Сахамедиа “Улуус олоҕо” анал бырайыагын суруналыыстара, командировкабыт бастакы күнүгэр, тута Чурапчы улууһун “Саҥа олох” хаһыатын эрэдээксийэтигэр кэллибит. Хаһыат — норуот санаатын түмэр. Кумааҕы хаһыакка бастаан телевидение үлэһиттэрэ күүстээх конкуренцияны оҥорбуттара, онтон интернет кэлбитэ. Маннык усулуобуйаҕа биир идэлээхтэрбит хайдах “ыал буолан” олороллор, туох кыһалҕалаахтарый, туох ситиһиилээхтэрий, тугунан тыыналларый, норуот санаатын хайдах түмэллэрий? Ол туһунан салгыы — «Чурапчы улууһун пааспарыгар» кэпсиибит.
Чурапчы улууһун олохтоох хаһыатын кылаабынай эрэдээктэрэ Афанасий Захаров биһигини видео-кэтээн көрүү экранынан көрө олорор эбит, онон, соһуйбата, үөрэ-көтө көрүстэ.
— Афанасий Афанасьевич, эһигини быйыл үлэлэригэр элбэх саҥаны киллэрдилэр дииллэр. Ол туһунан кэпсээ эрэ.
— Саҕалааһыннар бааллар, ол төрүөттэрэ араас. Бастатан туран, ааспыт сыл түмүктэринэн, хаһаайыстыбаннай өттүнэн балаһыанньабыт үчүгэй. Биһиги хаһыат эрэ бэчээттээбэппит, кинигэ уонна үгүс полиграфическай бородууксуйаны эмиэ оҥоробут. Онон, эрэдээксийэ өттүн, типография өттүн, араас хайысхалар буолалларынан, тус-туспа былааннаан үлэлиибит. Хаһыат өттүгэр сүрүн болҕомтобут – тираж, жанр арааһа уонна уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрбитин кытта үлэ буоллаҕына, производственнай өттө – кинигэ бэчээттээһинэ уонна атын араас сакаастарынан бүддьүөтү таһынан харчыны киллэрии.
Билигин дьон, дьиэ кэргэттэр кинигэни балачча сакаастыыр буоллулар. Улууспут дьаһалтата сакааһын эмиэ биһиэхэ түһэрэр. Улуус баһылыга Андрей Тимофеевич Ноговицын хаһыат уонна полиграфия үлэтигэр болҕомтону уурар, сайдам санаалаах, аныгылыы толкуйдаах салайааччы. Онон, улууспут духуобунаһы, култуураны өйүүр буолан, биһиги, холобура, бэйэбит суруйааччыларбытыгар эмиэ көмөлөһөр кыахтанабыт. Норуодунай суруйааччыбыт Сэмэн Тумат Өндөрүүскэ Саабын туһунан кинигэтин таһаарбыппыт. Олохтоох суруйааччыбытын Сомоҕону өйүүбүт. Тумат кэпсэтиитинэн, көһөрүү 75 сылынан ааптар Семен Шамаев “Булуҥ кыыһа” кинигэтин бэчээттээбиппит.
Үс тэрилтэлээхпит – Чурапчытааҕы физическэй култуура уонна спорт института, колледж уонна агротехникум. Кинилэр – биһиги бастайааннай килийиэннэрбит. Сакаастара, олус улахан диэбэтэргин даҕаны, киирэ турар. Суһал хаартысканы бэчээттииргэ эмиэ ылсабыт.
Итинник эрэ дьаһаннахпытына, дьоммутугар бириэмийэ — хамнастарыгар эбилик буолар. Маны таһынан, эрэдээксийэ тэрийэр үлэтэ үгүс — араас куоҥкурустары, күрэхтэһиилэри ыытабыт. Ол эмиэ барыта үбү-харчыны эрэйэр буоллаҕа.
— Өрөспүүбүлүкэҕэ көдьүүстээхтик үлэлээһин болҕомто киинигэр сылдьар, онон сиэттэрэн эрэдээксийэлэргэ “оптимизация” ыытыллан эрдэҕэ. Эһиэхэ хайдаҕый?
— Оптимизация барда. Ол эрээри биһиэхэ олус ыарыыта суох ааста диэхпин сөп. Саастара кэлбит дьоммун кытта эрдэттэн кэпсэтэн, соһуччу буолбатын курдук сэрэтэн, өйдөһөн, оттон ким эрэ бэйэтэ атын үлэҕэ баран, сорох техүлэһиппитин аутсорсиҥҥа ыытан, барытын сыа-сым курдук салайынныбыт. Онон, айар үлэһит билигин биэспит: эрэдээктэр, эппиэттиир сэкирэтээр Анна Захарова, үс суруналыыс – отдел сэбиэдиссэйэ, уопуттаах Алексей Слепцов, саха тыла үөрэхтээх, кэпсээнньит уонна фотограф Семен Жендринскэй. Кини биһиэхэ Үөһээ Бүлүүттэн кэлбитэ, итиэннэ эдэр суруналыыс Марфа Петрова. Быйыл “Саҥа олохтон” Нарыйаана Бурцева “Полиграфист года” ааты ылла. Бэчээттээччилэрбит киһи эрэнэр дьоно – уопуттаах Федор Протодьяконов, Савва Павлов — Сунтаар уола, күтүөт, Аксиния Лыткина эбии кинигэ таһыгар исписэлиис, Дмитрий Семенов хочуолунайбытын үлэлэтэр. Ити курдук.
— Саҕалааһыныҥ “төрүөттэрин” туһунан сырдата түс эрэ.
— Бастатан туран, “Биир сомоҕо” диэн медиабырайыак оҥорон, нэһилиэктэрбитин сырдатабыт – нэһилиэк пааспара диэн буолар. Бу улууспут дьаһалтатын кытта сүбэлэһэн оҥоруллубут бырайыак, былырыын саҕалаабыппыт. Хас биирдии нэһилиэк сылга 4-тэ босхо тахсар. Нэһилиэк баһылыга кимий диэнтэн саҕалаан, оскуола, оҕо саада, үчүгэй, интэриэһинэй сонуннар бэчээттэнэллэр. Иккис таһаарыыга уопсастыбаннай тэрилтэлэр үлэлэрэ сырдатыллар. Үһүс – бэйэлэрэ тугу баҕаралларынан. Бу барыта нэһилиэктэрбитин түмэр. Итиэннэ уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэр институттарын тэрийии. Тоҕо диэтэххэ, уопсастыбанньыктарбыт сааһырдылар, соччо суруйбат буоллулар. Онон, саҥа дьону чугаһатабыт. Саас кулун тутарга туох баар нэһилиэктэрбититтэн уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрбитин түмэн, сэминээр, маастар-кылаас ыытыахпыт. Хайы-үйэҕэ матырыйаалларын ыыталаан эрэллэр, онон үчүгэй.
Аны бэйэбит сыһыарыыларбыт туһунан кэпсиир буоллахха, бу эмиэ бырайыактар. Дьонум хамнаһын үрдэтээри хас биирдиилэригэр анал балаһалары туттардым. “Уйгу кыһата” — “Чурапчы” ТХПК үлэтин, бэлиитикэтин сырдатабыт. Дьон олус кэтэһэр. Үөрэх управлениетын кытта “Төрөөбүт соругум” сыһыарыы. Манна бүччүм сыалбыт – учуутал араҥатын сурутууга угуйуу. “Маарыкчаан ыччаттара” – ыччакка уонна “Тиэргэн” – дьиэ кэргэҥҥэ ананаллар. Уонна, биллэн турар, “Чурапчы — спорт туоната”. Улуус киинин – Чурапчы нэһилиэгин, баһылык Степан Саргыдаевы кытта бэркэ үлэлэһэбит. Холобур, улууспутугар История сылыгар “Воинам-журналистам, полиграфистам” пааматынньыгы туруорарбытыгар көмөлөспүттэрэ.
Биллэрин курдук, кумааҕы хаһыат тираһа түһүүтэ бүтүн Арассыыйа үрдүнэн көстүү буолла. Биһиэнин ахсаана 1325. Онон, биир сүрүн саҕалааһыммыт – электроннай хаһыакка киирэн эрэбит. Оптоволокно кэллэ, нэһилиэк аайы интернет күүһүрэн иһэр. Сурутааччыбыт 50-тан таҕыста. Биһиэхэ олох саҥа аудитория киирэн эрэр. Эдэрдэри, орто саастаахтары өссө күүтэбит. Дьиҥэр, саайка киирэн суруттарыыны 2012 сылтан ситиһэ сатаабыппыт. Инстаграмҥа сурутааччыбыт 1250-тэн таҕыста. Саайт өттүгэр, билигин, туох баар улуус хаһыаттарыгар биир кэлим былаһаакка аһыллыахтаах. Онно үлэлэһиэхпит.
Онон, биһиги электроннай хаһыаппытыгар сайаапката түһэриҥ, ааҕыҥ диэн ыҥырабыт. Чурапчы сонунун барытын билэ олоруоххут. Куораттары ыллахпытына, дьэ, элбиэхпит, табыллыахпыт этэ.
Нэһилиэнньэҕэ кумааҕы хаһыат – сахалыы тыыннаах улуус хаһыата — уу курдук, олус наада. Хаһыат кэллэҕинэ дьон үөрэр. Ону өйдүүбүт, ити хайысхаҕа үлэлиибит.
— Эһиги нэһилиэнньэҕит олоҕун бэркэ билэҕит. Дьон туох этиилэрдээх, ыйытыылардаах кэлэр? Үҥсүү, кириитикэ киирэр дуо?
— Үҥсүү дэммэтэ дуу. Уопсайынан, резонанстаах боппуруостарга суруктар киирэллэр. Ону сокуон хараҕынан көрөн таһаарабыт, биитэр таһаарбаппыт. Холобур, хааччыйыы эйгэтигэр – хаҕыс сыһыаҥҥа сурук киирээччи. Онуоха хоруй ылабыт. ОДьКХ үлэтин итэҕэстэригэр хам-түм сурук баар буолааччы, ону быһаарсабыт. Бу соторутааҕыта отчуокка сылдьан көрдөххө-иһиттэххэ, учуутал, эмчит уонна култуура үлэһитин хамнастара үрдээн, ити боппуруос таарыллыбат буолбут. Арай, үүт сыанатыгар индексацияны туоһулаһаллар. Биллэн турар, барыта уу-нуһараҥ буолбатах. Оттук – ГСМ, уматык, сэлээркэ сыаната ыарыыра дьону долгутар. Сылгы кыстыгар уустуктар үөскээбиттэр. Сылгыһыттар чэпчэтиилээх сүөһү сиир бурдугун туруорсаллар. Билигин ити боппуруос үөрэтиллэ сылдьар. Биһиги биир да суругу, этиини болҕомтото суох хаалларбаппыт.
— Афанасий Афанасьевич, эн кабинетыҥ эркинигэр ким ох саалара ыйанан тураллар?
— Бу — саха ох саалара. Маастар Павел Константинович Попов Мындаҕаайы олохтооҕо. Бу дьарыгынан кини өрөспүүбүлүкэҕэ бастаабыта. Саха оҕо – саҥа көрүҥ, ону тарҕатыахтаахпыт. Мин спортивнай интэринээт-оскуоланы бүтэрбитим, Стасовка үөрэммитим. Оҕунан ытыыга маастарга кандидат нуорматын толорбутум. Салгыы спортка барбакка, физик үөрэҕин талбытым. Эрэдээксийэбэр 2005 сыллаахха, манна биллиилээх суруналыыс Спартак Чичигинаров, бэйиэттэр Роман Данилов (С.Р.Данилов), Мария Михайлова-Сидорова курдук суруналыыстыка аксакаллара баар эрдэхтэринэ – үчүгэй кэмҥэ кэлбит эбиппин. Учууталларым буоллахтара — сүбэлэрэ-амалара үгүс этэ.
– Ол аата физик уонна лирик буоллаҕыҥ.
— Буолуо. Ол эрээри, билигин улууспар Оҕунан ытыыга федерация бэрэссэдээтэлэбин. Спорт бу көрүҥэ биһиэхэ өссө күүскэ сайдыахтаах. Оннук соругу туруорунабыт. Итиэннэ, уопсастыбаннай ноҕорууска туһунан этэр буоллахха, мин улуус баһылыгар Уопсастыбаннай сэбиэт бэрэссэдээтэлэбин. Андрей Ноговицын баһылыгынан кэлиэҕиттэн, уопсастыбаннай түмсүүлэр үлэлэригэр улахан болҕомтотун уурбута. Эр дьон сүбэтэ. Дьахталлар сүбэлэрэ. Мугудайга баар, чөл олоҕу тутуһар “Сарыал” ыччаттар уопсастыбаннай түмсүүлэрин уопута өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр. “Эркин”, “Удьуор” эр дьон түмсүүлэрэ бэркэ үлэлииллэр. Улуус киин балыыһатыгар “Харысхал” эдэр исписэлиистэр түмсүүлэрэ баар, акция оҥорон, дьон доруобуйатын көрөллөр. Маннык туһалаах дьыалалар тустарынан киһи төһөнү баҕарар кэпсиэн сөп. Уопсастыбаннай түмсүүлэр былаас уонна норуот биир буолалларыгар көмөлөһөллөр. Баар кыһалҕалары быһаарыыга былааһы кытта бииргэ үлэлэһиэхтээхпит уонна үлэлэһэбит.
«Улуус олоҕо» бырайыак өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун, айар-тутар үлэлэрин туһунан кэпсиир. Чуолаан кинилэр бэйэлэрин ситиһиилэринэн, кыһалҕаларынан тыа сиригэр олоҕу туталлар. Хас биирдии улууска тиийдэххэ, Саха сирэ олус да киэҥин, ураты күндүтүн билэҕин. Оччоҕо киһи ханна баҕарар олоруон, үлэлиэн, сайдыан сөбүн итэҕэйэҕин. Биллэн турар, кытыы сиргэ олохсуйуу чэпчэки буолбатах, ардыгар — ыарахан да диэххэ сөп. Ол гынан баран, тыа киһитэ барахсан төрөөбүт дойдутугар тапталын иҥэрэн, дириҥ ис хоһоонноох олоҕу салайсар.