«Улуус олоҕо»: Уус алданнар сирдэригэр хаһаайынныы сыһыаннаһаллар

3333

Уус Алдан улууһугар сир кытта үлэ – тыын боппуруос. “Сахамедиа” суруналыыстара “Улуус олоҕо” бырайыак чэрчитинэн Найахы, Кэптэни, Дүпсүн нэһилиэктэрин тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьонун кытта кэпсэтэн, сүөһүнү иитиигэ, үрдүк үүнүүгэ туох кыһалҕалары көрсөллөрүн билистибит. «Улахан болҕомтобутун сирбитигэр уурабыт«, — диэтилэр кинилэр.


Бу боппуруос Уус Алдан улууһугар эрэ буолбакка бүтүн өрөспүүбүлүкэ кэтэх хаһаайыстыбалаахтарын барыларын долгутар буолуохтаах. Сэбиэскэй Сойуус эстибитигэр, колхуос ыһыллыбытыгар оттуур сирдэри маассабай үллэстии саҕаламмыта. Бу кэнниттэн сүөһү иитиитинэн дьарыктаммыт дьон кэлин хаһаайыстыбаларын эһэн баран, сири-уоту кураанахтыы тутан олороллор. Бэл, сорохтор сирдэрин ааттарын, хайа диэки баарын билэллэрин саарбахтыыбыт. Бу маннык быһыы-майгы элбээн, билигин хаһайыстыба, кэпэрэтиип тэриммит дьоҥҥо атахтааһыны үөскэтэр. Саҥа саҕалыыр эдэр урбаанньыттар сир атыылаһан, үллэстэн, атын нэһилиэктэртэн от атыылаһан, уһун кыһыны быһа эрэйдэнэллэр.

Кэптэни нэһилиэгэр ынах, сылгы иитиитинэн дьарыктанар хаһаайыстыбаны эдэр киһи Анатолий Бурнашев тутан олорорун туһунан суруйан турабыт https://archive.ysia.ru//zhizn-v-rajonah/uluus-olo-o-uus-alda-a-s-a-yn-buluuga-araas-nymany-tuttallar/. Кини эмиэ улахан тэлгэһэни тэринэргэ оттуур сир суоҕа атахтыырын эппитэ. Анатолий хаһаайыстыбата бу сирдэри оттоон баран бырыһыан төлөөн, оттуурга, былаан туолуутугар эрэйдэри көрсөрүн бэлиэтээбитэ. Эдэр фермер бу боппуруос быһаарыллыытыгар салалтаҕа эрэнэрин биллэрбитэ.

Мелиорация управлениетын Мүрүтээҕи филиалын салайааччытынан Николай Оллонов үлэлиир. Тэрилтэ оттуур сирдэри, бааһыналары чөлүгэр түһэриигэ былааннаах үлэни ыытар:

1993 сылтан «Лена өрүс, Мүрү күөл» диэн 72,5 км уһуннаах 630 мм уонна 530 мм диаметрдаах турбалаах, үс сүрүн стационарнай уонна уста сылдьар уу хачайдыырдардаах, уопсайа 2880 квт кыамталаах станциялардаах уу ситимнэрин көрөбүт-истэбит, үлэлэтэбит. Түөрт улахан анал тутуунан, түөрт даамбанан сааскы халаан уутун аһарабыт, систиэмэлэр үлэлиир туруктарын көрөбүт, өрөмүөннүүбүт. Аны Туйма диэн 231 гектардаах халытан нүөлсүтүллэр ходуһалаах, аһыллар сабыллар шлюзтаах быһыты үлэлэтэбит. Ууга барбыт ходуһалары, ханаалларын өрөмүөннээн, ууттан босхолоон, оттуурга бэлэмниибит, онтубут уопсайа 465 гектарга тэҥнэстэ. Сайыҥҥы кэмҥэ ходуһаны төрдүттэн тупсарарга үлэлэһэммит, 205 гектары оҥордубут, 20 гектарыгар элбэх сыллаах оту ыстыбыт. Ходуһаны үрдүттэн тупсарыыга, кыһынын РТ-200 механизмынан өрүс кытылыгар уонна арыытыгар 210 гектар дулҕа кырбаттыбыт. Бульдозерынан дулҕа астаран ыраастааһыны тэрийэн, 240 гектар ходуһа сирин таһаардыбыт уонна 22 гектар элбэх сыллаах эбиискэ ыспыппыт. Оттон кыһынын титиригинэн үүнэн эрэр бааһынаны бульдозерынан ыраастаатыбыт. РТ-200 механизмынан, титиригинэн саба үүммүт, быраҕыллыбыт бааһыналары чөлүгэр түһэрдибит. Өрүс уутунан 8000-н тахса киһи туһанар икки нэһилиэккэ сайыҥҥы турбанан өрүс уутун тиэрдэбит. Сир оҥоруутугар сайаапка куруук киирэр. Улууска ыытыллар сири кытта үлэ үбүлээһинэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллэр.

Дүпсүн нэһилиэгэр быраҕыллыбыт бааһынаны чөлүгэр түһэрэ сылдьар мелиорация үлэһитэ Ньургун Аргунову көрсөн кэпсэттибит:

Биһигини сүрүн үлэбитинэн быраҕыллыбыт уонна хаалбыт бааһыналары, сири-уоту сөргүтүү буолар. Олохтоохтортон сайаапка киирдэҕинэ, сири үөрэтэн баран ылсабыт. Германскай тиэхиньикэлэрдээхпит. Бастаан сиринэн мульчер барар, үүнэн турар мастары, чөҥөчөктөрү, талахтары быһыта сынньар, бытарытар. Онтон ротоваторынан хаалбыт силистэри түөрдэрэбит, оччоҕуна сир тэҥнэһэр. Сир оҥоһуллубутун кэнниттэн, эһиилигэр ол миэстэни бааһына быһыытынан туттуохха сөп буолар, чөлүгэр түһэр. Быйыл уһун ардахтар мэһэйдээннэр үлэбит биллэ бытаарда. Дүпсүҥҥэ кэлиэхпит иннинэ Элэһин нэһилиэгэр 10 гаалаах сири оҥорбуппут. Быйыл уопсайа 50 гектар сири чөлүгэр түһэрдибит.

Бу курдук, мелиорация үлэһитэ кылгастык бааһынаҕа үлэ сүнньүн билиһиннэрдэ. Сир-уот тиийбэт кыһалҕаларын быһаарарга үлэ барарын суруналыыстар илэ харахпытынан көрдүбүт.


Саха киһитэ сиригэр хаһаайын буолуохтаах. Бу өбүгэ саҕаттан баар мындыр толкуй. Оччоҕуна эрэ төрөөбүт дойдутугар, айылҕатыгар ытыктабыллаахтык сыһыаннаһан, кэскили тэринэр.

Уус алданнар сири кытта үлэлэрин алтынньы ыйга билсибиппит.