһаайыстыбатын көрдөрөрүн быыһыгар аныгылыы өйдөөх-санаалаах Василий Данилович.

Василий биир сиргэ туруон баҕарбат. Оҥорон таһаарыыта сайдыан, тэнийиэн баҕалаах. Ол иһин үөһээ ахтан аһарбытым курдук, аны кэтэх ыаллары хааччыйар баҕалаах. Оччоҕуна “Манчаары оонньууларыттан” тирэхтэнэн, сайдыыга дьулуһар Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ, нэһилиэктэрэ даҕаны өссө тупсуо этилэр.

Күн аайы хайдах салгыы сайдабын диэн толкуйдуубун. Билиитэни таһынан тутуунан дьарыктанабын. Элбэҕи ааҕа-билэ сатыыбын. Ландшафтнай дизайн диэни сайыннарар баҕалаахпын. Ону анаан-минээн үөрэтэ сылдьабын. Көрөн иһиэхпит, туох тахсарын, — диэтэ кини бэрт сэмэйдик.

Биһиги сыахха сылдьар кэммитигэр Вячеслав Семенов билиитэ киэбин анал булкааһынынан толорон биэрэ сылдьара. Ону бэйэтэ “улахан ромашка”, “кыра ромашка” диэн бэрт астынан ааттыыр. Дьэ, онон кумах, цемент, кытаатыннарар эттик көмөтүнэн бэртээхэй сибэккилэр буолан тахсаллар. Бэл, кыһыҥҥы тымныыга ити сибэккилэр хараҕы үөрдэллэр.

Онтон Алексей Семеновы мэһийии үлэтин баһылаабыт киһи диэххэ сөп. Дьокуускайга олорор кэмигэр маннык үлэнэн дьарыктаммыта көмөлөөх буолбут. Онон саха сатаабатаҕа диэн суох.

Инникитин уолаттар оҥорбут билиитэлэрин бэйэлэрэ тэлгэтэр баҕалаахтар. Оччоҕуна оҥорон таһаарыыларын кээмэйэ өссө үрдүө этэ.

Аны сайын буолаары турар “Манчаары оонньууларыгар” бэлэмнэнэн, саас эрдэттэн Василий Корякин сыаҕа олох күүскэ үлэлиир баҕалаах. Ол ууруллубут билиитэлэр хайдахтарын оонньуу кыттыылаахтара, ыалдьыттара сыаналыахтара турдаҕа.