Уһун Күөл сэлиэнньэтин олохтоохторун дьиэлэрэ-уоттара эдэр уус Гаврил Иванов оҥоһуктарынан туолбута ыраатта. Билигин миэбэл оҥоруутугар сакааһы атын улуустартан, Дьокуускайтан ылар. “Сахамедиа” суруналыыстара “Улуус олоҕо” бырайыак чэрчитинэн ууһу кытта көрсөн кэпсэттибит.
Гаврил улахан дьиэ кэргэн тыыла — тапталлаах кэргэн, түөрт оҕо амарах аҕата.Гаврил Иванову биир дойдулаахтара: “Уолбутугар тарбаҕар талаан кимтэн бэриллибитэ буолла?” дии саныыллар. Кырдьыга, Гаврил удьуоругар улахан уус киһи баара биллибэт. «Арай ийэм өттүнэн эһэм кыралаан олоппос уһанарын өйдүүбүн», — диир бэйэтэ.
“Оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпинэ, сайыҥҥы сынньалаҥнарбар, биһиги сэлиэнньэбититтэн төрүттээх Дьокуускайга олорор аҕам доҕоругар, норуот маастара Гаврил Николаевич Шадрин уһанарын көрө анаан-минээн тиийээччибин. Кини мастан араас дьэрэкээн оҥоһуктары уһанан таһаарарын сөҕө саныырым. Кэлин Гаврил Николаевич мин интэриэһиргиирбин бэлиэтии көрөн, кыралаан уһаннарара, сүбэлээн-амалаан биэрэр буолбута”, — диэн Гаврил уус идэтигэр бастакы хардыыларын туһунан кэпсиир.
Билигин дьон үксүгэр дьиэ-уот миэбэлин сакаастыыллар: олоппостордоох остуол, буфет, орон, ыскаап. “Кэм уларыйдаҕын ахсын дьон сахалыы дьүһүннээх, оҥоһуулаах, оһуордаах малы-салы сөргүтэр баҕалаах буолла. Онтон олус үөрэбин. Ардыгар ааттарын-суолларын кыстарааччылар, үйэттэн-үйэҕэ, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэргэ өйдөбүнньүк быһыытынан хаалар мал буолан, оннук оҥоттороллор дии саныыбын. Билигин бу былыргылыы моһуоннаах буфеты оҥордум. Сороҕор хайдах быһыылыыргын бэйэҥ толкуйдаа диэччилэр, ардыгар сурунаалтан, кинигэттэн көрбүт миэбэллэрин үтүгүннэттэрээччилэр. Мин бэс маһынан эрэ уһанабын, тииккэ холоотоххо бу матырыйаал сымнаҕас уонна үйэлээх. Маспын Бороҕонтон сакаастаан ылабын, сылга биир-икки куб сөп буолар”, — диэн сэһэргээччим санаатын үллэстэр.
Гаврил билиҥҥитэ чааһынай предприниматель быһыытынан докумуоннаспатах, онон араас граннарга кыттан көрө илик. Кини уһанарын биир үксүн үлэ курдук ылыммакка, иллэҥ кэмигэр дьарыктанар. Дьоҕус мастарыскыай тэринэн, онно соҕотоҕун үлэлии-хамныы сылдьар. Сэһэргээччибит түптээн кыһын уһанар. Сайынын дьиэ ис-тас, от-мас үлэтиттэн ордубат. Ол эрээри, дьыл итии кэмигэр даҕаны сакаас толору буоларын этэр. Окко киириэххэ диэри, ыһыах кэмнэригэр ыҥырыынан сылдьан сэргэ оҥоруутунан дьарыктанар. Былырыын Дьааҥыга, быйыл Бүлүүгэ буолбут Олоҥхо ыһыахтарыгар Аал Луук Маһы, ураһалары оҥорорго көмөлөспүт.
Гаврил идэтинэн ювелир. “Үөрэммит идэбинэн аҕыйах кэм үлэлии сылдьыбытым, соччо сөбүлээбэтэҕим. Уһанарбын туохтааҕар даҕаны ордорор эбиппин. Ити эрээри уһанарым ювелиртан таһыччы атын дьарык буолбатах. Илиинэн оҥорор, биир тиэхиньикэлээх үлэ буоллахтара. Маска оһуор, уруһуй кыһан таһаарыыга үөрэҕим туһалыыр. Оҥорбут миэбэллэрбэр биир сыананы сатаан быспаппын. Оҥоһук кээмэйиттэн, уустугуттан көрөбүн”, — диэн кэпсиир.
Аны биир интэриэһинэйэ диэн, Гаврил уһанар туох баар тэрилин эмиэ барытын бэйэтэ оҥорор. Иллэҥсийдэ даҕаны ыстамыаска уһаарыытынан, ук кыһыытынан дьарыктанар. Бу тэриллэр номнуо мээнэ атыыламмат буолбуттар бэлиэтиир. «Сэбиэскэй кэмтэн хаалбыт ыстаымыаскалар бааллар, олорго маарыннатан оҥоробун. Атын уустарга эмиэ чочуйан, таптайан биэрэбин«, — диир кини.
Гаврил сотору кэминэн Дьокуускай куоракка чааһынай тэрилтэҕэ уһана киирээри сылдьарын «Улуус пааспарыгар» кэпсээтэ. Табылыннаҕына, маастар-кылаастары тэрийэн ыытыахтааҕын этэр. “Бу кэмҥэ миэхэ куоракка үлэлиирим табыгастаах. Дьокуускайтан сотору-сотору сакаас киирэр. Анараа кытылга сылдьар буоллахпына, суол сабылыннаҕына оҥоһуктарбын тиксэрэрбэр даҕаны табыллыам этэ”, — диир кини. Ол аата, куорат дьоно мындыр уус уһуйааныгар дьарыктанар кыахтаныахтарын, миэстэтигэр көрө сылдьан оҥорторуохтарын сөп курдук усулуобуйа тэриллииһи.