Таатта оройуонун туһунан суруйуулары Чымынаайы бөһүөлэгинэн түмүктүүбүт. Ити эрээри илин эҥэргэ тайаан сытар биир сайдыылаах тыа сирин туһунан киэҥ эйгэҕэ кэпсиирбит тохтообот. «Улуус пааспара» ситэриллэ туруоҕа. Эһиэхэ анаан “Үүнэ-сайда тур, мин Тааттам” диэн тупсарыы үлэтигэр наар инники күөҥҥэ сылдьар Уус Амма нэһилиэк көхтөөх олоҕун билиһиннэрэбит.
Биһигини, “Сахамедиа РИИХ” АУо айар бөлөҕүн суруналыыстарын, Чымынаайыга алгыс доҕуһуоллаах кымыһынан, алаадьынан айах тутан көрүстүлр. Онон олохтоохтору кытта билсиһиибит кэлиҥҥи алдьатыылаах улахан халаан уутун кэнниттэн тута 2009 сыллаахха туппут кулууптарын иннигэр саҕаланна.
Нэһилиэк баһылыга Егор Васильев уоппускаҕа сылдьарынан, баһылыгы солбуйааччы Станислав Алексеев биһигини арыаллаан эбийиэктэрин көрдөрдө, билиһиннэрдэ. “Ааспыт сыл түмүгүнэн улууска тупсарыы үлэтигэр бастаабыппытыгар 75 туонна чоҕунан бириэмийэлээбиттэрэ”, — диэн эдэр салайааччы киэн тутта кэпсиир. Ону бигэргэтэрдии, Чымынаайы күһүҥҥү чаҕылхай күннээх халлааҥҥа өссө эбии күлүмүрдээн, кэрэтийэн көһүннэ. Ситиһиллибитинэн уоскуйбаттар эбит: төһө даҕаны от үлэтин тиһэх быһаарыылаах күннэрэ турдаллар, 500-тэн эрэ тахса киһилээх бөһүөлэк иһэ өрө үллэҥнээн олорор. Кимнээх эрэ кииннэммит ититии ситимин тардаллар, сорохтор сквери ситэрэллэр, былаһаакка туталлар.
Быһааран эттэххэ, Уус Амма нэһилиэгэ үһүс сылын СӨ Дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатын уонна энергетикатын министиэристибэтэ тэрийэр куонкуруһугар киирсэн, быйыл тупсарыы үлэтигэр 4,5 мөл. солкуобай кээмэйдээх субсидияҕа дьэ тиксибит. Инньэ гынан, Сынньалаҥ пааркатын 450 миэтэрэ усталаах тимир сиэдэрэй күрүөнэн эргийбиттэр, Аал Луук мас тутан таһаарбыттар, аартыкка аншлаг оҥорон туруорбуттар, мээчиктиир былаһаакка туппуттар, уулуссалар уоттарын-күөстэрин тупсарбыттар.
Балары таһынан РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тыа сирин олохтоохторун көҕүлээһиннэрин өйүүр куонкуруһугар кыайан, 700 тыһ. солк. кээмэйдээх үбү ылбыттарыгар Ботаническай сад тутаннар, балаҕан ыйын 30 күнүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар. Бөһүөлэк бу кэрэ, тыыннаах муннугар биолог-учуутал Анна Романовна Васильева аатын иҥэрдилэр. Тоҕо диэтэххэ, кини Чымынаайы бөһүөлэгэр ааспыт үйэ 60-с сылларыгар маһы олордуу, көҕөрдүү үлэтин бастакынан көҕүлээбит. Бу сад кэнэҕэс уонунан сылларга оҕо-уруу, эдэр-эмэн бары сөбүлээн сынньанар, кэрэ эйгэтигэр иитиллэр миэстэтигэр кубулуйуоҕар киһи саарбахтаабат.
Нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Мария Петровна Прокопьева: “Муустаах улахан уу анньан турдаҕына, Ил Дархаммыт Е.А.Борисов оччолорго бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорон, мотуордаах оҥочонон кэлэн, бу кытылга тиксибитэ уонна манна бөһүөлэк саамай үрдүк томторугар туран, олохтоохтор санааларын болҕойон истибитэ, уоскуппута. Егор Афанасьевич сырыытын кэнниттэн тутуу матырыйаала, ас-таҥас, мал-сал күргүөмүнэн аҕалыллан, дьиэбитин-уоппутун сөргүтүнэн, олохпут-дьаһахпыт оннун булан, чөлүгэр түһэн барбыта”, — диэн ыйан көрдөрө-көрдөрө кэпсээтэ. Билигин ол кытылга баннер ыйаан туруораллар уонна томторго нэһилиэк ытык, бастыҥ дьонугар, чулуу үлэһиттэригэр анаан сквер туппуттар.
Куһаҕан – үчүгэйдээх. Иэдээн, алдьархай дьону түмэр, сомоҕолуур айылгылаахтар. Улаханнык саҥарбаппын эрээри, Чымынаайы ыарахан күннэригэр суруйа-сырдата тиийэ сылдьыбыт киһи хараҕынан көрдөхпүнэ, ол алдьархай суола даҕаны хаалбатахха дылы. Алдьатыылаах улахан уу содулун уус аммалар түмсүүлээх, биир сүбэнэн үлэлиир буоланнар, оһоруммуттарын кылгас кэм иһигэр сүрэхпэр-быарбар тиийэ өйдөөтүм.
Биир уһун субурхай уулуссалаах бөһүөлэк биэс түөлбэҕэ арахсан, бэйэ-бэйэлэрин көҕүтүһэн, күрэстэһэн үлэни-хамнаһы тэрийэллэр. Саҥа дьылга уонна ыһыахха улахан күрэхтэһии ыыталлар. Аҕам саастаахтар туспа түмсэллэр. Иистэнньэҥнэр Францияҕа тиийэ быыстапкаҕа кыттыбыт “Алгыс” кулууптаахтар, кулуубу норуот маастара Арина Николаевна Большакова үлэлэтэр эбит. Айар-суруйар дьоҕурдаахтар олохтоох бибилэтиэкэ иһинэн “Уус Амма” түмсүүгэ мусталлар. Хомусчуттар ансаамбылларын Прасковья Кузьминична Богдокумова ситиһиилээхтик дьарыктыыр.
Коллекционердар бааллар. Бэтэрээннэр сүбэлэрин Антонина Тарасовна Григорьева салайар. Оттон аҕалар түмсүүлэрин Станислав Алексеев бэйэтэ сүрүннүүр. Эдэр ийэлэр “Күндүүнэ” диэн түмсүүлээхтэр. Салайааччы Татьяна Юрьевна Прокопьева билиһиннэрэринэн, сүүрбэччэ ыал ийэтэ (үгүстэрэ элбэх оҕолоохтор) оҕону иитиигэ, дьиэ-уот, ас, оҕуруот боппуруостарыгар сүбэ-соргу бэрсэллэр, уопут атастаһаллар, кэлиҥҥи кэмҥэ сибэкки үүннэриитигэр күүскэ туруммуттар, сүүрүүнэн дьарыктаналлар, нэһилиэнньэҕэ биэчэрдэри тэрийэн ыыталлар, “Далбарай” ансаамбыл тэринэннэр хайа баҕарар кэнсиэри киэргэтэллэр. Нэһилиэк эдэр ийэлэрэ бары сүөһүлээхтэр-сылгылаахтар, оҕуруоттаахтар. Ол иһигэр 7-13 ынахтаах ыаллар бааллар.
Чымынаайы Амма кытылыгар сытар буолан, өҥ-быйаҥ бөҕө. Этэргэ дылы, сүрэхтээх киһи хоргуйан өлбөт сирэ. Эдэр бааһынайдар кэлиҥҥи үс сылга граҥҥа киирсэннэр, нэһилиэккэ алта саҥа улахан тыраахтар эбиллибитэ – тыа сирин ыарахан үлэтин чэпчэтэргэ сөҕүмэр күүс.
“Нэһилиэкпитин кийииттэрбит тутан олороллор”, — диир муударай кырдьаҕас Мария Петровна. Кырдьык, талбыт курдук хоһуун кийииттэр түбэһэннэр, нэһилиэк сайдыытын-үүнүүтүн бары өттүнэн муоһалыыллар. Орто оскуолаҕа ааспыт үөрэх дьылыгар 65 оҕо үөрэммит буоллаҕына, инникитин балачча эбиллэр чинчилээхтэр: быйыл маҥнайгы кылааска 9 кырачаан үөрэнэ киирдэ. Оҕо саадыгар 40 оҕолоохтор. Онон 2020 сылга былааҥҥа турар саҥа таас оскуола тутулларын Уус Амма эдэр ыаллара тэһиппэккэ күүтэллэр.
(Чымынаайыга «Сахамедиа» холдинг суруналыыстара атырдьах ыйыгар сылдьыбыттара).
«Улуус олоҕо» бырайыак өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун, айар-тутар үлэлэрин туһунан кэпсиир. Чуолаан кинилэр бэйэлэрин ситиһиилэринэн, кыһалҕаларынан тыа сиригэр олоҕу туталлар. Хас биирдии улууска тиийдэххэ, Саха сирэ олус да киэҥин, ураты күндүтүн билэҕин. Оччоҕо киһи ханна баҕарар олоруон, үлэлиэн, сайдыан сөбүн итэҕэйэҕин. Биллэн турар, кытыы сиргэ олохсуйуу чэпчэки буолбатах, ардыгар — ыарахан да диэххэ сөп. Ол гынан баран, тыа киһитэ барахсан төрөөбүт дойдутугар тапталын иҥэрэн, дириҥ ис хоһоонноох олоҕу салайсар.