Улуус олоҕо: Таас чохтоох, гаастаах, соболоох, хотугу күннээх Кэбээйи улууһун летопиһа суруллар

1097

Кэбээйи улууһун пааспарын сахалыы тылынан суруйуубутун саҕалыыбыт. «Улуус олоҕо» бырайыак хамаандата Сангаарга тиийбиппитигэр, бөһүөлэк кырдьаҕас олохтооҕо Никифор Дмитриевич Терехов, ытыһын үрдүгэр түһэрэ көрүстэ. Кини киин хаһыаттарга Эмээки диэн аатынан суруйар уопсастыбаннай кэрэспэндиэн. Төрөөбүт түөлбэтин сайдыытын туһунан биһиэхэ, «Сахамедиа» суруналыыстарыгар, хайдах баарынан кэпсээтэ. 


Никифор Дмитриевич сэһэнэ-тэппэнэ элбэх. Сааһын тухары иитэр-үөрэтэр эйгэҕэ үлэлээбит бэтэрээн мунньубут матырыйаалларыгар олоҕуран, «Кэбээйилэр Кыайыыга кылааттара», «Кэбээйилэр сайдыыны тиэтэтээри», «Кэбээйилэр бүттүүн ыччаты иитиигэ» итиэннэ кэргэнин, Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх бырааһа Матрена Николаевна Терехова кэриэһигэр «Иэйиэхсит бэлэҕэ» диэн кинигэлэри таһаарбыт webbanki.ru. Ону таһынан биир дойдулаахтарыгар, Кальвица дьонугар, анаан «Бөргөлөр» диэн кинигэни бүтэрэн эрэр. Быйыл улуус киинэ, Сангаар бөһүөлэгэ, төрүттэммитэ 90 сыла бэлиэтэнэринэн, дьаһалта көрдөһүүтүнэн бөһүөлэк историятын туһунан кинигэ бэлэмнии сылдьар. Онон сэһэргэһиибит бөһүөлэк хайдах төрүттэммититтэн саҕаланна.

– Сангаар турар сирэ уруккута түҥ тыа, арай, булчуттар эрэ быһа охсон ааһар сирдэрэ эбит, – дин кэпсиир Никифор Дмитриевич. – Манна умайар таас баар үһү диэн, үөрэхтээхтэр өссө өрөбөлүүссүйэ иннинэ чинчийэн, таас чох үөскээн сытарын билбиттэр. Ону туһаҕа таһаарыы Сэбиэскэй былаас сылларыгар саҕаламмыт, 1928 с. Саха АССР Совнархоһун Дьокуускайдааҕы хайа бырамыысалыннаһын тириэһин руднига тэриллибит. Онон, Сангаар бөһүөлэгин төрүттэниитэ сити сылтан ааҕыллар.
Аны улууспут тэриллиитин ылыахха. Кэбээйи уонна Горнай оройуоннара тэриллиэхтэрин иннинэ Нам оройуонун сирэ арҕаа өттүнэн Бүлүү өрүһүнэн cаҕаланан, Ньидили күөлүнэн, I уонна II Атамай нэһилиэктэринэн, соҕуруу өттүттэн Арҕаа Хаҥалаһынан, хотуттан Өлүөнэ уҥа кытылынан, бу Сангаар хайатын нөҥүөлээн, Бүлүү өрүс сүнньүнэн тайаан сытара. 1937 с. Кэбээйи оройуона тэриллэр, онно Сангаар бөһүөлэгэ, Сииттэ, Куокуй, Тыайа, Ньидьили, Мукучу, Мастаах нэһилиэктэрэ бэриллэллэр. Оройуон киинэ Кэбээйи буолар. Ити кэмҥэ Сангаар шахтата Арассыыйа бас билиитигэр киирэр: 1935-1937 сс. Ыарахан бырамыысалыннас наркомун, 1938-1958 сс. Хотугу муоратааҕы суол руднига буолар. 1937 с. Хотугу муоратааҕы суол судаарыстыбаннай управлениетын (ГУСМП) оҕуруот аһынан уонна сүөһү иитиитинэн дьарыктанар икки сопхуоһу Игаркаҕа уонна Сангаарга тэрийэр туһунан уурааҕа тахсар.

— Ити дьаһал ылыллыытын биричиинэтэ туохха буолуо дии саныыгыный?
1904-1905 сс. нуучча-дьоппуон сэриитигэр ыраахтааҕылаах Арассыыйа муоратааҕы флотун имири эстэрбитин түмүгэр, хапыталыыстыы дойдулар төгүрүктээһиннэригэр олорор Сэбиэскэй сойуус Чуумпу акыйааҥҥа муоратааҕы байыаннай флота суоҕа. Инньэ гынан, Владивостокка диэри уу суолун Хотугу муустаах акыйаанынан эрэ олохтуур кыахтааҕа. Ол түмүгэр, Саха сирэ, Чукотка, быһата, Илин Сибиир аһынан-таҥаһынан, араас туттар тэрилинэн муора суолунан хааччыллыбыта. Оччолорго мууһу солоон сылдьар ледоколлар, бөдөҥ уу ааллара, борохуоттар чоҕунан эрэ үлэлииллэрэ. Ол чоҕу дьэ бу Сангаар шахтата хааччыйара. Ити иһин ГУСМП руднигы күүһүрдүбүтэ, оттон үлэһиттэри аһынан-үөлүнэн хааччыйарга көмөлтө хаһаайыстыбаны тэрийбитэ. Кэлин, 1950-с сс., Өлүөнэ өрүс баһыгар, Осетровоҕа, тимир суол кэлиэҕиттэн Саха сиригэр анаммыт табаар онон аҕалыллар буолбута, инньэ гынан ааллар ноҕуруускалара аччаабыта, ГУСМП Сангаары өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр биэрбитэ. Оройуон киинэ Кэбээйиттэн Сангаарга 1959 с. көһөрүллүбүтэ. Шахтаҕа араас омук дьоно, ол иһигэр сахалар (бастакы сылларга Кэбээйи, Нам дьоно, Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии сылларыгар араас оройуоннартан хомуллан кэлбит ыччаттар) биир дьиэ кэргэн курдук иллээхтик үлэлээбиттэрэ. Шахта муҥутаан үлэлээбит кэмигэр (1987 с.) 320 тыһ. т чоҕу хостоноро. Бөһүөлэк улааппыта, иккилии этээстээх, толору хааччыллыылаах элбэх кыбартыыралаах дьиэ бөҕөтө дьэндэйбитэ. Нэһилиэнньэтин ахсаана 10 тыһыынчаҕа тиийбитэ, куорат буолар кэскиллээҕэ, инньэ да дииллэрэ. Ол эрээри, ырыынакка киирии сылларыгар үлэтэ-хамнаһа мөлтөөн, 1998 с. сабыллыбыта. Итини мин улахан стратегическай алҕас диибин. Дьабарыкы Хайа чоҕо таһыллара эрэйдээх, Алдан уута чычаас буолан, кыра баржанан Өлүөнэҕэ таһааран, улахан аалларга тиэйиллэр. Ити курдук, хос-хос сыымайданан, бу чох бэйэҕэ турар сыаната аһары үрдүүр, ол туһанааччы хармааныттан төлөнөр. Таас Тумуска 1956 с. гаас көстүбүтэ уонна уон тоҕус сыл устата Дьокуускай куораты, ол таһынааҕы бөһүөлэктэри, саамай сүрүнэ таас тутууну сайыннарбыт Мохсоҕоллоохтооҕу сиэмэн собуотун хааччыйбыта. Кэлин саппааһа аҕыйаан, Кыһыл Сыыр гааһа туһаныллар буолбута. Ону тоҕо эрэ билиммэттэр, гаас бырамыысалыннаһа Кыһыл Сыыртан эрэ саҕаламмытын курдук этэллэр. Ыччакка сыыһа өйдөбүлү иҥэрэллэр. Ити курдук, биһиги улууспут таас чоҕунан, «күөх төлөнүнэн» өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар сүҥкэн суолталаах. Ону «Кэбээйи» диэни иһиттилэр да, собону эрэ өйдүүллэр. Кырдьык, собо баара мэлдьэһиллибэт. Итини таһынан биһиги киин улуустартан өссө биир уратылаахпыт.

Хотугу муора суолун Саха сиринээҕи политуправлениета уонна Сангаар руднига 1940-с сс. 500 ахсаанынан таһаарбыт «Стахановец угля» хаһыаттара.

– Никифор Дмитриевич, ол тугуй?
– Биһиэхэ күн эрдэ тахсар уонна киэһэ хойут киирэр. Тоҕо диэтэххинэ, хотугу кэтирээһиҥҥэ олоробут.


Таас чох, гаас, собо уонна эрдэһит хотугу күн – Кэбээйи улууһун сүрүн уратылара. Манна өссө 85-с хаарыгар сырыттар даҕаны, уруучукатын-кумааҕытын ыһыкта илик, айар-суруйар үлэтин үөһүгэр сылдьар тэһиккэй сүрэхтээх ытык кырдьаҕас Никифор Дмитриевич айар үлэтин, олоҕун, билиитин эбэр тоҕоостоох буолуоҕа.