Улуус олоҕо: Оҕолорун иннилэригэр ытык иэһин төлөөбүт Ийэ

1019

Гаас киирбит Бэс Күөлүгэр дьон олоҕо-дьаһаҕа быр-бааччы буолбута көстөр. Ким да урукку курдук оһох сабаары тиэтэйбэт. Саҥа тутуу элбээбит, ыал аайы баанньык, араас быһыылаах гына киэргэтиллэн, оһуордаан оҥоһуллубут олбуордар. Биир оннук дьиэ хаһаайкатынан Анастасия Иванова буолар. «Улуус олоҕо» бырайыак кини алаһа дьиэтигэр ыалдьыттаата.


“Ийэ баар бу сиргэ аан дойду аанньала…”, — диэн мээнэҕэ эппэтэхтэрэ чахчы. Дьоруой ийэ Анастасия Никифоровна Иванова дьиэтэ биһиги сылдьарбытыгар сылааһынан сыдьаайарга, итиинэн илгийэргэ дылы. Бу киэһэ ийэ барахсан төрөппүт оҕолорун уонна сиэннэрин ыалдьыттата ыҥырбыт. Дьиэ иһэ кырачааннар мэниктээн сүүрүүлэринэн, бииргэ улааппыт дьон күө-дьаа кэпсэтиилэринэн туолбут.

Анастасия Никифоровна Дьоруой үрдүк аатын 1999 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенэ Михаил Николаев Ыйааҕынан ылар чиэстэммитэ. Оччолорго дьоруой буолуу үөрүүлээх эрээри, түбүгэ уон оччонон этэ. Биэс кыыс, биэс уол оҕону төрөппүт ийэ бу курдук кэпсээннээх буолла.

Мин олох эдэр сааспар ыал буолбутум. Бииргэ төрөөбүттэрбэр улахан кыыспын. Балтыларбын, бырааттарбын бэйэм көрөн улаатыннардаҕым дии. Онон элбэх оҕолоох буолууттан олох чаҕыйбатаҕым. Түөрт оҕобун манна төрөппүтүм. Үчүгэйкээн эдэр биэлсэр кыргыттар бааллара. Оччолорго доруобай буоламмын чэпчэкитик оҕолонор этим. Кэргэммин кытта дьиэ ис-тас үлэтигэр тэбис-тэҥҥэ сылдьааччыбыт. Дьиэ да тутуута буоллун, күрүө да буоллун, олоҕум доҕорун кытта тэбис-тэҥҥэ түсүһэрим. Итинник үчүгэй баҕайытык ньир-бааччы олорон истэхпитинэ, кэргэним 48 сааһыгар өлөн хаалбыта. Уон кырачааннаах тулаайах хаалбыт дьахтар санныгар оҕолору атахтарыгар туруоруу, үөрэттэрии, сүөһү-ас иитии барыта сүктэриллибитэ.

Сиэннэрин кытта

**Аҕабыт өллөҕүн утаа кини дьоно оппун-маспын тиэйэн абыраабыттара. Кэргэммин кытта үлэҕэ тэбис-тэҥҥэ сылдьыбытым, соҕотох хаалбытым кэннэ олус абыраабыта. Онтон атын бастаан утаа олох тугу гыныахпын билбэккэ сылдьыам этэ дии саныыбын. Кэргэним өлбүтүгэр олус да тулаайахсыйбыты-ым. Кистээбэккэ эттэххэ, санаам олус түспүтэ. Хайдах гынан оҕолорбун дьон гынаттыыбын диэн санаа биир кэм дууһабын, сүрэхпин аалара. Хайаан да үлэһит уонна үөрэхтээх оҥоруохтаахпын диэн бигэ санаа ылыммытым. Ити тапталлаах кэргэним иннигэр иэспин толоруу курдуга.
Ас-таҥас да көстөрө уустук кэмнэрэ этэ. Аны хамнас кыра. Бачча элбэх оҕону аһатыаххын наада. Куулунан бурдук атыылаһан, бэйэм килиэп, буулка буһарарым. Итиэннэ иистэнэр буолан абыраммытым. Кыһыҥҥы таҥастарын бэйэм тигэрим. Этэрбэстэрин улларарым. Оҕолорбун окко, хара үлэҕэ бэйэбин кытта тэбис-тэҥҥэ илдьэ сылдьарым. Ким от мунньар, ким наһыылкалыыр, ким хотуур тутар. Хотоҥҥо буоллаҕына ким ынах ыыр, ким балбаах соһор. Ол курдук бары субуруспутунан дьиэ ис-тас үлэтигэр сылдьарбыт. Элбэх оҕону ханна хаалларыахпыный, барыларын сайылыкка илдьэ тахсан, үрдүттэн хоно сылдьан оттуурбут. Онон оҕолорум хара үлэҕэ үөрэнэннэр, көмөлөһөннөр, сыыйа ыарырҕаппат буолбутум.

Оҕолорун кытта

** Элбэх оҕолоох ийэҕэ саҥа үөрэх дьыла саҕаланара эмиэ туспа түрүлүөн бөҕө буолара. Улахаттар аччаабыт таҥастарын уларытан-тэлэритэн син бары мааны баҕайы буола түһээччилэр.

«Эбээ наһаа минньигэс» сиэннэр ыллыыллар

** Оҕолорбун барыларын үлэҕэ тус-туспа эбээһинэстээх буолалларын ирдиирим. Кими да ордорбокко, эн маны гыныахтааххын диэн ирээттээн үллэрэбин. Ол олус көмөлөспүтэ дии саныыбын. Үлэһит буоллаҕына, бэйэтэ абыранар буоллаҕа. Куруук үөрэтэ-такайа сылдьааччыбын. Улахан дьоҥҥо хаһан даҕаны утары тыл бырахсыбат буолуҥ диэн өйгө-санааҕа иитиллибиттэрэ. Үчүгэй киһи буола улаатара оҕоттон бэйэтиттэн олус тутулуктаах.

**Улаханнык эппэппин эрээри, билиҥҥитэ арыгыны иһэр, табахтыыр оҕо суох. Киһи күүстээх санаалаах буолуохтаах дии саныыбын. Бэйэм да арыгы испэтэҕим. Аһыы аһы аһаабытым буоллар, бачча элбэх оҕону хайдах атахтарыгар туруоруом этэй?!

Эбээ дьиэтэ саамай үчүгэй

**Тиэхиньикэҕэ да сыстаҕаспын. Чех диэн ааттаах от охсордоох этибит. Билигин даҕаны тиэхиньикэни өрөмүөннүүргэ уолаттарбын кытта тэбис-тэҥҥэ түсүһэбин. Бэрдьигэстээххэ саппаас чаас атыылаһа киирдэхпинэ, атыыһыттар тыраахтары ыытаҕын дуо диэн соһуйааччылар.

**Ол уустук кэмнэри туораан, билигин санаам хоту оҕолорум үөрэхтэнэн, үлэһит буоллулар.Араас идэни бары баһылаатылар. Улахан уолум Кирилл Викторович ыал улахан оҕото буолбута да таайдаҕа, муниципальнай сулууспа үлэһитэ. Атыттар бэтэринээр, оҕуруот аһын үүннэрээччи, иистэнньэҥ, иитээччи, музыкальнай үлэһит, ювелир… Билигин бу Атамайга бэйэм аттыбар 6 оҕом олорор. Онон кырдьар сааспар өйөбүл ортотугар олорорбуттан үөрэбин. 28 сиэннээх дьоллоох эбэбин. Ийэ киһи үөрэрим диэн бу буоллаҕа дии…