«Улуус олоҕо»: Өймөкөөн айар куттаахтара омук дьонугар саха култууратын билиһиннэрэллэр

2191

Айылҕаттан айдарыылаах учуутал Сардаана Сивцева Өймөкөөн орто оскуолатыгар «Айылгы» фольклорнай ансаамбылы 2000 сыллаахха тэрийбитэ. Айар куттаах хоту дойду дьонун туһунан «Улуус пааспарыгар» кэпсиибит.


«Айылгылар» 18 сыл устата силистэнэн-мутуктанан, билигин омук сирдэринэн айанныыр айар кэлэктиипкэ тиийэ үүннүлэр. Ансаамбылы Сардаана Уйгун бастаан утаа оскуола оҕолоругар анаан тэрийбит. Онтон ыччаттар олус үчүгэйдик оонньуулларыттан, аны учууталлар кыттыһыахтарын баҕарбыттар. Билигин ансаамбылга быһа холуйан үөрэнээччилиин-учууталлыын 50-ча киһи дьарыктанар. Оскуола кэлэктиибин “Айылгыта” барар-кэлэр сирин ыыра кэҥээн, аны билигин оҕолорун кытта тэҥҥэ төрөппүттэр эмиэ дьарыктаныахтарын баҕарар буолбуттар. Онон сотору кэминэн “Айылгы” фольклор ансаамбылыгар нэһилиэк олохтоохторо бары да дьарыктанар кыахтаныахтара.

“Айылгылар” омук сиригэр тахсар аартыгы 2004 с. арыйбыттар. Онно оҕолор Болгарияҕа аан дойдутааҕы фольклор бэстибээлигэр кыттыбыттар. “Бачча ыраах Тымныы полюһугар олорор дьон хайдах кимниин сибээстэһэн, бэйэлэрэ баалларын биллэрэллэрий?” – диэн сөптөөх ыйытыы үөскүөн сөп. Мин да кэпсэтиибитин эмиэ ити боппуруостан саҕалаабытым.

— Биһиги бастаан ханна фольклорнай, этническэй куонкурустар буолалларын интернеттэн көрөн үөрэтэбит. Онтон биһиэхэ сөптөөх диэбиппитин буллахпытына, тэрээһин балаһыанньатын үөрэтэн, нүөмэрдэрбитин бэлэмниибит. Ол кэнниттэн видеоҕа уһулан, сайаапкабытын ыытабыт уонна ыҥырыы кэтэһэбит, — диэн кэпсиир фольклорнай ансаамбыл салайааччыта Сардаана Сивцева. Онон сайаапка биэрэргэ үөрэхтээх дьон буолан, ыытыллар куонкурустары интэриниэт ситимиттэн талыахтарын эрэ кэрэх, ыҥырыыга хапсан,быйыл номнуо төрдүс сырыыларын омук сиригэр бара сырыттылар.

Быйыл Соҕуруу Кореяҕа ыытыллыбыт кыһыҥҥы олимпиадаҕа «Айылгы» хомусчуттар фольклорнай бөлөхтөрүгэр дьарыктанар учууталлар састааптара бара сырытта.

— Учууталлар бу бөлөххө 2012 сылтан дьарыктаммытара. Олимпиада кэмигэр ыытыллар култуурунай тэрээһиннэр балаһыанньаларын билсэн, хомуска оонньоон баран, видеоҕа устан, Кореяҕа ыыппыппыт. Онно дьүүллүүр сүбэ талан, куонкуруска хапсыбыппыт. Бастаан утаа 10 учуутал уонна 10 оҕо сүүмэрдэнэн, Кореяҕа барардыы оҥостон, анаан бэлэмнэммиппит. Ол эрээри айан ороскуота улахана бэрт буолан, үгүстэр аккаастанарга күһэллибиттэрэ (40 тыһ. солк. – айан төлөбүрэ, 35 тыһ. солк – олорор, аһыыр ороскуот). Онон 7 учуутал, биир техүлэһит, үс үөрэнээччи мустан барбыппыт, – диэн кэпсиир оскуола дириэктэрэ Екатерина Посельская.

Мин “Айылгыга” сылдьар учууталлары кытта кэпсэтэ олорон биир уруккуттан иитиэхтии сылдьыбыт боппуруоспун ыйыттым:

— Эһиги омук сирдэриттэн кэлбит туристарга саха норуотун фольклорун көрдөрөҕүт, пропагандалыыгыт. Тымныы полюһугар кыахтаах, баай дьон кэлэллэр ээ. Кинилэри кытта кэккэ бырайыактары толкуйдаан, спонсордатыаххытын да сөп курдук дии?

Онуоха учууталлар предприниматель Тамара Васильева туристарга көрдөрөр бырагырааматын туһунан кэпсээтилэр. “Айылгылар” кэнсиэрдэрин төлөбүрэ — 5 тыһ. солк. Ол харчыларын мунньан, көстүүмнэрин таҥаһын атыылаһаллар. Кэнсиэрдэрин ис хоһооно сүрүннээн саха фольклора. Омуктар ордук күпсүүрү олус интэриэһиргииллэрин бэлиэтииллэр. Оттон норуот ырыата, чабырҕах, хомус – бэйэлэрин ис айылгылара буолан, хайа баҕарар омук дууһатын кылын хамсаталлара чахчы. Бастаан утаа “айылгылар” сайдыылаах дойду дьоно аныгы эстраданы интэриэһиргииллэрэ буолуо диэн түргэн тэтимнээх эстраднай ырыалары толорон көрдөрбүттэр. Онуоха: “Биһиэхэ бэйэҕит норуоккут култууратын, фольклорун көрдөрүҥ”, — диэн көрдөспүттэр. Технология учуутала Мария Иванова тигэр саха национальнай көстүүмнэрин  омук туристара олус интэриэһиргээн көрөллөр-истэллэр. Кини салайар “Талба” муода тыйаатырын көстүүмнэрэ – “Айылгы” фольклор ансаабылын кэнсиэрин биир бастыҥ киэргэлэ. Бу тыйаатыр Сочига, Москваҕа ыытыллар оскуола оҕолорун муода тыйаатырдарын куонкурустарыгар лауреаттаан кэлбит.

— Ансаамбыл таҥаһын бэйэбит харчыбытыгар тиктэрбиппит. Нэһилиэкпит иистэнньэҥнэрэ Тамара Луковцева, Наталья Попова, Мария Иванова саха национальнай таҥаһын үөрэтэн, анаан сүбэлэһэ сылдьан тикпиттэрэ, — диэн кэпсииллэр саха тылын уонна биология учууталлара Марианна Заровняева уонна Надежда Дягилева.


Сахабыт сирин култууратын, фольклорун уонна  прикладной искусствотын бэйэлэрин сүдү эппиэтинэстэригэр ылан, анаан чиэстээхтик көмүскүү уонна пропагандалыы сылдьар “Айылгы” фольклорнай ансаамбыл уонна “Талба” муода тыйаатыра бэйэлэрин ааттарын дорҕоонноохтук ааттата сылдьаллар. Кинилэри Тымныы полюһун интэриэһиргээн кэлбит төһөлөөх элбэх омук телевидениетын оператордара уонна суруналыыстара үйэтитэн, бэйэлэрин дойдуларыгар көрдөрбүттэрэ буолуой?! “Айылгы” айар кэлэктиип чаҕылхай  ситиһиитэ өссө да иннигэр. Кинилэр ааттарын өссө да истиэхпит турдаҕа.