Улуус олоҕо: Виссарион Семенов оҥоһуктара эмтиир күүстээхтэринэн биллэллэр

2362

«Улуус олоҕо» бырайыак чэрчитинэн дьикти айылҕалаах, биллэр уонна биллибэт кистэлэҥнэрдээх Кэмпэндээйи сэлиэнньэтигэр сырыттыбыт. Айылҕаттан ураты бэриһиннэриилээх киһини кытта кэпсэттибит. Кини биһиэхэ эмтээх диэн норуокка биллэр тааһыттан бэлэх уунна.


Кэмпэндээйи улуус кииниттэн 57 км ыраах тайаан сытар. Нэһилиэги 40-тэн тахса улахан кыра күөл, уонунан ахсааннаах үрүйэ тулалыыр. Кэрэ айылҕалаах дойду тууһунан, эмтээх бадараанынан уонна цеолит тааһынан киэҥник сураҕырар. Дьиҥэр, манна Менделеев таблицата барыта баар диэн этэллэр. Сирэ-уота экология өттүнэн ырааһынан, тыытыллыбатаҕынан аатырар буолан, айанньыттар, учуонайдар, араас эйгэ исписэлиистэрин болҕомтолорун тардар.

Хатыламмат айылҕалаах, арыллыбатах аартыктардаах дойдуга тулалыыр эйгэлэриттэн күүс-уох ылынан, дьоҕурдарын сайыннарынан олорор дьон баар буолар. Биһиэхэ биир оннук ураты киһини — Виссарион Никитич Семеновы — билиһиннэрдилэр.

Виссарион Никитич бэйэтэ Эдьигээнтэн төрүттээх. Отучча сыллааҕыта бу дойдуга күтүөт буолуоҕуттан, Кэмпэндээйи дьонун-сэргэтин, сирин-уотун сөбүлээн, иккис дойду оҥостубут.

Кини худуоһунньук хараҕынан араас балык баайдаах күөллэри, тэтиҥ уонна бэс мастардаах, Саха сиригэр суох үүнээйилэрдээх аар айылҕатын холустаҕа түһэрэр. Куораттан, Арассыыйа муннуктарыттан сакаастар киирэ тураллар. Ол эбэтэр Кэмпэндээйигэ үлэлээн-хамсаан баран, Арассыыйа регионнарыгар олохсуйа барбыт дьон олохторун биир кэрэ кэрчигэ ааспыт айылҕаларын ахтан, сакаастаһан уруһуйдаталлар. Эбэтэр киин сиргэ олохсуйбуттар төрөөбүт алаастарын, тиэргэннэрин уруһуйдатар үгэстээхтэр. Ити курдук тардар, абылыыр күүстээх Кэмпэндээйи сирэ-уота.

Виссарион Семенов биирдэ эмэ дойдутугар Эдьигээҥҥэ эбэтэр Өлүөнэ очуостарыгар тиийдэҕинэ, бу дойдулар айылҕаларын уруһуйдаабатаҕына хайдах да сатаммат.
Үөрэммит, баһылаабыт идэҥ хаһан баҕарар, ханна да тиий – туһалыы турар. Виссарион Семенов муостан, уҥуохтан кыһан, быһан оҥорооччу идэлээҕэ онно олук буолар. Кини Кэмпэндээйи таастарын хомуйан, айылҕа кэрэ көстүүлэрин түһэрэн уруһуйдаабытын манна ыалдьыттыы кэлбит киһи хайаан да өйдөбүнньүк гынан атыылаһан барар. Таас сувенирдарын «үтүө дойду тааһа да эмтээх буолуохтаах» диэн үөрэ-көтө ылаллар, махталларын этэллэр.

Илиилэригэр талааннаах дьон үлэлэрэ Дьокуускай маҕаһыыннарыгар тобус- толорулар, сыаналара да балачча, күрэстэһии да элбэх. Ити эрээри дьон маннык айылҕа таастарын ордорор. Мин атын дойду тааһын туттубаппын Кэмпэндээйим эрэ киэнэ барсар. Айылҕа матырыйаалынан кыһамньылаахтык, харыстабыллаахтык сыһыаннаһан үлэлээтэххэ, көстүүтүн төҕө баҕарар хоһуйуохха сөп, – диир Виссарион Семенов.

Кини киэҥ көрүүлээх, баай фантазиялаах буолан, айылҕа дьиктилэрин таба көрөр. Холобур, мас мутугуттан хаартыска араамаларын дьэрэкээн быһыылаан-таһаалаан, лаахтаан, уруһуйдаан оҥорорун сэҥээрэ көрдүбүт.

Матырыйаала барыта айылҕа бэлэҕэ, бэйэҥ инструменыҥ эрэ. Ойуурга куруук сылдьабын, сынньанабын, дуоһуйабын. Тыа сиригэр үлэ элбэх. Баҕарыахха уонна үлэлиэххэ эрэ наада. Киһи уруһуйдаан айаҕын ииттиниэн сөп. Аныгы үйэҕэ кырааска арааһа элбэх. Биһиэхэ туой да баар. Туойунан да дьарыктаныахтарын сөп, – диэн Виссарион эбэн этэр.

Кини дэгиттэр дьоҕурдаах буолан, биир көрүҥҥэ өр олорботун, уруһуйун, маһынан, туойунан, тааһынан оҥоһуктарын дьүөрэлээн оҥорор. Кини барытын дьүөрэлээн, бириэмэтиттэн, настарыанньатыттан көрөн үлэлиирин, былаана элбэҕин кэпсиир. «Быыстапкаларга кыттабын. Куоракка баар биир идэлээхтэрим, учууталларым тус бэйэм быыстапкабын оҥорорбор сүбэлииллэр да, оҥоһуктарым тута атыыга баран иһэр буолан, бэйэбэр туох да суоҕун кэриэтэ. Мантан инньэ дьэ бэлэмнэниэм», – диэн былааныттан билиһиннэрэр.