«Сахамедиа» холдинг «Улуус олоҕо» бырайыагын чэрчитинэн, оройуон хаһыаттарын редакцияларын кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиир. Тыа сиригэр чуолаан хаһыат үлэһиттэрэ аҕытаатар, сырдатааччы оруолун сүгэллэр. «Улуус пааспарыгар» дьоҕус тэрилтэ бүгүҥҥү үлэтин-хамнаһын туһунан кылаабынай эрэдээктэр Анна Посельскаялыын сэһэргэстибит.
“Хаһыат кыаҕа муҥура суох”, — диир “Таатта” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Анна Константиновна.
— Анна Константиновна, хаһыакка кэлбитиҥ, бэлиэр, аҕыс сыл буола охсубут эбит. Хайдах үлэний?
— Учуутал үлэтигэр маарынныырдаах. Дьон өйүн-санаатын сайыннарыы өттүнэн диэн этэбин. Хаһыат кыаҕа муҥура суох. Ону табатык, сөптөөхтүк туһаныахха эрэ наада. Биһиги ааҕааччыларбыт олус болҕомтолоохтор. Ол иһин тылбытын-өспүтүн мэлдьи көрүнэбит, чочуйабыт.
— Улуус хаһыатын дьон төһө ааҕарый?
— Таатта ааҕар улууска киирсэр. Ааспыт сылга 1540 экземплярга сурутуу ыытан, судаарыстыба сорудаҕын толорбуппут. Билигин даҕаны ол тэтиммитин ыһыктыбакка иһэбит. Арай, дьыл кэмиттэн тутулуктанан, түһэр-тахсар.
— Хаһыаккыт нэдиэлэҕэ хаста тахсарый?
— Биир кэмҥэ иккитэ таһаарар буола сылдьыбыппыт. Субуотаҕа 8 балаһанан тахсар этибит. Ол гынан баран, ааҕааччыга сонуну түргэнник тиэрдээри, үстэ тахсыыга (оптуорунньукка, чэппиэргэ, субуотаҕа) төттөрү көһөн үлэлии олоробут.
— Ааҕааччылартан кириитикэлээх, сытыы ис хоһоонноох сурук киирдэҕинэ, эрэдээктэр быһыытынан, хайдах быһаараҕын?
— Оннук матырыйаалы дьон билиитигэр син биир таһаарабыт. Тустаах салайааччыга эбэтэр онно хаарыллыбыт дьону булан, харда бэрдэрэбит. Итиэннэ ол тиэмэни сабабыт, ыас оҥостон соһо-сыһа сылдьыбаппыт.
— Оттон бассаапка хоп-сип аҥаардаах сонун эбэтэр иһитиннэрии таҕыстаҕына…
— Чопчу биһиги улууспутун таарыйар буоллаҕына, сыһыаннаах тэрилтэ салайааччытыгар комментарий бэрдэрэбит. Манна даҕатан эттэххэ, төлөпүөнүнэн быһа сибээһи тэрийэн, управлениелар салайааччыларын кытыннарабыт. Холобур, биэнсийэ, нолуок боппуруостарыгар, коммунальнай өҥө төлөбүрүгэр иҥин. Онно хоруйдары хаһыаппытыгар таһаарабыт.
— Эрэдээксийэ иһигэр хас суруйар киһилээххитий?
— Төрдүөбүт. Тастан спорт тиэмэтигэр Анатолий Мурунов суруйар. Доруобуйа харыстабылыгар эмиэ сырдатар киһини булар былааннаахпыт. Биир дойдулаахпыт Дьокуускай олохтооҕо Иван Нелунов “Күлүгүрбэт күлүктэр” диэн рубриканы үлэлэтэр. Былыргы хаартыскалары булан, ааҕааччыларга быһааран суруйар, чинчийэр үлэ диэххэ сөп.
— Уопсастыбаннай корреспонденнаргыт төһө элбэхтэрий?
— Сүрүн тирэхпит – кинилэр. Нэһилиэк аайы сонуну көтүппэккэ тиһэ сытар биирдии-иккилии киһилээхпит. Уопсастыбаннай корреспонденнарбытыгар анаан семинар тэрийээччибит. Сыл түмүгүнэн Бэчээт күнүгэр түбэһиннэрэн, барыларыгар бэлэх биэрэбит. Ону таһынан ким кыһалҕаламмыкка төһө кыанарбытынан көмөлөһөбүт. Эрэдээксийэ аатыттан туруорсан, от-мас тиэйиитигэр чэпчэтии көрдөрөбүт. Үгэс курдук, хаһыакка суруйар дьоммут араас идэлээхтэр уонна эргиччи дьоҕурдаах буолаллар. Хоһоон, кэпсээн, сценка суруйаллар. Сыччах кинилэр суруйууларынан “Уран тыл оһуордаах хонуута” серияны тэрийэн, 30-тан тахса ааптар кинигэтин бэчээттээн таһаардыбыт. Айар-суруйар киһиэхэ кинигэтэ тахсарыттан ордук үөрүүлээх туох баар буолуой.
Холобур, бу Ньургун Ефремов диэн историк идэтигэр туйгуннук үөрэнэ сылдьар оҕолоохпут, кини кэпсээннэринэн, хоһооннорунан “Бастакы сулуһум” кинигэтин таһаарбыппыт (Анна Константиновна ыскаапка кичээҥитик сааһыланан турар кинигэлэртэн ылан көрдөрөр — авт.).
— Анна Константиновна, эһиги дьоҕус тэрилтэҕит хаһыаты сэргэ олус элбэх бэчээтинэй бородууксуйаны таһаарар эбит, олортон суолталаахтарын билиһиннэрэ түспэккин ээ.
— Биһиги эрэдээксийэбит “Талба Таатта” диэн өҥнөөх сурунаалы 2012 сылтан таһаарар. Сылга иккитэ – ыһыахха уонна Саҥа дьылга таһаарабыт. Бу сурунаалбытынан 2013 уонна 2015 сыллардаахха 2-с миэстэни ылбыппыт. “Улуу улуус Боотуруускай” кинигэбит “Саха сирин бэчээтин тиэргэнэ” быыстапка-дьаарбаҥкаҕа бастаабыта. Кинигэни таһаарыыга балачча идэтийдибит. Кытаанах таһын (переплетун) бэйэбит илиинэн оҥоробут. Онно айар да, техническэй да үлэһиттэр бары саба түһэн кытталлар. Бэчээттэн киирбит дохуот хамнаска эбии буолар, онон интэриэстээхтэр.
“Таатта ытык дьоно” серияны 2015 сыллаахха олохтообуппут эрээри, оройуон сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлээбит Алексей Егорович Турнин туһунан кинигэбит саҥардыы күн сырдыгын көрөн эрэр. Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан суруйааччы С.А.Попов-Сэмэн Туматтыын 2,5 сыл үлэлээн, “Был я сыном народа…” кинигэни Новосибирскайга бэчээттэтэ ыыттыбыт.
“Таатта улууһун бочуоттаах гражданиннара” ыйытынньык, энциклопедия суолталаах кинигэни иллэрээ сыл таһаарбыппытын быйыл эбэн, көннөрөн 300 экземплярынан бэчээттээтибит. Бу бочуоттаах ааты аан маҥнай 1967 сыллаахха 20 киһи ылбыт: 1-кы нүөмэрдээҕи Сэбиэскэй Сойуус дьоруойугар, аатырбыт снайпер Ф.М.Охлопковка туттарбыттар, иккиһинэн Албан аат уордьан толору кавалера Д.А.Петров, онтон ини-бии Мординовтар, бэсиһинэн Суорун Омоллоон ылбыттар. Ахсаан билигин 320-ҕэ тиийэн турар. Кинилэр бары киирдилэр. Бу кинигэҕэ кырдьаҕас суруналыыс Елена Ивановна Софронова уонна бэйэбит уопуттаах суруналыыспыт Нил Иовлев үлэлэстилэр.
Саната таарыйа аҕыннахха, “Аартыгы арыйааччылар” кинигэҕэ (2012 с.) Саха сириттэн туох эмит салааҕа бастакы 57 киһини киллэрбиппит. Холобур, саха оҕолоругар оскуоланы 1852 с. маҥнайгынан арыйбыт Дмитриан Попов, Грецияҕа үс төгүл сатыы баран кэлбит сырдатааччы Петр Фрументьевич Андросов (1832-1901), саха дьахталларыттан бастакынан дрессировщик идэтин баһылаабыт Елена Слепцова-Куорсуннаах. Бу кинигэбит библиографияҕа бастаабыта. Биографияларын нууччалыы, английскайдыы эбэн, хаттаан таһаарарга былаанныыбыт.
Биһиги биир ситиһиибит – бибилэтиэкэлиин кыахпытын түмэн үлэлиирбитигэр. “Сыл бастыҥ кинигэтэ” куонкуруһу тохсус төгүлүн ыыттыбыт. Ааспыт сылга куонкуруска 33 кинигэ киирбититтэн Галина Арылахова, С.Е.Анисимов сахаттан бастакы үрдүк үөрэхтээх электрик-инженер, САССР коммунальнай хаһаайыстыбатын маҥнайгы наркома, 1938 с. репрессияҕа түбэспит Ананий Кононович Андреев туһунан кэпсиир кинигэлэрэ кыайыылаах аатын ылбыта.
Хаһыаппыт хас биирдии нүөмэрэ таҕыста да, Дьокуускай куоракка Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай библиотекатыгар ыытабыт. Онно биир дойдулаахтарбыт, историктар, учуонайдар, кыраайы үөрэтээччилэр, устудьуоннар ааҕаллар.
Онон, кыахпыт баарынан үлэлиибит.
Оройуон хаһыата — хас биирдии киһиэхэ убаастанар ыалдьыт кэриэтэ. Олус элбэх сонуннаах-нуомастаах дьиэҕэр киирэн кэллэҕинэ, былдьаһа сылдьан эргим-ургум тутан ааҕаҕын. Хаһыаттан чугас ыалыҥ, билэр доҕоруҥ, бииргэ үлэлиир кэллиэгэҥ туһунан, кинилэр ситиһиилэрин, ардыгар хомолтолорун, туруорсууларын, төрөөбүт улууһуҥ тугунан тыынан олорорун билэҕин. Ол иһин олохтоох хаһыат олус күндү буолар. Онтон хаһыаччыттар ол күндүнү түүннэри-күнүстэри сонордоһон булааччылар, сөптөөх тылынан тиэрдээччилэр буолаллар.