Өймөкөөн улууһун пааспарын суруйуубутун салгыыбыт. Бу таһаарыыга доруобуйа харыстабылын эйгэтин туһунан кэпсиибит. Билигин улуустарга киин балыыһалары аныгы эмтиир тэрилинэн хааччыйыы бырагыраамата лаппа тубуста. Эдэр быраастар тыа сиригэр тиийэн үлэлииллэригэр эмиэ балысхан үлэ барар. Сиһилии билсээри Уус-Ньараҕа тиийээт, киин балыыһаҕа сырыттыбыт.
Олохтоох оройуон балыыһата 2012 сылтан Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин нөҥүө федеральнай бырагырааманан аныгы технологиянан оҥоһуллубут медицинскэй тэриллэринэн хааччыллан барбыта. 2014 cылтан Киин балыыһа психо-наркологическай уонна дьахталлары консультациялыыр отделениелар өрөмүөннэммиттэрэ. Хирургическай отделениеҕа операция балаатата аныгы тэрилинэн толоруллубута, реанимация уонна интенсивнай терапия стационара аһыллыбыта.
Эрдэ улууска үс «суһал көмө» массыыната сүүрэрэ. Онно эбии ааспыт сылга бары өттүнэн табыгастаах, толору хааччыллыылаах техниканы ылбыттар. Бу, биллэн турар, дьон доруобуйатын туһугар бастакы көмөнү оҥорууга дьоһуннаах дьаһал быһыытынан билиниллибитэ.
— 2017 с. ахсынньыга федеральнай бырагыраама чэрчитинэн СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ 2,4 мөл. солк. сыаналаах «B» кылаастаах аныгы медицинскэй тэрилинэн толору хааччыллыылаах «суһал көмө» массыыналарын атыылаһан, сүрүннээн хотугу улуустарга түҥэппитэ. Онно биир массыына Өймөкөөн улууһун Киин балыыһатыгар тиксибитэ. Бу «суһал көмө» массыынатыгар ыарахан ыарыһаҕы реанимациялыырга наадалаах бары медицинскэй тэриллээх: 3 ханааллаах «Альтон-03» электрокардиографтаах, А-ИВЛ/ВВЛ-«ТМТ» тыҥаҕа искусственнай вентиляция оҥорор аппараттаах, 2 л баллоннаах КРИ-1 салгын хачайдыыр редуктор-ингалятордаах АНпСП-01-«ТМТ» наркозтуур аппараттаах, саахары бэрэбиэркэлиир глюкометр (полоскалардаах тест), наһыылкалардаах, хаан кутар штативтардаах, акушерскай, онтон да атын бары ирдэбилгэ эппиэттиир тэриллэрдээх. Онон ыарахан ыарыһахха суһал реанимациялыыр көмөнү тута оҥоруохха сөп, — диэн «суһал көмө» аныгы массыынатын көрдөрө-көрдөрө кэпсиир балыыһа кылаабынай бырааһа Владимир Коголь.
Массыына ылыллыбыта төрдүс ыйыгар барда. Бу кэм устата улууска үс улахан суһал көмөҕө бара сылдьыбыт. Быраас Төрүккэ тиийэн, инсуллаабыт киһини киин балыыһаҕа аҕалбыт. Улуус киинигэр диэри 120 км айаны ыарыһах этэҥҥэ тулуйан кэлбит. Иккитэ «суһал көмө» массыыната Томтор ыарыһахтарыгар бара сылдьыбыт.
Кылаабынай быраас 2016 сыллаахха хапытаалынай өрөмүөн оҥоһуллубут поликлиникатын көрдөрдө, аныгы рентген-аппарааттар турар, хирургическай уонна оҕо сытан эмтэнэр отделениеларыгар сырытыннарда.
Былырыын хирургическай отделениеҕа үс куойкалаах реанимация балаататын арыйбыттар. Манна ыарахан сыаналаах аныгы аппаратура ылыллыбыт. 2017 сылтан ыла отделение олохтоохтук үлэҕэ киирбит. Хомойуох иһин, балаата хаһан да иччитэхсийбэт…
Бу отделениеҕа телемедицина консультацията аһыллыбыт. Владимир Коголь бэлиэтииринэн, эмчиттэр өрөспүүбүлүкэ Киин балыыһатын исписэлиистэрин кытта видеонан сүбэлэһэ олороллор. Онуоха рентген-снимоктары тутатына көрдөрөр анал аппараат баара олус туһалыырын эттэ. Киин куорат уонна улуус эмчиттэрэ бэйэ-бэйэлэрин кытта ыарыһаҕы эмтиир хайысхалары тобулар кэпсэтиилэрин видеокамера уста турар. Көмпүүтэр нөҥүө ыарыһах анаалыстарын түмүгэ кытта оҥоһулла охсор эбит.
— Бу маннык уопсай сүбэ кэнниттэн ыарахан ыарыһаҕы Дьокуускайга ыытан дуу, миэстэтигэр хаалларан дуу эмтииргэ быһаарыы ылыллар, — диэн кэпсиир кини.
Былырыын улуус балыыһатыгар эмиэ федеральнай бырагыраама чэрчитинэн СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ 1,5 мөл. солк. сыаналаах саҥа төрөөбүт оҕону көрөр-истэр тыҥа искусственнай вентиляциятын аппараатын атыылаһан биэрбит.
— Улуус Киин балыыһатын иһинэн инсуллаабыт, инфарктаабыт ыарыһахтары, уустук эпэрээсийэ кэнниттэн реабилитациялыыр, доруобуйаларын бөҕөргөтөр киини аһар былааннаахпыт. Манна араас тренажердары, бэлэсипиэттэри, сүүрэр дорожкалары атыылаһан туруоруохпут, физкультура кабинетын аһыахпыт. Бу киин иһинэн часовня аһан үлэлэтэн эрэбит. Манна ыарыһахтар, кинилэр аймахтара, доҕотторо өрүү сылдьаллар, санааларыгар өйөбүл ылаллар. Бу отделение баазатыгар магнитотрон-физиоаппарат туруорбуппут. Бу тэрил хас да физиоаппарааты солбуйар кыахтаах. 800 тыһ. солк. суумалаах сыаналаах тэрил 2014 сыллаахха атыылаһыллыбыта, — диэн салгыы кэпсиир Коголь.
Ити курдук, материальнай базатынан Өймөкөөн улууһун Киин балыыһата биир бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьар. Үөрэ-көтө бу курдук ыстатыйабын түмүктүө эбиппин да, балыыһаҕа үрдүк квалификациялаах эмчит ахсаана олох аҕыйаҕа харгыстыыр. Уларыта тутуу сылларыгар билиилээх, уопуттаах быраастар көһөн барбыт буолан, билигин анал үөрэхтээх исписэлиис тиийбэтэ олохтоохтору эрэйдиир. Ол эбэтэр быраастарынан улуустааҕы киин балыыһа 42,7% эрэ хааччыллыылаах. Орто медперсоналынан хааччыллыы — 58,9%.
«Улуус олоҕо» бырайыак бу матырыйаалын, баҕар, хоту сиргэ барыан баҕалаах эмчиттэр интэриэһиргиэхтэрэ диэн эрэллээхпит. Билигин судаарыстыба өттүттэн үөрэхтэрин саҥа бүтэрбит исписэлиистэргэ көмө-тирэх буолар дьаһаллар, тосхоллор элбэхтэр. Онон санаа күүһэ, идэҕэ эппиэтинэс эрэ наада курдук.
Өймөкөөн улууһун киинэ Уус-Ньара – куораттааҕы тииптээх улахан бөһүөлэк. 4-5-тии мэндиэмэннээх толору хааччыллыылаах дьиэлэрдээх. Олорорго-үлэлииргэ толору хааччыллыы баар.
«Земскэй доктор» бырагыраама үгүстэри интэриэһиргэтиэн сөп. 2015 сыллаахха диэри суолталаах тосхол нэһилиэктэргэ эрэ үлэлиирэ. Бу боппуруоска үгүс кыһалҕаны көрсүбүт буолан, улуус баһылыга Михаил Захаров олохтоохтук туруорсан, кэскиллээх бырагыраама улуус кииннэригэр эмиэ үлэлиирин ситиспитэ. Онон Уус-Ньара Киин балыыһатыгар бырааһынан үлэлии кэлиэн баҕалаахтарга аартыккыт аһаҕас. Эһигини үлэһит, хорсун санаалаах кэлэктиип күүтэр.