Таатта Чычымаҕар олорор Анна уонна Петр Никифоровтар сиэннэрин иитэр үөрүйэхтэрин, ньымаларын инчэҕэй эттээх, илэ өйдөөх киһи хайдах даҕаны сэҥээрбэт, кэрэхсээбэт буолуон сатаммат. Кинилэр алтыс сайыннарын “Талбаана” диэн эбээ-эһээ кыһатын арыйан “үлэлэтэллэр” эбит. Ол туһунан «Улуус олоҕо» бырайыак чэрчитинэн «Таатта оройуонун пааспарыгар» кэпсиибит.
Ити “алтыс сайыннарын” диэбитим өссө дубук соҕус. Сылы эргиччи диэтэххэ, киһи сыыстарбат. Иитии-такайыы олох, оҕо баалларын тухары салҕанан бара турар дьыала буоллаҕа. Оттон “үлэлэтэллэр” диэбитим урукку сылларга сыһыаннаах: сааһырбыт дьон биэнсийэлэриттэн ойо тутан уонна оҕолоро бородууктанан, харчынан көмөлөһөр буоланнар, сайын аайы уончалыы-сүүрбэччэлии бытархай дьону аһатан-таҥыннаран, көрөн-харайан олордохторо. Быйыл үөрэх управлениета оҕолор аһылыктарыгар харчы уонна түөрт үлэһиккэ хамнас көрөн, лааҕыр статустаммыттар.
Ыраата иликкэ дьиэлээхтэри кытта билсиһэн кэбиһиэҕиҥ. Далбар хотун Анна Николаевна маҕаһыыҥҥа атыылааччынан, оскуолаҕа техүлэһитинэн, оттон аҕа баһылык Петр Семенович кэллэктиибинэй хаһаайыстыбаҕа фуражирынан, арыы собуотугар маастарынан үлэлээбиттэр. Алта оҕолоохтор: түөрт уол, икки кыыс. Бары үлэһит буолбуттар. Дьокуускай куоракка икки, Ытык Күөлгэ икки, Мэҥэ Хаҥалас Павловскайыгар биир оҕолоро олохсуйбуттар. Улахан уоллара, биэс оҕолоох Аркадий куораттан көһөн тахсан, дойдутугар үлэлиир, дьонун кытта олорор.
Никифоровтар “Талбаана” кыһалара ааспыт сыл түмүгүнэн Таатта улууһугар “Сыл бастыҥ уопсастыбаннай түмсүүтэ” ааты ылбыт. Ол даҕаны иһин, салалта хараҕын далыгар киирэннэр, өйөбүлгэ тигистэхтэрэ. Биһиги Чычымахха атырдьах ыйын 8 күнүгэр сылдьарбытыгар лааҕыр аһыллан үлэлээбитэ нэдиэлэ эрэ буолбут этэ. Биир сезоҥҥа, ол аата 21 хонукка, 10 оҕо аһылыгар харчы көрүллүбүтүгэр 20-тэн тахса оҕо сылдьарын уонна 4 үлэһит хамнаһыгар уонча киһи аҥаардаһан-чиэппэрдэһэн үлэлиирин нэһилиэк дьаһалтатын исписэлииһэ иһитиннэрбитэ.
Анна Николаевналаах бэйэлэрэ уонча сиэннээхтэр. Бытархай өттүлэрэ манна, эбэлэригэр-эһэлэригэр, сайылыыллар. “Иитиллээччилэрбит Дьокуускайтан, Эбээн Бытантайтан, Сунтаартан, Бүлүүттэн тиийэ кэлэллэр. Аймахтарбыт оҕолоро, сиэннэрэ бааллар”, — диэн билиһиннэрэр кыһа далбар хотуна. Бөһүөлэк оҕолоро эмиэ сылдьаллар. Олохтоох уонна аймахтаах оҕолор бөһүөлэк ыалларыгар, оттон “сиэн” статустаахтар манна үрдүттэн хоно-өрүү сылдьаллар эбит.
Иитиллээччилэртэн саамай кыралара – икки саастаах Марго (Маргарита) — Никифоровтар мурун бүөтэ мааны сиэннэрэ. Куорат кыыһа күрүөнү иһинэн-таһынан атах сыгынньах хааман лэппэрдиир. “Сайын атах сыгынньах сылдьыбыт оҕо кыһын ыалдьыбат, — диир Анна Николаевна. – Маннык сылдьалларын бары даҕаны сөбүлүүллэр. Ыалдьыттар кэлэллэр диэн, улахаттарбыт атахтарын таҥаһын кэттилэр”. Тэлгэһэҕэ анал оҥоһуулаах сиргэ таас бытарытыллыбыта тэлгэнэн сытар, манна кырачааннар атах сыгынньах хаамаллар.
Кыра сиэн киэһэ эһэтэ ходуһаттан оттоон кэлбитигэр ат тэлиэгэтигэр, улахаттар көмөлөрүнэн, тарапачыһан тахсан, үөрүйэх баҕайытык олорунан кэбистэ уонна убайдарын, эдьиийдэрин кытта хатааһылаһа барыста. Манна кыбытан эттэххэ, Петр Семенович дьиҥ сахалыы илиинэн оттуурун ордорор эбит. Аҕыйах сыллааҕыттан бэттэх эрэ ат көлөлөммүт. Икки ньирэйдээх ынахтарыгар уонна икки аттарыгар быйыл сайын үс оту күрүөлээбит, биирин дьиэ таһыгар кыбыыга таспыт. “Сүрүн отчутум – бу турар, — дии-дии сүүрбэлээх атын имэрийэр, — Мантым бэйэбинээҕэр кырдьаҕас. Киһи сааһынан ыллахха, 80-нун туолла”.
Лааҕыр оҕолоро үс биригээдэҕэ арахсан, күрэхтэһэллэр, үлэлииллэр. Улахаттар окко көмөлөһөллөр, кыралар эбэлэрин кытта эмтээх үүнээйини хомуйаллар, сир астыыллар. Иллэҥ кэмнэригэр уруһуйдууллар, ыллыыллар, үҥкүүлүүллэр. Былаан быһыытынан, бэтэрээн учууталлар уонна оскуоланы араас сылларга үөрэнэн бүтэрбит ыччаттар кэлэннэр, оҕолорго кэрэхсэбиллээҕи, кэскиллээҕи кэпсииллэр.
“Биһиэхэ сылдьыбыт үс оҕо музыкальнай колледжка үөрэнэ киирдэ”, — диэн киэн тутта кэпсиир Анна Николаевна. Манна, эбээ-эһээ кыһатыгар, сиэннэр култуура, искусство эйгэтин сэргэ күннээҕи дьиҥнээх олох-дьаһах сатабылларыгар уһуйуллаллар.
Куоракка, улуус кииннэригэр кыбартыыраҕа бэлэм хааччыллыыга олорор оҕолор уот-оһох отторго, сылабаарга чэй өрөргө үөрэнэллэр. “Бүгүн норуот педагогикатыттан “чыпчаххай” диэн тугун билиһиннэрдибит”, — диир кыһа далбар хотуна. Кини көмүлүөк оһох үрдүнэн сэбиргэнэҕэ кыбыта анньыбыт талаҕын ылбытыгар айдаара олорбут бэдиктэр чуумпура түстүлэр.
Саха балаҕанын оҕолорун кытта көмөлөөн туппуттар, аны таһыттан эркинин сыбыыллара эрэ хаалбыт. Оҕо уһуйуллар төрүт кыһата бэлэм буолбут. Балаҕан иннигэр күнтэн, ардахтан хаххалыыр бүрүөһүннээх сарай туппуттар, онно күнүс оҕолор аһыыллар. Анна Николаевна Петр Семеновичтыын ыалдьыттарын батыһыннара сылдьан, тэлгэһэни-тиэргэни тилэри олордубут үүнээйилэрин, мастарын көрдөрдүлэр. “Кыайыы 70 сылыгар оҕолору кытта бөһүөлэкпитигэр 70 маһы олордубуппут, сороҕун мантан ылбыппыт”, — диир Анна Николаевна.
Балаҕан сандалытыгар Кытайга, Америкаҕа, Польшаҕа уонна дойду бөдөҥ куораттарынан сырыыны-айаны кэпсиир хаартыскалардаах альбомнар сыталлар. “Бу курдук сылы эргиччи үлэлиибит, биэнсийэҕэ сынньалаҥҥа олорор курдукпут эрээри, кимнээҕэр солото суох сылдьабыт”, — дэһэллэр кэргэннии Никифоровтар. Кыһа хаһаайыттарын ыырдара ити курдук киэҥ: балаҕантан саҕалаан аан дойдуга тиийэ. Үүнэр көлүөнэни иитиигэ маннык эбээ-эһээ кыһалара дэлэйэн истэллэр, көмпүйүүтэр-интэриниэт оҕо бигэтийэ илик уйулҕатын ытыйара арыый намырыах этэ.
Сайын — оҕо сынньанар, доруобуйатын чэбдигирдэр, күүс-уох ылынар, мунньунар кэмэ. Саха сиригэр оҕо лааҕырдарын тэрийэн үлэлэтии — судаарыстыбаннай суолталаах бырагыраама. Таатта улууһугар быйыл 2115 оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын туһалаахтык атаарда, күҥҥэ-күөххэ көҥүл көччүйдэ, оттоон-мастаан, сир астаан, бултаан үүннэ-улаатта. «Таатта улууһун пааспарыгар» Саха сирин сайыҥҥытын көрдөрөбүт, ол иһин сайыҥҥы үлэлэри чорботон суруйабыт. Бырайыакка олохтоохтор тыа сиригэр олох олоруу кыайыытын, кыһалҕатын хайдах баарынан кэпсииллэр.