«Улуус олоҕо»: Сунтаардар түргэнник ситэр салааны баһылыыллар

1803

Сунтаар улууһун дьаһалтата олохтоох оҥорон таһаарыы бородууксуйатынан нэһилиэнньэни сүүс бырыһыан хааччыйар соругу туруорунан үлэлиир-хамсыыр. Түргэнник ситэр хайысханы өйүүллэр. Сибиинньэ, куурусса, коза уо.д.а. атыылаһарга 2 мөл. солк.суумалаах үбү көрбүттэр. Улуус гранын ылан, көтөр арааһын иитэргэ ылсыбыт Семеновтары «Улуус олоҕо» бырайыак чэрчитинэн билиһиннэрдилэр.


Улуус киинигэр Сунтаарга олорор эдэр ыал аҕа баһылыга Станислав Иванович Семенов көтөр арааһын иитэн, оҥорбут бородууксуйатын хамаҕатык батарар. Биһиги бу эдэр ыал ох курдук оҥостон, көтөрдөрүгэр туспа улахан дьиэ тутан көрөн-истэн олороллорун сэргээтибит. Ыарахаттартан чаҕыйбат, иннин диэки дьүккүөрдээхтик айаннаан иһэр предприниматель үлэтин сыаналаан, улуус уонна олохтоох дьаһалта харчынан өйөбүл көрбүт. Онон, обьегын улаатыннаран, эбии куурусса атыыласпыт.

Станислав Иванович түргэнник ситэр салааны аан бастаан 2013 с. дьиикэй куһу иитииттэн саҕалаабыт. Иитиэх кустара бэйэлэрэ төрөөн-ууһаан элбээн испиттэр. 70 төбөҕө тириэрдэ сылдьыбыт. Быйыл да кустарын ахсаанын ыам ыйыгар диэри сүүскэ тириэрдэр санаалаах. Өссө кытай кууруссаларын (мандаринкалар) иитэр. Хаан уларытар санааттан кустары, перепелкалары куораттан аҕалбыт. Быйыл икки козаламмыт.

Семеновтар хаһаайыстыбаларыгар барыта баар курдук: кууруссалар, бөтүүктэр, дьиикэйкустар, перепелкалар, попугай, холууп, казан, мандаринка уо.д.а. Барыта холбоон 230-ча төбөбу ыалга кыстыгы этэҥҥэ туораабыт. Биэс этээстээх, килиэккэлээх уйаҕа 150-ча перепелка олорор. 2,5-3 ыйдара буолан эрэрин кэпсииллэр.

Хаһаайын аҕыйах хонуктааҕыта 50 устууканы эбии аҕалбыт, өссө да Мирнэйтэн 50-ча төбөнү атыылаһар санаалаах. Бэйэтэ дьоҕус зоопаркаҕа тэҥнээх.

Эдэр киһи перепелканы иитии, көрүү-харайыы үөрүйэхтэрин интернеттэн, араас литэрэтиирэттэн хасыһан ааҕар. “Кинилэри килиэккэлэргэ тутабын. Элбэх миэстэни ылбаттар, онон куурусса уйатыгар да сырытыннарыахха эмиэ сөп. Элбэх бородууксуйаны биэрэринэн, талымаһа суоҕунан, ороскуота кыратынан сибээстээн, бэл дьоҕус даача учаастагар кытта иитэллэр. Перепелка этигэр элбэх битэмиин уонна туһалаах элеменнэр бааллар. Холобур, инсуллаабыт дьоҥҥо сиэтэллэр. Химиотерапия барбыт дьон эмиэ миигиттэн кэлэн ылаллар. Онон маҕаһыыҥҥа улаханнык туттара иликпин, нэһилиэнньэ тута сакаастаан ыла олорор. Этэ көрдөххө эрэ кыра, сымыыта ырыынакка атын көтөрдөрдөөҕөр үрдүктүк сыаналанар дииллэр, – диэн Станислав кэпсиир.

Үлэһит киһини үлэ булар дииллэринии, киниэхэ бииртэн биир санаалар, толкуйдар киирэллэр. Станислав таҥас сууйар массыынаҕа куурусса, кус түүтүн үргүүр аппарааты оҥостуммутун кэпсээтэ. Саҥа тиэхиньикэ, биллэн турар,үлэлэрин чэпчэппит.

Бу сырыттахпытына, икки уола сүүрэн сырсыаккалаһан кэллилэр. Билбэт дьоннорун кытары эйэҕэстик дорооболоһоот, тута кууруссалар баар сирдэригэр киирэн, көтөрдөрүн үөрүйэхтээх бэйэлээхтик аһатан бардылар. Онон, Станислав эрэллээх көмөлөһөөччүлэрэ оҕолоро буолалларын илэ харахпытынан көрдүбүт.

Бу көтөрдөрү иитиинэн дьарыктаныыбыт ас-үөл, дохуот эрэ ылаары буолбатах буоллаҕа. Бастатан туран, оҕолорбутун үлэҕэ-хамнаска иитэбит, кинилэргэ айылҕа кыылларыгар тапталы иҥэрэбит, туох да халлаантан түспэтин, ол оннугар үлэлээн ситиһиллэрин өйдөтөбүт. Мин төрөппүттэрим эмиэ араас көтөрү иитэн, биһигини үлэҕэ көҕүлээбиттэрэ. Билигин эдэр ыччат үлэлиэхтээх, бачча көмө көрүллэринэн өйөтөн, иннин диэки баран иһиэхтээх. Куттанан, саараан олорбокко граннарга эҥин киирсэн иһиэхтэрин наада. Бэлэм үчүгэй олоҕу ким да туораттан кэлэн оҥорон биэрбэт, бэйэҥ толкуйгунан, харыҥ күүһүнэн, дьүккүөргүнэн эрэ ситиһэҕин. Биһиги дьиэ кэргэн тыахаһаайыстыбатын улуустааҕы управлениетыгар улахан махталбытын тириэрдэбит, – диэн хаһаайын эбэн эттэ.

Бу курдук биирдиилээн предпринимателлар тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар ылсан эрэллэр. Сунтаар олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр үлэһит дьоно отонтон барыанньа оҥороллор, эт аһы оҥорон нэһилиэнньэҕэ атыылыыллар, халбаһы сыаҕын үлэлэтэн саҕалаан эрэллэр уо.д.а. Кинилэр түргэнник сайдар салааҕа ылсыбыттара бу холобурдартан да көстөр. Үчүгэйдик сайдан бардахтарына, оҥорон таһаарбыт бородуууксуйаларын чугас улуустарга, өссө сайыннахтарына Өлөөн, Анаабыр оройуоннарыгар батарар курдук сыаллаах-соруктаах үлэлии сылдьаллар.