Амма улууһун Сулҕаччы нэһилиэгин олохтоохторо биир дойдулаахтарын – өрөспүүбүлүкэ норуодунай артыыһа, биллиилээх мелодист-ырыаһыт Христофор Максимов төрөөбүтэ 100 сылын аны сайын ыһыах ыһан, киэҥник бэлиэтээри бэлэмнэнэ сылдьаллар. Бу кэрэ-бэлиэ түгэни көрсө кини сырдык аатын сүгэр Култуура уонна сынньалаҥ киинэ быйыл кыһын саҥа дьиэҕэ көспүтэ – үс бүк үөрүүлээх. Бу туһунан «Улуус олоҕо» бырайыакка кэпсиибит.
Былыргы быыһын сэгэттэххэ, Христофор Максимов уруккунан Сулҕаччы, билиҥҥинэн Чурапчы Одьулуунун Бабаҕатыгар 1917 сыллаахха муус устар 8 күнүгэр төрөөбүт. Оҕо сааһа эрэйдээхтик-муҥнаахтык ааспыт. Амманы түбүлээбит гражданскай сэрии сылларыгар аҕата үрүҥ бандьыыттар хааннаах илиилэриттэн суорума суолланан, тулаайах хаалбыт. Үтүө санаалаах дьон кыра уолчааны таҥаска суулаан саһыараннар, үрүҥ тыынын өрүһүйбүттэр уонна атын сиргэ күрэппиттэр.
«Мин аҕабынан эһэбин уонна Христофор аҕатын Трофимы, ини-биилэри, иккиэннэрин бандьыыттар бииргэ ытан өлөрбүттэр. Дьиҥэр, Христофор эмиэ Степанов диэн араспаанньалаах буолуохтаах этэ», – диэн ахтар сиэн балта Мария Георгиевна Степанова. Бүгүн Сулҕаччыга Х.Т. Максимовы ааттатар хаан-уруу аймахтара Степановтар, Максимовтар ууһаан-тэнийэн олороллор. Христофор Трофимович тыыннааҕар Сулҕаччыны дойдум диэн өрүү кэлэн, өрөөн-сынньанан, аймахтарыгар от үлэтигэр көмөлөһөн барарын олохтоох кырдьаҕастар истиҥ тылларынан ахталлар.
– Биһиги, сулҕаччылар, Христофор Максимов төрөөбүтэ 75 сылын бэлиэтиэхпититтэн сыл аайы төрөөбүт күнүн былааҥҥа киллэрэн, хайаан даҕаны ылабыт. Амма улууһугар ырыаҕа күрэхтэһии сыл аайы ыытыллар. Ону таһынан биэс сылга биирдэ Сулҕаччыга Ырыа ыһыаҕын тэрийэбит. Арай, 90 сылыгар эрэ Амма сэлиэнньэтигэр буолбута. Быйыл сүүс сыллаах үбүлүөйүгэр уһаайба тутарга былаанныыбыт. Онно 4 балаҕан, павильон, эстрада уонна икки этээстээх чосуобуньа тутуллуохтаахтар. Төрөөбүт-үөскээбит Амматын, Чурапчытын кытта үлэлээн-хамнаан ааспыт Мэҥэ Хаҥалас, Үөһээ Бүлүү, Ньурба улуустарын баһылыктара кыттыһыах, көмөлөһүөх буоллулар. Кыыс Амма кытылыгар турар Христофор Максимов уһаайбатыгар сайын дьоҕурдаах оҕолор кэлэн дьарыктаналларыгар лааҕыр тэрийэн үлэлэтиэхпит. Өссө кыһыннары үлэлиир туризм хайысхалаах буолуо. Бырайыагын оҥоро сылдьабыт, – диэн нэһилиэк баһылыга Афанасий Ксенофонтов билиһиннэрдэ.
Баһылыктыын саҥа кулууп хайдах тутуллубутун туһунан кэпсэтэн ыллыбыт. Тутуута 2014 сыллаахха саҕаламмыт. Генеральнай бэдэрээтчит – Алексей Петров салайааччылаах «Хотугулуу-илиҥҥи эргиэн-тутуу хампаанньата» ХЭУо. Үбүлээһинэ түөрт түһүмэҕинэн көрүллэн, тохтуу-тохтуу тутуллубут. Тутуу ороскуота барыта 22 мөл. солкуобайга тэҥнэспит. Ол гынан баран, сметанан 54 мөл. солк. буолуохтаах эбит. Дьон саҥа кулууптанар баҕаттан субуотунньукка үөрүүнэн кыттар буоланнар, кырааскалааһын, бытархай үлэтэ босхо оҥоһуллубуттар. Олунньу ыйга малааһыннаатылар. Үчүгэйэ диэн, спорт саалалаах. 1987 сыллаахха тутуллубут мас кулууптара хамсаан-түһэн, сууллар туруктааҕынан, сабан бараннар, манна көһөн киирбиттэр. Саҥа тутуу тимир турба атахтарга турар, каркас тутулуктардаах, аныгы сэндвич панелларынан бүрүллүбүт. Онон, төһө үйэлээх буоларын кэм-кэрдии бэйэтэ көрдөрүө турдаҕа.
Оҕо эрдэҕиттэн Христофор Максимов сүдү талааныгар сүгүрүйэ улааппыт Анна Тарасова (кыыс эрдэҕинээҕитэ – Николаева) 1964 сыллаахха Сулҕаччыга начаалынай кылаас учууталынан ананан үлэлии кэлэн баран, устунан кийиит буолан олохсуйбут. Дойдутугар, Сунтаар Тойбохойугар, ахсыс кылааска үөрэнэр кэмигэр Христофор Максимов тиийэн ыллаабытын сүрэҕэр-быарыгар сөҥөрөн, күн бэҕэһээҥи кэриэтэ өйдүү-саныы сылдьар эбит. «Уулуссанан ааһан истэхпинэ, кулууп аана аһылыннаҕын ахсын кэрэ куолас иһиллэрэ. Онно умсугуйан, уҥуохпунан кыра-дьоҕус буоламмын, лыык курдук симиллибит дьон быыһынан анньыһан иһирдьэ киирбитим. Дэгэрэҥ ырыаны онно аан маҥнай истибитим итиэннэ үтүктэн ыллыы сылдьар буолбутум», – диэн кэпсиир быйыл 80 сааһын туолуохтаах кырдьаҕас педагог.
Анна Дмитриевна күн бүгүнүгэр диэри дэгэрэҥ ырыатын уоһуттан түһэрбэт. Кини 2002 сыллаахха Христофор Максимов төрөөбүтэ 85 сылыгар аналлаах «Күн таптала» ырыа ыһыаҕар дэгэрэҥ ырыаны толорооччуларга «Алтан иҥэһэ» бириэмийэни ылан турар. Бу киэһэ эмиэ Х.Т.Максимовка анаабыт дэгэрэҥ ырыатын ыллаан, хоһоонун ааҕан иһитиннэрдэ. Анна Дмитриевна кыыһа, физика учуутала Розалия Винокурова Сулҕаччы нэһилиэгэр быйыл дэгэрэҥ ырыаҕа куоталаһыы тэриллибитигэр бастаабыт. Кини толорбутун кэнниттэн Х.Максимов хос-хос сиэн быраата, Сулҕаччы оскуолатын 3-с кылааһын үөрэнээччитэ Максим Максимов «Өндүрүүскэ тиэтэйбэт» ырыаны ыллаан иһитиннэрдэ. Кини уус-уран салайааччыта Александра Матвеева-Мичийэ билиһиннэрэринэн, эдэркээн ырыаһыт ситиһиитэ сөҕүмэр: «Трипсихора» норуоттар икки ардыларынааҕы ырыа көрүүтүгэр уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска лауреат үрдүк аатын ылаттаабыт.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, бибилэтиэкэр Елена Попова 1992 сыллаахтан саҕалаан Христофор Максимовка аналлаах баай матырыйаалы хомуйбут, хас даҕаны кинигэни таһаарбытын көрдөрдө. «Христофор Трофимович үөлээннээхтэрэ тыыннаахтарыгар ахтыы хомуйбуппут улаханнык көмөлөстө», – диир Елена Васильевна. Оттон ытык кырдьаҕас, дэгэрэҥ ырыаны толорооччу Анна Дмитриевна Тарасова Христофор Максимовы дэгэрэҥ ырыа алыптаах хомуһунан, кырыымпатынан ааттыыр, билинэр.
Кырдьык, Х.Т.Максимов саха төрүт ырыатын матыыбын – дэгэрэҥи тилиннэрбит, саҥалыы тыыннаабыт аҕа ырыаһыт быһыытынан билиниллэрэ сиэрдээх.