Улуус олоҕо: Тойбохойу аатырдыбыт сопхуос үйэ аҥаардаах үбүлүөйүн бэлиэтиир

933

Бүгүн «Улуус олоҕо» бырайыакка Тойбохой нэһилиэгин, чуолаан Саха сиригэр элбэх үүтү-эти биэрэн, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга инники кэккэҕэ сылдьыбыт сопхуос бэтэрээн үлэһиттэрин ахтыыларын, билиҥҥи олоххо көрүүлэрин кэпсиэхпит. Быйыл «Тойбохой» сопхуос тэриллибитэ 50 сылын бэлиэтиир.


Сунтаар улууһун Тойбохойугар сылдьа илик өрөспүүбүлүкэ олохтооҕо бу нэһилиэк аатын иһиттэҕинэ, киниэхэ СӨ норуодунай артыыһа Аркадий Алексеев онус кылааска сылдьан Иван Алексеев тылларыгар суруйбут «Тойбохой» диэн ырыата иһиллэн кэлиэн сөп. Сорох эрдэтээҥи суруйуулар кэрэһэлииллэринэн, Тойбохой сирэ-уота ХVIII үйэттэн номнуо биллибит курдук. Онтон нэһилиэк тэриллибит күнүн-дьылын туһунан Георгий Башарин этэринэн, 1837 с. Нөөрүктээйи нэһилиэгэ Нөөрүктээйи уонна Торбохой нэһилиэктэригэр араарыллыбыт. Торбохой 1935 с. Тойбохой диэҥҥэ уларытыллыбыт.

Тойбохой нэһилиэгэ уруккуттан дьон-сэргэ көтөҕүллэн үлэлиир-хамсыыр, олохсуйар үтүөкэннээх сирэ. Социалистическай Үлэ дьоруойа, уһулуччулаах учуутал Георгий Бессонов көҕүлээһининэн тойбохойдор үтүмэн үлэнэн, бүттүүн турунан «күннээх Кавказ күөҕүн» сириэдитэр, сэлиэнньэлэрин киэргэтэр үтүө холобурдара күн бүгүҥҥэ диэри салҕанан бара турар.

Тойбохойтон чугас «Сургутнефть» промышленность тэрилтэтэ чинчийии-көрдөөһүн үлэтин ыытан баран, производственнай тобоҕун, сиргэ-уокка ыспыт бөҕүн-сыыһын хомуйбакка барбытын олохтоохтор киэҥ иһитиннэриигэ таһааран, айдааны тардан, бэйэлэрин куоластарын биллэрбиттэрэ. Ол түмүгэр туһааннаах сир хомуллубута, онтон буруйдаахтар 500 тыһыынча ыстараабы нэһилиэккэ төлөөбүттэрэ. Тойбохойдор эдэрдиин-эмэнниин ити курдук түмсүүлээхтэр, дойдуларыгар бэриниилээхтэр.

Модест Петров, 30-ча сыл “Тойбохой” сопхуоска кылаабынай экэнэмииһинэн үлэлээбитэ:

Уопсайынан, тыа хаһаайыстыбата Сэбиэскэй сойуус да саҕана, ырыынак да сылларыгар улаханнык болҕомто киинигэр хаһан да ылыллыбатаҕа. Быйыл үбүлүөйгэ бэлэмнэнэр дьон быһыытынан, үлэлээбит ааспыт күргүөмнээх сылларбытын ахтан-санаан, бар дьоҥҥо билиһиннэрэр ытык иэспит дии саныыбыт.

Бастакы дириэктэрбит Василий Николаевы умнубаппыт. Урукку холкуостаах биэнсийэтэ суоҕун кэриэтэ этэ. Арай оробуочай аатын ылан баран, биэнсийэҕэ тахсар буолбуттара. Итиннэ Василий Николаев таһаарбыт 1 нүөмэрдээх бирикээһэ олус улахан суолталаах. Бу бирикээскэ 16 сааһын туолбут оҕотуттан саҕалаан аарыма кырдьаҕаһыгар диэри холкуостаахтар бары испииһэктэммиттэрэ. Кинилэр холкуоска үлэлээбит ыстаастара барыта ааҕыллыбыта, чуолкайдаммыта. Ол түмүгэр толору биэнсийэҕэ тахсар буолбуттара.

«Тойбохой» сопхуос Сунтаар улууһун эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэни аһатан-таҥыннаран, аатыран-сураҕыран олорбута. Ынах-сүөһүнү сэргэ 1488 кырымахтаах хара саһылы, 504 дьиэ табатын ииппиттэрэ. Холкуоска 59 тыраахтар, 26 массыына, бурдугу хомуйар 9 комбайн ньиргиччи үлэлииллэрэ. Холкуос үллэһиллибэт фондатыгар, хамнаабат хапытаалга уопсайа 900 тыһыынча уу харчылаах этэ. Онон, сопхуос тэриллэригэр холкуостаахтар мунньуммут баайдара-дуоллара — 3 мөл 57 тыһ. 179 солкуобай судаарыстыбаҕа босхо бэриллибитэ. Онон биһиги дьоммут улахан патриоттар эбит диэн билигин сыаналыыбын.

Араас кэмнэргэ үлэлээбит дириэктэртэр бары кэскиллээх былааннаах үлэлииллэрэ. Кэлэр биэс уонна онтон кэнники сылларга хайдах үлэлиэхтээхтэрин торумнууллара. Маҥнайгы дириэктэр Василий Николаев племенной үлэҕэ улахан болҕомтотун уурбута. Сүөһү боруодатын тупсарыыга уонна саха сылгытын үөскэтиигэ үлэ аан бастаан Дьаархан отделениетыгар тэриллибитэ. 1972 с. искусственнай сиэмэлээһин пууна тэриллэн, улахан симментал боруода оҕустары аҕалан, искусственнай сиэмэлээһин тэриллибитэ.

Бэтэрээн бэлиэтээн эппитин курдук, тыа хаһаайыстыбатыгар саҥаны киллэрии хаһан баҕарар үбү-харчыны тута биэрбэт. Ол сиэринэн, племенной үлэ түмүгэ сүүрбэччэ сылынан, 1990 с. үчүгэйдик көстүбүт. 1977 сыллааҕы улахан оҕустар сиэмэлэриттэн төрөөбүт ньирэйдэри талан, Аллаҥаҕа иитэн улаатыннарбыттар. Сороҕун атын отделениеларга атыылаан, хардарыта барыс киллэриммиттэр.

Бастакы дириэктэр Василий Николаевы 1975 с. Сунтаарга атын үлэҕэ анаабыттар. Кини оннугар учуонай степеннээх Михаил Павлов ананан кэлэн, 1982 с. диэри таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Тойбохой эбэ хотуҥҥа араас уопуттары ыытан, наукаҕа үлэтин-хамнаһын оҥорон, кандидатскай диссертациятын көмүскээбит, тыа сирин олоҕор науканы киллэрбит үтүөлээх киһинэн ааҕаллар уонна киэн тутталлар. 1982-85 сылларга 6 тыһыынча тонна сиилэһи симэр, 9-10 тыһыынча кэриҥэ оту оттуур буолбуттара.

Михаил Гаврильевич эбэни туоруур алта биэрэстэлээх суолу оҥотторбута биллэр, суол оҥоһуутун баһылаабыттар. Сайылыктарга, ходуһаларга уопсайа сүүсчэ биэрэстэ суолу тыраахтарынан астаран оҥорбуттар.

«Биһиги сопхуоспут ыһыллыбытын кэннэ кэлэктиибинэй хаһаайыстыбанан олоро сатаабыппыт. Баҕалаах дьон паайдарын биэрэн, бааһынайга барбыттара. Сорохтор идэһэ гынан сиэбиттэрэ, сорохтор сүөһү гыммыттара. «Бөдөҥ хаһаайыстыбанан олорор куһаҕан, тоҕо тарҕаспаккыт» диэн ис хоһоонноох телеграмма сотору-сотору кэлэрэ. Оттон боростуой үлэһит дьон ыһыллар баҕата суоҕа. Бары түмсэн күүһү холбоон үлэлииллэрин ордорбуттара. Биһиги араас суолунан бара сатаабыппыт. Сувенир оҥорор сыаҕы аһан, ииппит саһылбыт уонна андаатар тириититтэн бэргэһэ тигэн атыылаабыппыт. Мирнэйгэ тыа сириттэн маҥнайгынан «Хочо» диэн маҕаһыыны арыйа сыдьыбыппыт. Мантан бородууксуйабытын илдьэн атыылыыр этибит. Алмаастарга эмиэ кытаанах кэм кэлэ сылдьыбыта. Онон аһылыкпытын аныгыс хамнастарыгар диэри иэс ылаллара», — диэн санаатын ситэрэн эттэ.

Кириллин Николай Константинович:

— 1970 с. оскуоланы бүтэрэн, тырахтарыыс кууруһугар үөрэнээт, «Тойбохой» сопхуос ыһыллыар диэри ити идэбинэн үлэлээбитим.

Сопхуос бүтэн биэрбэт үлэтэ үгүс этэ. Кыһын үлүгэрдээх элбэх хочуолларга  мас, чуукка таһыытыгар үлэлиирбит. Сууккаҕа иккилии прицебынан оттуллар оһохтор бааллара. Онтон саас ыһыыбыт үлэтэ саҕаланара. Сайын от үлэтигэр уонна кыһын мас тиэйиитигэр күргүөмүнэн тахсарбыт. Биир гааттан 2,5 тонна оту ылар кэммит баара. Оппут сиэмэтин хомуйан, комбайннаан атын нэһилиэктэргэ тарҕатарбыт, атыылыырбыт. 1985-86 сылларга сопхуоспут муҥутуур көрдөрүүлэри ситиспитэ. Ити курдук, сылы эргиччи сопхуос туһа диэн тилигирэччи үлэлиирбит.

Николай Константинович этэринэн, билигин олох атын кэм. Улахан хаһаайыстыбалар ыһыллан бүтэн тураллар. Чааһынайдар, фермердэр уонна биирдиилээн предпринимателлар бэйэлэрин-бэйэлэрэ көрүнэн, дьаһанан олороллор. Элбэх сүөһүлээхтэр сударыыстыбаҕа эти-үүтү балачча туттараллар. Ону таһынан оттуур сирдэри түҥэтэн, син оттуур сирдээхтэр. Ол эрээри, кэлин кураан дьыллар тураннар, томтор сирдэр үчүгэйдик үүммэттэр. Хаалбыт уулар олорон хаалан, лаҥха буолан сыталларын үлэһит дьон улаханнык харааста көрөр. Хаһаайыстыбалаах уонна тыа сиригэр олохсуйан хаалыан баҕалаах дьон граҥҥа киирсэн, хаһаайыстыба тэринэр. Сорох дьон ынах сүөһүлэрин эһэн, сылгы ииттинэн олорор, сылгы ыал аайы баарын кэриэтэ.

1986-88 сылларга ыһыы отунан дьарыгыра сылдьан, оройуоҥҥа даҕаны, Бүлүү бөлөх зонатыгар да миэстэ ылсан, оройуоммутугар үс сылга рекорд олохтуу сылдьыбыппыт. 1200 тоннаны оттообуппут. Дьокуускайтан кэлэн кэлэктиибинэй бэдэрээти киллэриилэрэ үчүгэй түмүктэри көрдөрбүтэ. Уопсай үлэ түмүгүнэн хамнас ылан баран, бары үллэстэр этибит. Онон хас биирдии киһи үлэтигэр интэриэстээх буолара. Ол иһин, ситиһии баара.

1981-1989 cылтан механизациялаах звено салайааччытынан үлэлээбитим.

Валерий Петрович Илларионов, Сунтаар улууһун «Хочо» муниципальнай тэрилтэтин дириэктэрэ:

Биһиги тэрилтэбит Хочо эҥэр нэһилиэктэргэ Тойбохойго, Маар Күөлгэ, Дьаархаҥҥа, Бүлүүчээҥҥэ уонна Наахараҕа үүт бородууксуйатын нэһилиэнньэттэн тутан, переработкалаан нэһилиэнньэҕэ батарабыт.

2016 сыл түмүгүнэн 563606 тонна үүтүн тутан, былааммытын аһардыбыт. Биһигини кытары үлэлэһэр нэһилиэктэр олохтоохторо 21 мөлүйүөнтэн тахса дохуоттаналларын ситистибит. Онон нэһилиэнньэттэн тутар үүппүт сыл аайы сүүрбэлии тоннанан эбиллэн иһэр.

Тэрилтэ 24 үлэһиттээх. 2013 сыл аҥарынааҕы көрдөрүүнэн, үлэһиттэр орто хамнастара 5800 солк эбит буоллаҕына, 2016 сыл түмүгүнэн 19842 солк. тиийэрэ ситиһиллибит. Сыл аайы иккилии үлэһит Дьокуускайга доруобуйатын бэрэбиэркэлэтэ барарыгар үп-харчы өттүнэн көмөлөһөллөр. Үлэһиттэр оҕолоро оскуоланы бүтэрэллэригэр, үчүгэйдик үөрэнэр оҕолорго граннары, бэлэхтэри туттараллар. Бу барыта үлэһиттэр социальнай өттүнэн көмүскэллээх, дьоннорун-сэргэлэрин иитэллэригэр бигэ туруктаах уонна үлэ түмүктээх буоларыгар интэриэстэрин улаатыннарар туһуттан оҥоһуллар.

Бары да бэйэлэрин идэлэригэр олус бэриниилээхтэр. Чуолаан, кылаабынай бухгалтер-экономист Мария Филиппова, арыы Тойбохойдооҕу сыаҕын маастара Сергей Николаев, Маар Күөлтэн Виктория Яковлева, Бүлүүчээнтээн Зоя Спиридонова, суоппарбыт Павел Иванов уо.д.а. буолаллар.

«Хочо» тэрилтэ нэһилиэнньэни үрдүк хаачыстыбалаах аһылыгынан хааччыйан, дьон доруобуйата айгыраабатын, чөл туруктаах буолуутун ситиһэр сүрүн соруктаах үлэлии-хамсыы олорор. Ону тэрилтэ 2015 с. «Хаачыстыба национальнай маарката», 2016 с. СӨ Эргиэн-промышленнай палаататын «Көмүс Меркурий» хаачыстыба бириэмийэлэри ылбыта туоһулуур.

Атыылааһааччы туһанарыгар сөптөөх буоллун диэн былырыыҥҥыттан ыла биэстии киилэлээх арыыны оҥорон таһаарар буолбуттар. Аны туран нэһилиэнньэ атыыласпыт бородууксуйатын дьиэлэригэр илдьэн биэрэр үгэһи олохтообуттар. Сунтаар улууһугар эргиэн туочукаларын элбэппиттэр. Бэл ыаллыы сытар Ньурба улууһугар биирдэ эмэ сырыы атахтанан хааллаҕына, “Сунтаарбыт үүт аһа ханна баарый?” диэн ыйыталаһар буолбуттар.

«Хочо» тэрилтэ тыа хаһаайыстыбатыгар үлэтинэн эрэ муҥурдаммакка, нэһилиэк, улуус уопсастыбаннай үлэтигэр көхтөөхтүк кыттар. Ол курдук, «Тойбохой» сопхуоска аналлаах сквер тутуутун 2014 сылтан саҕалаабыта. Тойбохой отделениетын туһунан стендэ оҥоһуллуохтаах. Кыайыы 70 сыллаах үбүлүөйүнэн тэрилтэ күүһүнэн «Сопхуос оробуочайдара – Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрэ» Тойбохой нэһилиэгиттэн сэриигэ кыттыбыт сопхуос оробуочайдарыгар өйдөбүнньүк туруорбуттар. «Бу бырайыактан аккаастанар бырааппыт суох. Урукку нэһилиэкпит туох баар экономическай, социальнай туруктарын тутан олорбут ийэлэрбит-аҕаларбыт, эбэлэрбит-эһэлэрбит үгүс көлөһүннэрин тохпут олохпут биир историческай кэрдиис кэмин үйэтитэр биһиги ытык иэспит дии саныыбыт», – диир тэрилтэ дириэктэрэ.