Улуус олоҕо: Селена уонна саха кыһына

406

Кэптин орто оскуолатын онус кылааһын үөрэнээччитэ Селена Тарасова олус дьоҕурдаах оҕонон биллэр. Уруһуйдуурун сөбүлүүр, кэтэр таҥас моделларын айар, пластилинынан даарааһы оҥорор кыысчаан айылҕаттан бэриллибит талаанын сайыннарарга дьулуһар.


Селена дизайныгар олоҕуран “Уран” студия кыргыттара таҥас-сап эгэлгэтин тигэллэр. Кыысчаан Саха сирин брендинэн аатырар тымныы кыһын тиэмэтигэр уруһуйдаабыт моделлара бэртээхэй былааччыйа буолан таҕыстылар. Кини бу үлэлэрин саха кыһынын оһуордарынан ааттыыр.


Ювелир идэтин баһылыахпын баҕарабын. Онно эбии дизайнер буоларым буоллар, олус бэрт буолуо этэ. Бу дьарыктар мин дьоҕурбар сыһыаннаах уонна, үлэһит буоллахха, хамнастаах даҕаны буолуо дии саныыбын. Икки коллекциябын олус биһирээбиттэриттэн сүргэм көтөҕүлүннэ, өссө айыахпын, кэрэни айыахпын баҕардым. “Хоту дойду дьүкээбилэ” норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруска 1 степеннээх лауреат буолбутум. Маны сэргэ “Саха сирин хаар уһуордара” норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруска эмиэ 1 степеннээх лауреат, гран-при аатын ылбытым. Мин уруһуйбар олоҕуран тигэллэригэр кыргыттар син уларытан-тэлэритэн биэрбит буолаллар. Ону утарсыбаппын. Салайааччым Татьяна Ильинична Лукавина миигин олус элбэххэ үөрэтэрин иһин махтанабын, — диэн кэпсээтэ уруһуйдарын көрдөрө-көрдөрө Селена.

Татьяна Лукавина ыытар куруһуогар моделы айыыга тоҕус оҕо дьарыктанар. “Ураннар” таҥас тигэллэригэр төрөппүттэр араас матырыйаалынан көмөлөһөллөр. Таҥаһы быһыыга маастар быһыытынан алын сүһүөх кылаас учуутала Марта Чемезова сүбэлиир-амалыыр.

Татьяна Ильинична Селеналыын аны термопластигынан куукула оҥорору толкуйдууллар. Онон иккиэн анаан-минээн бу саҥа технологияны үөрэтэ сылдьаллар. Уһуйааччыта билиһиннэрбитинэн, Селена олус ураты көрүүлэрдээх, онон саҥа куукулалара бу сотору кэминэн биир дойдулаахтарын үөрдэригэр эрэллээх.