СР правительствотын 2016 сылга ыыппыт үлэтин отчуота Уус Алдан улууһугар саҕаланна. Отчуот үс бөлөҕүнэн хайысхаланна. Улуус бары нэһилиэктэрин хабан үлэлиэхтэрэ, дьон олоҕун-дьаһаҕын кытта билсиэхтэрэ, миэстэтигэр быһаарыылары ылыахтара.
СР тас дойдулары кытары сибээһин департаменын салайааччыта В.Н. Васильев салайар бөлөҕө Курбуһах, Сыырдаах, Суотту нэһилиэктэригэр сырытта. Кинини кытта доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы А.Н. Григорьева, промышленность уонна геология миниистирин солбуйааччыта В.В. Калашников, үп министерствотын отделын солбуйааччы начальнига С.А. Семенов, «Саханефтегазсбыт» АУо маркетинг отделын салайааччы В.В. Цыганов, тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министерствотын департаменын специалиһа В.Д. Сыроватскай уонна улуус дьаһалтатын управленияларын салайааччылара сылдьаллар. Бөлөҕү улуус баһылыга А.В. Федотов салайда.
Элбэх ыйытыылар, этиилэр киирдилэр. Отчуот кэмигэр олохтоохтор биирдиилээн ыалы ититэр ситимҥэ холбооһун боппуруоһун сытыытык туруордулар. Курбуһахха саҥа балыыһа дьиэтин, кулууп тутууларын ыйыталастылар. Сыырдаахха саҥа оскуола, кулууп баар буолар кэмэ уолдьаспытын бэлиэтээтилэр. Хас биирдии ыйытыыга толору эппиэт бэрилиннэ. Этиилэр боротокуолга киллэрилиннилэр.
«Биһиги улууспут сайдыыта правительство үлэтиттэн олус тутулуктаах. Ону өйдүүбүт. Ол иһин үлэ-хамнас хаамыытын билээри отчуоту олус күүтэбит, кэпсэтиигэ көхтөөхтүк кыттабыт«, — диэтилэр Суотту олохтоохторо. Суоттулар доруобуйа харыстабылын, тыа хаһаайыстыбатын, гаас ситимин киириитин боппуруостарыгар ыйытыылары биэрдилэр. Күөх зонаҕа олохсуйбут ыаллар дьиэлэрин докумуона, 1998 сылтан олороллорун үрдүнэн, оҥоһуллуута кыаллыбатыттан долгуйалларын чуолаан бэлиэтээтилэр. Оскуола тутуллуута түргэнник олоххо киирэрин, Суотту — Бороҕон хайысхатынан суол оҥоһулларын туруорустулар.
Этиилэргэ республикаҕа араас хаҋысхаларынан элбэх программалар, бырайыактар үлэлииллэрэ олоххо күүс-көмө буоларын, үлэ саҥа ньымаларын арыйа сатыыр дьоҥҥо табыгастаах кэм кэлбитин олохтоохтор ыҋдылар. Онно правительство ыытар үлэтэ сөптөөҕүн бэлиэтээтилэр.