Саха сиригэр 2001 с. саха төрүт сүөһүтүн генофондатын харыстааһын туһунан сокуон ылыллан, бу төрүт дьиэ кыылын тэнитиигэ үлэ барар. Саха ынаҕын үүтэ киһиэхэ туһалаах, эттиктэринэн олус баай, итиэннэ боруодалар хаптарар ыарыыларыгар соччо бэриммэттэр дииллэр. Этэ сыа быыстааҕынан аатырыан аатырар.
Саха ынаҕын тэнитээри, Маалтааны бэйэтэ ураты хаһаайыстыбалаах буоллун диэн, нэһилиэк баһылыга, улууска тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар бэйэтин кылаатын киллэрбит Валерий Дьяконов саха ынаҕын аҕалтарбыт. Кырдьаҕастар кэпсииллэринэн, былыр манна саха ынаҕын тутар эбиттэр. Онон маалтаанылар төрүт сүөһүнү иитиинэн дьарыктаммыттара үс сыл буолбут.
Онон сарсыарда эрдэ «Улуус олоҕо» бырайыак хамаандата саха ынаҕын көрөөрү, үлэһиттэри баттаһа хотоҥҥо тиийдибит. Бу уруккута эргэ хотону саҥардан оҥорбуттара хоп курдук көстүүлээх. Күһүҥҥү сыбаҕар олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ эмиэ көмөлөһөллөр эбит. Хотон иһэ сырдык, ыраас. Хаһаайынныы сыһыан баара харахха быраҕыллар. Дэлэҕэ даҕаны видеоҕа устааччы Николай Необутов, хаартыскаҕа түһэрээччи Мария Васильева: “Хата, хаамарга кураанах эбит”, — диэн үөрбүт саҥалара иһилиннэ.
Сүөһү көрөөччү Мария Тарабукина от киллэрэн элэстэнэ сылдьар. Туттарыттан-хаптарыттан көрдөххө, бу хайысхаҕа үлэлээбитэ ырааппыт чинчилээх. От сытын ылан, хоноҕор муостаахтар, холку баҕайытык турбут бэйэлэрэ, тэпсэҥнэһэн бардылар эбээт.
Быйылгы кыстыкка 75 тонна отунан сыл тахсыахтара. Ол эрээри отторо тиийбэт буолан, Хаҥаластан от атыылаһыахтаахтар. Нөмүгү нэһилиэгин фермерэ Евдокия Денисоваттан ыларга хайы-үйэ кэпсэппиттэр. Атыыласпыт отторун тиэйэн аҕалыыга улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета көмөлөһүөҕэ. Кыбыыга рулоннаах оттон ылан кыбынарын быыһыгар Мария Егоровна маннык кэпсээннээх буолла:
— Саха ынаҕа олус бор. Билигин бу киллэрбит оппун былдьаһа-тарыһа сиэхтэрэ аҕай. Быйылгы кыстык кэмигэр сүөһүлэрбитин иккитэ аһатабыт. Ынахтарбытыгар — 5, борооскуларга — 4 киилэ оту биэрэбит. Иччимсэхтэрин олус сөхтүм. Сайын сыһыыга аһыы сылдьан ыҥырдахха сүүрэн кэлээччилэр. Атын боруода сүөһүлэр үрүө-тараа барар, үөртэн быстан хаалар буоллахтарына, балар үөрүнэн сылдьалларын ордороллор. Быйыл 14 ньирэй төрөөтө. Ынахтарбытын кыратык ыы сылдьыбыппыт. Үүттэрэ кыра эрээри, хойуу этэ. Билигин ыабаппыт. Сайын ыыталаан кэбиһэбит. Тоҕо диэтэххэ, ыабыт кэммитигэр ньирэйдэрэ ыран-дьүдьэйэн хаалбыттара.
Сүөһү көрөөччүлэр хамнастара тыа сиригэр син ама эбит. 20 тыһыынча солкуобай. Ол эрээри үп суоҕуттан хамнас төлүүргэ ыарахаттары да көрсөллөрө ханна барыай.
Кэптиҥҥэ саха ынаҕын иитиини сайыннарар туһуттан Тоҥуулаах диэн учаастакка хотон туппуттар. Быйыл онно сайылаабыттар. Ол эрээри адьырҕа кыыл буулаан, кутталы үөскэппит.
Улууска киһи кэрэхсиир бырагыраамата үлэлиирин кэпсээтилэр. Тустаах бырагыраама ирдэбилин быһыытынан биэс уонна онтон элбэх ынахтаах хаһаайыстыбаҕа хотон тутуутугар диэн биир төбөҕө 10 тыһыынча солкуобайы көрөллөр эбит. Онтон хотоннорун туттарга 350 тыһ. солкуобайы анаабыттар.
Оксана Мордосова— 2017 с. СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ үп көрүөм диэбитэ инники үлэбитигэр эрэли саҕар. Саха ынаҕын иитиини өйүүргэ үп көрүллэрэ хайаан да наада. Барыта харчыга кэлэн иҥнэ турар курдукпут. Холобур, сайын дьону кэпсэтэн, биригээдэ тэрийэр киһи, кыстыкка сөп буолары оттуо этилэр буоллаҕа, — диир нэһилиэккэ тыа хаһаайыстыбатын исписэлииинэн үлэлиир Оксана Мордосова.
— Оксана Егоровна, бээрэ, бу уоккут төлөбүрэ да ботуччу ини?
— Уот эрэ буолуо дуо, хаһаайыстыбаҕа ороскуот элбэх буоллаҕа дии. Уоппутугар счетчигынан ыйга 4-5 тыһыынча солк. төлүү олоробут. Сүөһүлэр иһэр ууларын массыына тиэйэр. Хата, ону баһылыкпыт Валерий Николаевич дуогабардаһан, саха ынахтарыгар диэн босхо кутан абыраата.
— Идэһэлэнэн эрэҕит дуу?
— Билиҥҥитэ суох буоллаҕа дии. Сүөһүбүтүн элбэтэ сатыыбыт.
Ынахтар төрөөтөхтөрүнэ, сертификатынан нэһилиэктэргэ түҥэтэр былааннаахтарын сэргии иһиттибит. Онон саха ынаҕын иитии улууска кэскиллээх буолуоҕа диэн эрэл санаалаах хотонтон таҕыстыбыт.
Эксперт санаата
Константин Горохов, “Бытантай” генофонднай питомник салайааччыта:
— Горнайга биһигиттэн барбыт ынахтар турар буолуохтаахтар. Бу хаһаайыстыбаны салайбытым балтараа сыл буолла. Саха ынаҕын этэ диэн мраморнай буоллаҕа дии. Ол иһин кэпсэлгэ сылдьар, интэриэһи тардар буолла. Үүтэ хойуута. Саха ынахтара күөх от баар буоллаҕына, үчүгэйдик кыстаан сыл тахсаллар. Ардах быыһынан оттоммут оту да сииллэр, талымаһа суохтара үчүгэй. Саҥа төрөөбүт ньирэй хайаан да ийэтин үүтүн иһиэхтээх. Биһиги 6 ый устата эмтэрэбит. Итини тутуһуохха наада. Үчүгэйдик көрөн-истэн туруордахха, тэнийэр кыахтаахтар. Биһиги билигин 210 төбөнү кыстатан турабыт.