Лөкөчөөн кыраныыссатыттан саҕалаан, киһи кута-сүрэ тохтуур сирэ. Бу ис-иһиттэн ыраас, сайдыы балысханнык баран эрэр дойдута. Ол туоһутунан толору хааччыллыылаах саҥа дьиэ үгүһэ буолар. Кэлиҥҥи сылларга Лөкөчөөҥҥө ордук эдэр ыал дьиэ туттара элбээбит. “Улуус олоҕо” бырайыак суруналыыстара биир оннук ыал дьиэтин аанын сэгэччи арыйдыбыт.
Николаевтар тиэргэннэригэр киирээт, үс дьиэ кэккэлэһэ турарын бэлиэтии көрдүм. Бу — үс көлүөнэ ыал ууһаабыт-тэнийбит уһаайбалара.
— Сэбиэскэй кэмнэргэ сэбиэттэр кэтэх дьиэ туттар ыалларга 4,5-5 тыһ. кв.м иэннээх уһаайбалары түҥэтэлииллэрэ. Манна хотонноро, сибиинньэ-көтөр ииттэр хаһаайыстыбалара, баанньыктара, теплицалара барыта киирэрэ. Лөкөчөөҥҥө элбэх оҕолоох ыал үгүс буолан, бары кэриэтэ киэҥ уһаайбалаахтар, дьиэлээхтэр, — диэн аргыстарбыт быһаараллар.
Мин иннибэр үс көлүөнэ дьон дьиэлэрэ тураллар: 60-с сылларга Нифонт уонна Мария Николаевтар 60 кв.м иэннээх дьиэни туттубуттар. 80-с сылларга аны кинилэр оҕолоро Октябрина уонна Вячеслав Николаевтар 100 кв. м иэннээх алаһаны дьэндэппиттэр. 2016 сыллаахха дьонун уһаайбаларыгар уоллара, түөрт оҕолооох Станислав Николаев 145 кв.м иэннээх икки мэндимэннээх дьиэ туттубут. Аны 4-с көлүөнэ — сиэннэр дьиэлэрэ да — манна тутуллууһу. Миэстэ билигин да баар курдук. Станислав эбээлээх-эһэтин дьиэтин гараж оҥостубут.
Сүүрбэлии сыл буола-буола биир уһаайбаҕа тутуллубут дьиэлэр Лөкөчөөн нэһилиэгин сайдар историятын кэрэһиттэринэн буолаллар диэтэхпинэ, арааһа, сыыспатым буолуо.
Биһиги толору хааччыллыылаах саҥа дьиэни көрө киирэбит. Аҕа баһылык үлэлии сылдьар буолан, ыал ийэтэ Анна көрсөр. Үс уол (онтон иккитэ – игирэлэр), биир кыыс оҕолоох ыалга сөрү-сөп дьиэ: душтаах, туалеттаах, таҥас суунар массыына холбонон турар. Итии уу сүүнэ улахан баахтан хачайданар.
Былырыын нэһилиэккэ сэтинньигэ саҥа хочуолунай тутуллан киирбит. Онно 36 ыал холбоммут. Николаевтар дьиэлэрэ нэһилиэк хабыллар ортотугар турар буолан, эмиэ онтон ититиллэр. Нэдиэлэҕэ биирдэ уу тиэйэр массыына кэлэн баахха уу кутар. Кыһыҥҥы өттүгэр Николаевтар мууһунан ууланаллар. Онно анаан биэс бырысыап мууһу хаһааналлар.
Дьиэтин Станислав бэйэтэ туппут буолан, барытын ымпыгар-чымпыгар диэри суоттаабыт. Баахха биэс буочука уу киирэр: алта киһи суунара-тараанара, аһыыра учуоттаммыт. Туалекка, дуушка, таҥас сууйар массыынаҕа ууну носуос хачайдыыр. Хачайдаммыт 50 л уу күнү быһа “титаҥҥа” сылыйар. «Аҕабыт дьиэ тутарга үөрүйэх. Дьоҥҥо дьиэ тутуһааччы. Онон ууну хачайдыыр тиһиги бэйэтэ “боруобалаан” диэн тарпыта, олус бэркэ табыллыбыт», — диэн үөрэ-көтө кэпсиир дьиэлээх хаһаайка.
Николаевтар саҥа дьиэлэригэр көһөн киирэн, үрдүттэн олорон эрэ иккис мэндиэмэннэрин бүтэрэ-оһоро сылдьаллар. Онон дьиэ иккис этээһигэр уот тардылла илик. Хараҥа соҕус да буоллар, түннүк сырдыгар сирдэтэн, кирилиэһинэн оҕолор хосторугар тахсабыт. Пластик түннүк нөҥүө оҕо саада, хочуолунай, спортивнай саала көстөллөр. Хосторун “евровагонканан” эпсиэйдээбиттэр. Уолаттар сүүрэллэригэр-көтөллөрүгэр бэртээхэй киэҥ хос оҥоһулла сылдьарын хайгыы көрдүбүт.
— Дьиэбитин бэйэбит сирбит маһыттан туттубуппут. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ эдэр ыалларга бэртээхэй өйөбүлү оҥорор буолан, бэйэбит туспа дьиэлээхпит үчүгэй баҕайы. Дьиэбин тутта таарыйа бааһынай хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо үлэлэстим. Онон аны бэйэм “Саҥа саҕалыыр фермер” быраагыраамаҕа кыттан, бэйэ дьыалатын тэриниэм, — диэн санаатын үллэстэр Станислав Николаев.
Станислав Николаев курдук ыччаттар төрөөбүт Лөкөчөөннөрүгэр олохсуйан, силистэрин-мутуктарын тэнитэн, толору хааччыллыылаах дьиэлэри туттан иһиэхтэрэ буоллаҕа.
Эксперт санаата:
Анна Доргонова, “Лөкөчөөн нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии баһылыга:
— Нэһилиэккэ 17 ыал толору хааччыллыылаах дьиэҕэ олорор. 2013 сыллаахха улуус уонна нэһилиэк бюджеттэриттэн хардарыта тыыран, 4 тыыл бэтэрээнигэр босхо толору хааччыллыыны киллэрбиппит. Онтон сыыйа эбэн, билигин 9 бэтэрээн тоннук дьиэҕэ олорор. Кэлиҥҥи сылларга ыал үксэ манныкка талаһар. Ол иһин олохтоох дьаһалта кирдээх ууну оботторор емкость оҥотторбута уонна онтубутун МТЗ тыраахтардаах урбаанньыкка туттарбыппыт. Онон үлэтигэр эбии ассенизатор эбээһинэһин сүгэр. Өҥөтүгэр 1 тыһ. солк. ылар. Онон сотору-сотору бэйэтэ көрөн, ол емкоһын ыраастыыр.