Улуус олоҕо: Уолба Боппуоһаптара илии ыарахан үлэтин чэпчэтиигэ анаан ылсаллар

1729

Уолбаҕа тиийбит киһи Торуомалары хайдах даҕаны быһа ааспат. Ол тоҕото биллэр: Торопуун (Торуома) Боппуоһап сэттэ оҕото сэттиэн төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэктэриттэн харыс халбарыйбакка, бары манна ыал-күүс, дьиэ-уот тэринэн олохсуйбуттара. Онон алта лиҥкинэс уолтан уонна соҕотох кыыстан Уолбаҕа Боппуоһаптары ааттатар оҕо-уруу элбэх. Таатта оройуонун сис ыалын олоҕун-дьаһаҕын Сахамедиа «Улуус олоҕо» бырайыагар суруйабыт.


Сыл – хонук. Боппуоһаптар сиэннэрэ улаатаннар, бэйэлэрэ бары ыал буолбуттар. Сорохтор куоракка үлэлииллэр, олороллор. “Кэргэн тахсан, кийиит буолан киирээппитин тойонноох хотуммут дьиэ-уот тутан биэрэннэр, Уолбаҕа олохтообуттара”, — дэһэллэр кийииттэр.

Бииргэ төрөөбүт Боппуоһаптартан улаханнара Владимир, төрдүс уол Трофим уонна кыралара Василий олохтон эрдэ туораабыттара хомолтолоох. Билигин бааллартан саамай аҕалара – Михаил Боппуоһап өрөспүүбүлүкэҕэ балбаах оҥоһуктарынан биллэр киһи, Москваттан тиийэ сакаастаан оҥоттороллорун кэпсиир. “Ылыстым, саҕалаатым даҕаны, оҥорорбор тиийэр буоллаҕым”, — диэн хоруйдаата маастар Саҥа дьыллааҕы оҥоһуктарын салгыы хайыыр санаалааҕын билээри туоһуласпыппар. Михаил Трофимович кэргэнэ, нуучча тылын учуутала Зоя Петровналыын түөрт оҕону улаатыннардылар, сиэннээхтэр.

Кини аннынааҕы Иннокентий Трофимович олохтоох коммунальнай хаһаайыстыбаҕа слесарьдыыр, кэргэнэ Виктория Всеволодовна оҕо саадыгар музыканы биэрэр, икки оҕолоохтор, эмиэ сиэннээхтэр.

Иван Трофимович Евдокия Спиридоновналыын үс оҕолоохтор, кэргэнэ оҕо саадыгар иитээччи көмөлөһөөччүтүнэн үлэлиир.

Кыра уолларыттан Василийтан түөрт оҕо хаалбыт, дьиэни-уоту кэргэнэ Анна Петровна тутан олорор, үс сиэнин кытта бодьуустаһар. Кинилэр улахан уоллара Петр дьонун тэлгэһэтигэр дьиэ туттан, ыал буолан олорор. Боппуоһаптар “улахан хаһаайыстыбабытын дьаһайдаҕына кини дьаһайыа” диэн эрэнэр киһилэрэ.

Ортоку оҕо, соҕотох кыыс Дария Трофимовна — олохтоох тэрилтэҕэ социальнай үлэһит, икки оҕолоох, түөрт сиэннээх.

Уолбаҕа олорооччулар түөрт ыалынан холбоон, 70-ча сүөһүлээхтэр. Бары көмөлөөн, кыттыһан оттууллар. От үлэтигэр үс МТЗ, икки кытай дьоҕус тыраахтарын көлүнэллэр. Туораттан сылдьар киһи ала-чуо Боппуоһаптар тиэргэннэригэр иһирдьэнэн-таһырдьанан хара баһаам тимир оҥоһуктар туралларын-сыталларын бэлиэтии көрөр. Ини-бии Боппуоһаптар аҕаларыттан утумнаан, бары рационализатордарын билэр дьон маннык тимир баайтан соһуйбаттар.

Иван быйыл дьонтон быраҕыллыбыт “Ока” массыынаны ылан, мотуорун туһанан, үүт таһар массыына оҥорбут. Бу дьоҕус тимир көлөнү быйыл үһүс кылааска үөрэниэхтээх кыра уола Дьулус бас билэр, үүтү сарсыарда аайы кини тиэйэн илдьэр. “Билигин үүт таһар оҕо аҕыйаата. Түүнү быһа киинэ көрөн, интэриниэккэ олорон баран, сарсыарда кыайан турбат буоллахтара”, – диир Уйбаан.

Кини айымньылара бары илии ыарахан үлэтин чэпчэтэр аналлаахтар. Холобур, STIHL (Штиль) эрбиини күөлтэн-өрүстэн муус ылыытыгар мууһу кэбэҕэстик, түргэнник хайытарга анаан каркаска олордон уонна мас эрбэтэргэ табыгастаах гына үрдэтэн хос тутаахтаан оҥорбут. Маннык түбэлтэҕэ, биллэн турар, үлэ оҥорумтуота хас эмит төгүл улаатар уонна киһи тура сылдьан үлэлиир буолан, сиһэ быстыбат, илистибэт.

Бу курдук Уолбаҕа хас биирдии Боппуоһап олбуоругар, гараһыгар киирдэххинэ – дьиктини, туһалааҕы булан көрөҕүн.