«Улуус олоҕо»: Уус-Ньараҕа олохтоох дьыссаат STEM-үөрэхтээһин тосхолун олоххо киллэрэр

1152

Сахамедиа холдинг суруналыыстара «Улуус олоҕо» бырайыак чэрчитинэн Өймөкөөн улууһугар сырыттыбыт. Биир нэдиэлэ устата олохтоохтор санааларын иһиттибит, туох-ханнык тэринэн, дьаһанан олороллорун илэ харахпытынан көрдүбүт, эт кулгаахпытынан иһиттибит. «Улуус пааспарын» Уус-Ньаратааҕы 36 №-дээх «Березка» оҕо саадыттан саҕалыыбыт. 


Оҕо тэрилтэтин салайааччыта Надежда Ткаченко биһигини көрсөн, үһүс мэндиэмэҥҥэ сирдээн илтэ. Бэркэ билэр көрүдүөрбүнэн ааһан иһэн (бу уһуйааҥҥа оҕом сылдьыбыта), төһө да 20-тэн тахса сыл аастар, уһуйаан өссө тупсубукка, «эдэригэр» түспүккэ дылы буолбутун бэлиэтии көрдүм.

1988 сыллаахха тэриллиэҕиттэн «Березка» киэн туттута — кыһыннары-сайыннары үүнэр «Ботаническай саада» буолар. 2017-2018 үөрэх сылыттан манна интеллектуальнай оонньуулар кииннэрэ аһыллан үлэлиир.

«Березка» оҕо саада быйыл үбүлүөйдээх 30 сылын сонун бырайыагы үлэлэтэн, ситиһиилээх көрсөр. Ол курдук, бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ 10 пилотнай оҕо уһуйаанын ахсааныгар киирэн, STEM-үөрэхтээһин федеральнай бырагырааматынан үлэлиир. Science, Technology, Engineering, Math – диэн терминнэр бастакы буукубаларынан ааттанар STEM (наука, технология, инженерия уонна математика) оскуолаҕа киириэн иннинэ саастаах оҕо тэрилтэтиттэн университекка диэри билиитин чинчийэр хайысхалаах аан дойду үөрэхтээһинин саамай туллар тутааҕынан буолла. Ол эбэтэр оҕо кыра сааһыттан естественнэй-научнай уонна техническэй идэлэргэ уһуйуллан тахсар.

«Ботаническай саад» үүнээйилэрин быыһыгар оҕо интеллектуальнай куората турар. Киһи уһуйаан бу муннугун итинтэн атыннык ааттаабат! Биһиги киирэн кэлбиппитигэр, кырачааннар олох да кыһамматылар — остуол аайы оҕолор иитээччилэрин кытта ким химическэй уопут, ким көмпүүтэргэ киинэ таҥа, ким тулалыыр эйгэҕэ айылҕа уларыйыытын бэрэбэркэлии олороллоро. Бу боччумурбуттарын, тугу барытын умнан олороллорун көрүөххэ үчүгэй.

Аныгы оҕолор диэх курдук, оонньуурдара аны уустук бэйэлээх ЛЕГО-конструктор, робот, көмпүүтэр буолбут. «Куорат» кытыытыгар уолаттар роботтарынан «хоккейдыы» олороллоругар хараҕым хатанна. Бу робот оонньуурдары төрөппүттэрин кытта кырачаан уолаттар бэйэлэрэ таҥмыттар. Химиянан дьарыктанааччылар уопут ыыталлар. Колбалара, таас туруупкалара – барыта дьиҥнээх. Бу «Забавная химия», «Опыты на кухне», «Юный археолог», «Телескоп» диэн STEM-үөрэхтээһин федеральнай бырагырааматын анал стандартарынан ирдэбилинэн оҥоһуллубут чинчийэр үлэҕэ туттуллар тэриллэр эбит.

Судаарыстыбаннай стандартка эппиэттиир тэриллэри атыылаһарга үбүлээһин көрүллэр. Инньэ гынан биһиги уһуйааммыт улууска STEM-үөрэхтээһини ыытыыга экспертнэй былаһаакка быһыытынан үлэлиэхтээх. Ол иһин онно бэлэмнэнэн, бастаан оҕолорбутун кытта бэйэбит үлэлэһэбит. Бу бырагыраамаҕа аналлаах тэриллэри, көмпүүтэрдэри атыыластыбыт. Иитээччилэрбитин тустаах сыаллаах сэминээрдэргэ үөрэттибит. Сүрүннээн чинчийии үлэтин ыытар буолан, научнай ис хоһоонноох оҕону толкуйдатар Фребель уонна Воскобович оонньуурдарын, электроннай конструктордары хото атыыластыбыт. «Мин эйгэм», «Кустук» курдук мультустуудьуйалары эмиэ ыллыбыт. Онон сотору кэминэн оҕолор бэйэлэрэ мульткиинэлэри оҥорон таһаарыахтара. 8-10 оҕолоох бөлөҕүнэн кырачааннарбытын 20-лии мүнүүтэ дьарыктыыбыт, — диэн кэпсиир Надежда Александровна.

Бу оҕо саада отучча сыл устата «эспэримиэнниир былаһаакка» быһыытынан үлэлээн кэллэ. Ол курдук, 2000 сыллар саҥаларыгар бу уһуйааҥҥа «оскуола — оҕо саада» диэн аһылла сылдьыбыта. Манна оҕолору алта саастарыттан оскуолаҕа ылан үөрэтэллэрэ. Кырачааннар уһуйааннарыттан ырааппакка, аһаан, утуйан сынньана түһэн ыла-ыла спортивнай хайысхалаах үөрэҕи ылаллара. Онтон оҕо тэрилтэтэ физическэй култуураны пропагандалыыр уһуйаан быһыытынан оҕону оскуолаҕа киириэн инниттэн спортка уһуйууга ылсыбыта. Оҕо саадын сэбиэдиссэйэ Надежда Ткаченко:

— Тымныы полюһугар кэлбиччэ, биһиги уһуйааммытыгар сылдьыбычча, өссө биир бырайыакпытын киирэн билсэргитигэр ыҥырабыт, — диэн баран, үһүс этээскэ турар биир саалаҕа киллэрдэ. Сэбиэдиссэй кэпсииринэн, уруккута бу саала ыскылаат буолан турбут. Ону төрөппүттэри көмөлөһүннэрэн ыраастаан, өрөмүөннээн баран, бэртээхэй спортивнай трненажер-саалаҕа кубулуппуттар. Биһиги сылдьар кэммитигэр кырачааннар: «Дьэ, көрүҥ, иитээччилэрбит сатабыллаах толкуйдарын түмүгэ бу!» — диэн бигэргэтэрдии, хос араас спортивнай дьоҕус тэриллэригэр дьарыктанан «түбүгүрэ» аҕай сылдьаллар.

Ыраах Тымныы полюһун биир ааттаах-суоллаах оҕо уһуйааныгар сылдьан, урут көрбөтөхпүтүн-истибэтэхпитин билэн, олус астынан таҕыстыбыт. Кырдьык, билигин аныгы IT-технология муҥутуурдук сайда турар, оҕо барыта планшеттан уонна суотабайтан арахсыбат кэмигэр, уруккулуу ньыма үөрэхтэн тэйэллэрэ чахчы. Онон аныгы үйэ тыына «березкалары» сирдээн аҕалла. Оттон эспэриэмиэннииргэ үөрүйэх иитээччилэр иллээх интернациональнай кэлэктиип өрөспүүбүлүкэ бастыҥ уһуйааныгар тиийэ үүнэн, айар-тутар.


Бу саҥа үөдүйэн эрэр үөрэхтээһин аныгы көрүҥэ сотору кэминэн Саха сирин уһуйааннарыгар барыларыгар тэнийиэҕэ. Бастакы хараҥаччыларынан, федеральнай тосхолу олоххо киллэрээччилэринэн Өймөкөөн улууһун киинин Уус-Ньара 36 №-дээх «Березка» оҕо саадын кэлэктиибэ буолла. Уһуйаан 21-c үйэҕэ бастакы «сулустаах чааһын» — STEM-үөрэхтээһини киллэриитин «Улуус олоҕо» бырайыак суруналыыстара кэтээн көрөр дьоллоннубут.