Улуус олоҕо: Манчаары оонньууларын сувенирдарын оҥорууну «Про-фото» тэрилтэ саҕалаата

1020

Үөһээ Бүлүү улууһугар сайын буолуохтаах үбүлүөйдээх Манчаары оонньууларыгар олохтоохтор бэлэмнэниилэрин туһунан «Сахамедиа» холдинг суруйууларын салгыыр. Бу сырыыга предприниматель Александр Антонов спартакиадаҕа анаммыт сувенирдары оҥорууну саҕалаабытын туһунан ааҕыҥ. 


Антоновтар дьиэ кэргэн Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр «Про-фото» тэрилтэлэрэ хаартыскаҕа түһэриинэн уонна полиграфическай өҥөлөрү оҥоруунан дьарыктанар. Ыал аҕата Александр өссө 2012 сыллаахтан бу эйгэҕэ сыстан, бэйэтин дьыалатын арыйан үлэлээн барбыта. Үйэ ирдэбилин кытта тэҥҥэ хаамсар дьарыга олохтоохторго олус наадалааҕын бэлиэтиэххэ наада.

Бөһүөлэк килбэйэр киинигэр турар тэрилтэ аана куруук дьоҥҥо-сэргэҕэ аһаҕас.

Буолаары турар Манчаары оонньууларын спартакиадатыгар элбэх киһи мустара былааннанар. Биллэн турар, ыалдьыттары оонньуу эмблемалаах сувенирдар интэриэһиргэтэллэрэ чахчы. Онон сибээстээн билигин «Про-фото» сакаасчыт баҕа санаатынан араас эгэлгэ оҥоһуктары бэчээттээн таһаарар.

Олохтоох хаһыакка үлэлии сылдьан, бэйэбин хаартыскаҕа түһэрии хайысхатыгар ханыылыы көрөн, холонорго санаммытым. Бастаан, кырдьык, ыарахаттар бааллара. Наадалаах тэриллэри ыларбар элбэх үп наада буолан, кирэдьиит ылбытым. Бырыһыана биллэн турар улахана. Өссө дьиэ арендалаабытым. Ити эрээри оччолорго мин тутуспут бириинсибим – «саҕалаа да ситэр» — билигин түмүгү көрдөрөн эрэриттэн үөрэбин.

Ол кэмҥэ предпринимательствоны сайыннарыы судаарыстыбаннай политиката олус күүскэ ыытыллан барбыта. Бу үгүс саҥа дьыалатын саҕалааччыларга, ол иһигэр миэхэ эмиэ, олук буолбута. Ол курдук, улуус, нэһилиэк салалталара, предпринимательствоны өйүүр киин төнүннэриллибэт субсидия көрбүттэрэ. Олус элбэх суума буолбатах этэ гынан баран, кэмигэр туһалаабыта. Онно ылбыт принтерим бу турар. Ол күнтэн бииртэн биир сакаас киирэн, үлэм саҕаланан барбытыгар санаам көтөҕүллүбүтэ, — диэн дириэктэр Александр кэпсиир.

Кэргэнэ Стелла идэтинэн суруналыыс кэргэнин үлэтин хайысхатын талан ылыытын биһирээн, тэҥҥэ үлэлэспитинэн барар. «Биһиги бизнеспит нэһилиэнньэҕэ өҥөнү оҥоруу. Онон хайаан да хаачыстыба, үтүө сыһыан уонна эппиэтинэс баар буоларын тутуһабыт. Дьиэ кэргэн бизнеһэ – бу үп-харчы эрэ өттүнэн буолбакка, бэйэ икки ардыгар духуобунай сыһыан, ол эбэтэр эрэнсии, итэҕэйсии  дии саныыбын. Дьиэ кэргэн бизнеһэ кэргэнниилэр сыһыаннарын өссө туруктаах оҥорор дии саныыбын. Александр эппит тылыгар турар, туруоруммут сыалын тиһэҕэр тириэрдэр олус үчүгэй хаачыстыбалардаах, олус тулуурдаах, дьулуурдаах. Мин киниэхэ көмөлөһөбүн. Кини инники сылдьыахтаах«, — диир кини.

Эдэр дьон бизнескэ гражданскай-правовой сокуоннары хайаан да билии ирдэнэрин бэлиэтииллэр. Бу бастаан саҕалыырга, дьыала атаҕар туруутугар, уопсай үлэҕэ олус наадалаах буоларын этэллэр.

Тэрилтэ ханнык баҕарар сакааһы ылан оҥорор тэриллэринэн хааччыллыбыт. Сувенир араас көрүҥэ, таҥаска, иһиккэ, тааска ойуу түһэрэллэр, араас тэттик кинигэни, ыҥырыы, махтал суруктары уонна да арааһы бэйэлэрин дизайннарынан бэчээттээн таһаараллар.

Ситэрэн кэпсээтэххэ, Антоновтар Тупсарыныы сылыгар анаммыт улуустааҕы Экология тиэргэнтэн саҕаланар куокуруска хаартысканан, видео-устуунан кыттан, бастыҥнарынан биллибиттэрэ.

Александр Антонов ситиһиитэ:

2014 с. нэһилиэккэ, 2015 с. улууска Сыл бастыҥ предпринимателэ, 2015 с. улууска Бастыҥ социальный партнер, 2012 с. регионнааҕы «Золотые мастера» күрэххэ 3 миэстэ, 2012 с. «Бизнес-экспо» республикатааҕы быыстапка кыттыылааҕа, 2011 с. «С рюкзаком по Якутии» фотоконкурска  «Миг красоты и совершенства» номинация хаһаайына, 2012 с. улууска Бастыҥ полиграфист, 2011 с. хаартыскаҕа түһэрэр профессионаллар республикатааҕы бастакы  быыстапкаларыгар 2 степеннээх дипломант, 2012 с. улуустааҕы хаартыска күрэҕэр 1 миэстэ, 2011 с. «Северноре сияние» республикатааҕы куонкуруска 3 миэстэ, 2009 с. «Природа и мы» хаартыска күрэҕэр 1 миэстэ, 2011 с «В объективе – молодость» республикатааҕы күрэххэ анал бириис.