Сунтаар улууһугар кэлбит киһи Тойбохойго баар Г.Н. Бессонов аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи историческай-кыраайы үөрэтэр комплексы быһа ааспат. «Улуус олоҕо» бырайыак суруналыыстара мусуой иһинэн үлэлиир «Симэх» иистэнньэҥнэр түмсүүлэрин салайааччыта, СӨ норуотун маастара, СӨ методист-учуутала Валентина Васильевна Федоровалыын уонна иистэнньэҥ Мария Сергеевна Саввиновалыын кэпсэттибит.
Тойбохой сэлиэнньэтэ үйэлээх мусуойдарынан өрөспүүбүлүкэҕэ суон сураҕырар. Социалистическай Үлэ Дьоруойа, САССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар, Тойбохой сэлиэнньэлэрин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах олохтооҕо Георгий Бессонов өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакынан тыыннаах айылҕа муннугун, кыраайы үөрэтэр оскуола мусуойун, уопут оҥорор учаастагы, ботаническай саады, хартыына галереятын, кыһыҥҥы сады уо.д.а. тэрийиэҕиттэн ыла, үгүс сыллаах сыралаах үлэ түмүгүнэн мусуой экспонаттара, отделлара элбии, байытылла тураллар.
Манна 2001 с. «АЛРОСА» АК көмөтүнэн комплекс таас дьиэтэ дьэндэйбитэ. Икки этээстээх дьиэ 20-тэн тахса араас тиэмэлээх отделлаах.
«Симэх» иистэнньэҥнэр түмсүүлэрэ өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр. Кинилэр атсимэҕин, булт тэрилин өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапкаларыгар ситиһиилээхтик кытталлар. Соторутааҕыта Дьокуускайга СӨ норуотун маастара, историческай наука кандидата Светлана Петрова «Уран иис: Үгэс уонна аныгы кэм» айар быыстапкатыгар улуус «Сунтаар ситимнэрэ» уопсастыбаннай түмсүүтүн састаабыгар киирэн, XIX үйэтээҕи сүктэр кыыс таҥаһын көрдөрөн улахан сэҥээриини ылбыттара.
Онтон норуот маастарын күнүгэр Дьокуускайга ыытыллыбыт сэлэлии хаамсыыга Сунтаар сахалыы таҥныбыт иистэнньэҥнэрэ биир инники кэккэҕэ сырыттылар.
Үһүс сылын бииргэ үлэлиир «Симэхтэр» сыл аайы араас тиэмэни талан иистэнэллэр. Маҥнай мусуой экспонаттарыгар олоҕуран, саха төрүт ииһигэр туттулларсииктэри үөрэппиттэр. Уонча араас сииги булбуттарыттан, сэттэ-аҕыс сииккэ олоҕуран, кыра-кыралаан иистэнэн барбыттар.
Онтон сиэттэрэн, сүктэр кыыс таҥаһын тигиини саҕалаабыттар. Кыыс таҥаһын тигэллэригэр Элгээйи мусуойун төрүттээччи Борис Николаевич Андреев «Тэҥэ суохтар холбоһуулара» хартыыната төрүөт буолбут. Бу хартыынаттан көрөн, Сунтаар улууһугар оччолорго дьон хайдах таҥна сылдьыбытын оҕолору кытары үөрэппиттэр. Үөрэнээччилэр хартыына ис хоһоонуттан ситимнээн, араас тиэмэҕэ (сииктэр, чопчуурдар, хаттык таҥастар араастарыгар) дакылаат суруйбуттар. Онон саха дьахтара оччотооҕу кэмҥэ хайдах таҥастааҕын үөрэппит-чинчийбит үлэ өрөспүүбүлүкэ уонна Арассыыйа конференцияларыгар кыттыбыт.
«Симэхтэр» улуустааҕы «Сунтаар ситимнэрэ» түмсүүнү кытта бииргэ үлэлээн, сүктэр кыыс таҥаһын-сабын, туттар малын-салын, уопсайынан бүтүн кэмпилиэгин өссө да ситэрэр-хоторор соруктаахтар. Онуоха көмүс киэргэллэрин оҥорууга «Уран Саха» ювелирнай фирма көмөтө эмиэ дьоһуннаах миэстэни ылар.
Бастаан саҕалыылларыгар Б.Андреев биир эрэ хартыынатыгар олоҕурбут буоллахтарына, билигин көрүүлэрэ, фантазиялара кэҥээн, кини өссө икки уруһуйун үөрэтэ сылдьаллар. Ытык киһи айылҕата биэрбитинэн, дууһата этэринэн уруһуйдаан хаалларбыт «Ыһыах» дьүһүйүүтэ кинилэргэ элбэҕи биэрбитин туһунан иистэнньэҥнэр астына бэлиэтииллэр. Ол түмүгэр Сунтаар улууһун дьахталларын таҥаһа-саба, оһуора-мандара, көмүс киэргэллэрэ атын улуустартан биллэр-көстөр уратылаах эбит диэн санааҕа кэлбиттэр.
«Симэхтэр» Москваҕа, Санкт-Петербурга ыһыах сиэрин-туомун көрдөрбүттэрэ, кинилэр талааннара биһирэммитин туоһулуур. Быыстапкаларга сылдьан тугу көрбүттэрин-билбиттэрин айымньыларыгар туһаналлар. Санкт-Петербурга этнографическай мусуойга сылдьан баран, дьахтар таҥаһыгар эбии эр киһи таҥаһын тигэргэ баҕалаах өрө көтөҕүллэн кэлбиттэр. Онон икки хас сылынан дьахтар уонна эр киһи урууларын толору таҥаһа баар буолуо диэн эрэнэ саныыллар. Таҥаһы хайдах баарынан уларыппакка, аныгылыы технологияны туһаммакка, төрүт үгэһинэн эрэ тигэр санаалаахтар. Онуоха мусуой экспонаттара тирэх, көмө буолалларыттан киэн тутталларын этэллэр.
Тойбохой истэнньэҥнэрэ бэйэлэрин талааннарын, сатабылларын, билиилэрин ыччакка тириэрдэр баҕалаахтар. Соторутааҕыта оскуола оҕолоругар анаан саха хаттык таҥаһыгар дьаһалы тэрийэн ыыппыттар. «Халыҥнык таҥна сылдьар эрэ киһи доруобай буолар. Аныгы ыччаттар ону соччо өйдөөбөттөр. Ол иһин, биһиги саха кыыһын-уолун былыргы хаттык таҥастарын быыстапкаҕа туруордубут. Оҕолор син сэҥээрдилэр. Түөһүнньүгү, сахалыы оһуордаах үтүлүктэри, сон иһинэн кэтиллэр бааччыны, тииҥ истээх сутуруону, сыалдьаҕы уо.д.а. көрдөрдүбүт. Ыччат маннык таҥастары оһуордаан-мандардаан, аныгы деталлары киллэрэн, төһө баҕарар кэтиэн сөп. Сахалыы таҥаһы тигиини технология уруогун бырагырааматыгар киллэрэн эмиэ үөрэтэбит. Онон, саха өбүгэ таҥаһа-саба олох сүтэн хаалыа диэн куттал соччо суох», – диэн иистэнньэҥнэр кэпсииллэр.
«Симэхтэр» былааннара киэҥ. Инникитин сахалыы бэлэпчиги тигэргэ ылсыахтарын баҕараллар. Ону сэргэ ат киэргэллэригэр, симэхтэригэр ылсыбыттар. Кинилэр – улууска ат симэҕэр онус сылын ыытыллар куонкурус биир көхтөөх уонна талааннаах кыттааччылара.