Таатта улууһун киинэ, Ытык Күөл сэлиэнньэтэ, биэс түөлбэлээх. «Сахамедиа» холдинг «Улуус олоҕо» бырайыагар атыттарга холобур буолардыы сэргэхтик дьаһанан олорор «Куула» түөлбэ туһунан билиһиннэрэбит. «Улуус пааспарыгар» салайааччы Агафья Савватееваны кытта кэпсэтиибитин таһаарабыт.
“Куулаҕа 698 киһи 177 дьиэнэн, 212 буруонан (хаһаайыстыбанан) олорор. Мантан 35-гэр диэри саастааҕа 244 киһи, — диэн Агафья Михайловна түөлбэтин пааспарын билиһиннэрииттэн саҕалаата. – Биһиги сүрүн кыһалҕабыт – ититии. Куула ыалларын кыра аҥаара, үстэн биирэ диэххэ сөп, кииннэммит ититиигэ холбоммута үһүс сылыгар барда. Онтон уратылар оһох оттунан олоробут. Нэһилиэнньэ бу боппуруоһу туруорсубута ыраатта эрээри, коммунальнай хаһаайыстыба сулууспата иэһэ-күүһэ элбэҕинэн, букатын кыаммат туруктаах. Ол иһин бэйэбит ылсарга күһэлиннибит”.
Бу улахан дьыалаҕа ылсыахтарын иннинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар дэлэгээссийэнэн тиийэн, Балыктаах уонна Матта уопуттарын көрбүттэр, үөрэппиттэр. Итиэннэ “киһи кыайыан сөп эбит” диэн итэҕэйбиттэр. Быйыл сайын модульнай хочуолунай көҥдөйүн Тааттаттан төрүттээх предприниматель Тарас Жегусов бэдэрээттэһэн, сэндвич-панелларынан тутан-таҥан туруорбут. Манна 4 хочуол туруохтаах.
“Үлэни бэйэбит ыаллар үптэринэн уонна нэһилиэкпит 2 мөл. солкуобайы биэрбитинэн саҕалаатыбыт”, — диир түөлбэ хотуна. Быһааран эттэххэ, саҥа хочуолунайга холбонуохтаах ыаллартан харчыны икки түһүмэҕинэн хомуйарга быһаарбыттар. Бастакы түһүмэххэ 50 ыалтан 2,5 мөл. солкуобай киириэхтээҕин аҥаардара биэрэ иликтэр эбит. Саҥа хочуолунай матырыйааллыын, хочуоллуун уонна үлэтин аахтахха, 20-чэ мөлүйүөннээх.
Агафья Михайловна нэһилиэк дьаһалтатын таһынан улуус дьаһалтата 3 мөл. солк. суумалаах үбүнэн көмөлөспүтүн, маныаха Таатта нэһилиэгин (Ытык Күөл) мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Александр Шарин, нэһилиэк дьокутаата Егор Ноенохов уонна нэһилиэк баһылыга Егор Павлов мэлдьи өйүүллэрин, тирэх буолалларын махталынан ахтан аһарда. Куула ыаллара эһиил баччаҕа саҥа хочуолунай сылааһынан угуттанарга эрэллээхтэр. Түөлбэ хочуолунайыгар 7 үлэ миэстэтэ тахсара күүтүллэр.
Кииннэммит ититиигэ холбонорго бэлэмнэнэн, быйыл сайын-күһүн уонча ыал дьиэтин көтөхтөрбүт, акылаатын уларыппыт. Түөлбэ салайааччыта ааспыт сыллааҕы отчуотун билиһиннэрбититтэн көрдөххө, 41 ыал олбуорун саҥалыы оҥостубут, 17 дьиэҕэ кырыыһатын уларыппыттар, 10 ыал бэсиэккэ, хачыал, 8 ыал саха балаҕанын туттубуттар. Олорго 1 уус дьиэтэ, 4 хотон эбиллибиттэр. Көстүүнү дьүдэтэр 5 эргэ дьиэни көтүрбүттэр. Былырыын бэйэлэрин күүстэринэн сквер тутуутун саҕалаабыттар. Быйыл күһүн ситэрэ сылдьаллар. Манна оҕолорго хачыал атыыласпыттарын туруоруохтара уонна түөлбэ ыччаттарыгар анаан волейболлуур былаһаакка оҥоруохтара. Саас аайы күөллэригэр хаҥкылыыр сир астараллар.
Ааспыт сыл түөлбэлэр икки ардыларыгар күрэхтэһиигэ бастааннар, 200 тыһ. солкуобайдаах сертификаты ылбыттара сквер тэринэллэригэр тирэх буолбут. Куула түөлбэ салайааччыта ТОС буолар иһин Юстиция министиэристибэтигэр докумуоннарын иккистээн туттарбыттарын эттэ. “Бэйэбит юридическай сирэй буолан, счет арыннахпытына, араас социальнай граннарга киирсиэх этибит. Үптэннэхпитинэ-астаннахпытына, үлэбит өссө күүһүрүө”, — дии хаалла Агафья Михайловна.