Уус Маайаҕа (Майда Төрдүгэр) олорор тыыл, үлэ бэтэрээнэ, улуус ытык олохтооҕо Гаврил Еремеевич Исаков бүгүн, кулун тутар 5 күнүгэр, 100 сааһын туолла. Ытык кырдьаҕас ыарахан эрээри, баай ис хоһоонноох, дьоллоох олоҕун түгэннэриттэн кылгастык билиһиннэрэбит.
Оҕо абааһытыттан куоттаран
Гаврил Исаков 1918 сыл кулун тутар 5 күнүгэр Күбээйигэ Лэбэрэ Төрдүгэр булчут эбэҥки дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Былыргынан “оҕо турбатын” иһин, абааһыттан күрэтэн, Гаврилы төрөөтүн кытта хотон түннүгүнэн таһааран, ийэтин кытта бииргэ төрөөбүт дьахтарга ииттэрэ биэрбиттэр. Кини кэнниттэн ийэлээх аҕата өссө үс уол оҕолоноллор.
Гаврил биэс сааһын туолуута төрөппүттэрэ бэйэлэригэр ылаллар. Ол кэмҥэ сэбиэскэй былаас бигэтийэн, учууталлар ыаллары кэрийэ сылдьан, оҕолору испииһэктээн туран, үөрэттэрэллэрин модьуйаллара. Гаврил хойутаан, уончалааҕар биир бастакынан Эдьээн начаалынай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Салгыы Уус Майбаҕа үөрэнэн иһэн, ыалдьан, биэс кылааһынан бүтэргэ күһэллэр. Инньэ гынан, 14 саастааҕар “Кыһыл маяк” табаарыстыбаҕа (холкуоска) үлэлии киирэр.
Холкуоһун дьонун хоргуппатаҕа
Күбээйигэ тэриллибит “Кыһыл маяк” холкуос бэрт дьоҕус хаһаайыстыба этэ. Аҕа-ийэ ууһунан суулаһан олорор сүүрбэччэ буруолааҕа. Үөрэхтээх, сытыы-хотуу уолу 21-дээҕэр холкуоска чилиэнинэн ылан, суоччут, биригэдьиир, кэлин холкуос бэрэссэдээтэлин солбуйааччы оҥостоллор. Сэрии иэдээнэ кыра холкуоһу тумнубатаҕа. Илии ыарахан үлэтин кыайар эр дьону аармыйаҕа илдьэ барбыттара. Гаврил Исаковы бастакы ыҥырыкка, оҕо эрдэҕинэ хаҥас илиитэ уҥуох сэллигэ сиэн токуруйуулааҕын иһин, сыыйбыттара.
Ини-бии Исаковтартан убайдара Сааба сэриигэ баран, бааһыран кэлбитэ. Гаврил Еремеевичтэн оҕолоро кыра сылдьан ыйыттахтарына: “Кульбертинов, Охлопков курдук снайпердаан, элбэх өстөөҕү сууһарыам уонна тыыннаах эргиллиэм этэ”, — диэн бөҕөхтүк этэр эбит. Кырдьык, тииҥи, кииһи харахтан атын сиргэ түһэрбэтэ. Күүстээх үлэ күнүн кэнниттэн түүн көстөөх сиринэн кэрийэн, бултуу барара. Хара тыатыттан мэлдьи өттүк харалаах, илии тутуурдаах кэлэрэ. Оттон ууга киирдэҕинэ, балыгы баһан таһаарара. Гаврил Еремеевич бэйэтэ суоттуурунан, сүүсчэ лөкөйү бултаабыт буолуон сөп. Ону үксүн сэрии ыар сылларыгар холкуоһун дьонун хоргуппат кыһалҕаттан сонордоһон охторбута. Өссө холкуос биир эппиэттээх салайааччыта буолан туран, 1 гектарга анаан бурдук ыстаран, саас аайы астара-үөллэрэ баранан эрэр ыалларга, үксүн сэрии тулаайахтарыгар түҥэтэрэ. Байанайдаах булчут, мындыр салайааччы Гаврил Исаков Күбээйи дьонун дьолугар сэриигэ барбатах эбит: “Кыһыл маяк” холкуоска биир да киһи хоргуйан өлбөтөҕө.
Бары үлэ дьоруойдара этилэр
Г.Е.Исаков сэрии сылларыгар холкуоһугар биригэдьииринэн, бырабылыанньа чилиэнинэн, холкуос бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан сылдьан, төһө да аҥаар илиитэ араахымалааҕын иһин, чэгиэн-бүтүн дьонтон итэҕэһэ суох, өссө үгүстэртэн кыайарынан-хоторунан таһыччы үлэлээбитэ. Холкуоска оҕонньордуун, оҕолуун, дьахтардыын үлэни кыайыах айылаах 20-тэн эрэ тахса киһи хаалбыта. Кинилэр 80 ынаҕы күҥҥэ түөртэ ыан, арыылыыллара, ол быыһыгар оттууллара. Сылгыларын көрөллөрө. Ону таһынан уонунан гектарга бурдук ыһаллара, хортуоппуй олордоллоро.
Гаврил Еремеевич сэрии сылларын санаатаҕына: “Өлбүт эрэ киһи хамсаабат кэмэ этэ”, — диир. Оччолорго тыылга үлэлээбит дьон, дьиҥэр, бары үлэ дьоруойдара этилэр. Холкуос кыамтата төһө да кыра буоллар, үөһэттэн эккэ, арыыга, бурдукка, тириигэ, түүлээххэ уонна Дьугдьуур көмүс хостооччуларыгар таһаҕаһы тиэйиигэ тириэрдиллэр сорудаҕы мэлдьи толороро. Эр дьон эрчимнээх илиитэ тиийбэтин үрдүнэн сүөһүтүн-сылгытын ахсаанын эбэри ситиспитэ.
Бөдөҥсүтүү дьону бөһүөлэккэ түмпүтэ
Холкуос түбүктээх үлэтигэр буспут-хаппыт эдэр салайааччыны 1947 с. Эдьээн сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талаллар. Гаврил нэһилиэги салайар сылларыгар интэринээт, 7 кылаастаах оскуола уонна маҕаһыын харгыһа суох үлэлииллэрэ тэриллибитэ, медпуун аһыллыбыта. Гаврил Еремеевич “Кыһыл маяк”, “Бассабыык” уонна К.Маркс аатынан холкуостар салалталарыгар тылын ылыннаран, Эдьээн оскуолатын бүтэрбит оҕолор салгыы техникумнарга, училищеларга үөрэнэ баралларын ситиспитэ. Кинилэртэн үгүстэрэ идэ ылан уонна сорохтор үрдүк үөрэхтэнэн, эргиллэн кэлэннэр, эйэлээх олоҕу тутууга, төрөөбүт дойдуларын сайыннарыыга таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ.
Гаврил Исаковы, хаһаайыстыба үлэтин өрө тартараары, 1949 с. “Кыһыл маяк” холкуос бэрэссэдээтэлинэн анаабыттара. Ол кэм туһунан Гаврил Еремеевич маннык ахтар: “… Холкуостаахтар дохуоттара үрдээн, олохторо-дьаһахтара көнөн, холкуос киин олоҕор дьиэ-уот туттан, олохсуйан барбыттара. Онтон 1951 с. ССКП Киин Кэмитиэтэ кыра холкуостары бөдөҥсүтэр туһунан уураах таһааран, оройуоҥҥа биһигини К.Маркс аатынан холкуоска холбуурга быһаарбыттара. Мин кэргэним Матрена Дмитриевналыын партия чилиэннэрэ буоламмыт, холкуостаахтары аҕытаассыйалааһыҥҥа үлэлээбиппит. Ити сыл муус устарга икки холкуос холбоһор мунньаҕар тыл этэн, дьоммутун ылыннарбыппыт”.
Г.Исаков бөдөҥсүтүллүбүт холкуос бырабылыанньатыгар талыллан, бэрэссэдээтэли солбуйааччынан, бухгалтерынан үлэлээбитэ. Ол сайын Алдан өрүс улаханнык халааннаан, “Кыһыл маяк” холкуостаахтара олорор дьиэлэрин, холкуос улаханын хотонун кытта хас да тутууну Эдьээҥҥэ көһөрөн аҕалбыттара уонна атынан, оҕуһунан таһан, туттан кэбиспиттэрэ. Эдьээн бөһүөлэк киэптэммитигэр атын учаастактартан эмиэ көһөн кииртэлээбиттэрэ.
Үлэни, үөрэҕи өрө тутар
Г.Е.Исаков бөдөҥсүйбүт холкуоска уонча сыл үлэлээн баран, “Уус Маайа” сопхуос Эдьээннээҕи отделениетыгар оробуочайдаан, Эдьээн сэбиэтигэр бэрэссэдээтэллээн, Эдьээн отделениетыгар биригэдьиирдээн, сылгыһыттаан, 1979 с. сааһынан биэнсийэҕэ тахсыбыта эрээри, сүрэҕэ батарбакка, “Уус Маайа” госпромхоһу кытта дуогабардаһан, сүүрбэччэ сыл түүлээх булдугар сылдьыбыта. Инньэ гынан, 64 сыл, 8 ый ыстаастаах. Ити иһигэр тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит кэмэ – 56 сыл, 4 ый.
Гаврил Исаков “К.Маркс” холкуоска сүөһү иитиитин биригэдьииринэн үлэлии сылдьан, ыччат настаабынньыгын быһыытынан уолаттарга ыҥырыы таһааран, бастакынан ыанньыксыттыы тахсыбыта. Кини бачыымын батыспыт Аркадий Шишигин 2 тыһ. кирбиини маҥнайгынан ылбыта. Г.Исаков ыстаарсай сылгыһытынан үлэлииригэр улахан сылгыны 100 % чөл иитиини ситиһэн, сылгы үөрүн 400-тэн таһаарбытын иһин 1973 с. ССРС Өҥнөөх металларга министиэристибэтин соцкуоталаһыытыгар кыайбыта.
Ити курдук Гаврил Еремеевич ханнык баҕарар үлэҕэ ылыстаҕына, холобурга сылдьара. Күптэн төрүттээх Матрена Дмитриевна Апросимовалыын 1939 с. ыал буолуохтарыттан 53 сыл өйдөһөн-өйөһөн, иллээхтик, дьоллоохтук олорбуттара. Кинилэр аҕыс оҕону төрөтөн-иитэн улаатыннарбыттара бары идэлээх, үрдүк үөрэхтээх, ыал-күүс дьон буолан тахсыбыттара. Бүгүн 20-тэн тахса сиэннэриттэн аны хос сиэннэр илим хотоҕоһунуу субуллан кэлэ тураллар. Гаврил Еремеевич сиэннэрин үөрэххэ көҕүлээн, ким ситиһиилэммити биэнсийэтин үбүттэн биһириир үтүө үгэстээх.
Уһун үйэтин кистэлэҥэ
“Дьоҥҥо эрэниэххэ, күүстээх санаалаах буолуохха наада”, — диир ытык кырдьаҕас. Оҕолоро этэллэринэн, Гаврил Еремеевич аһыыр, утуйар эрэсиими кытаанахтык тутуһар уонна ону ыччаттарыттан эмиэ ирдиир, такайар эбит. Этин-сиинин көрүнэр, мэлдьи чэнчистик, чэбдиктик тутта сылдьар. Ыарахан дьылларга дьонугар-сэргэтигэр оҥорбут үтүөтэ сырдык сыдьаайдаах махтал санаанан эргийэн, арчылаан эрдэҕэ.
(Толору барыйаанын “Саха сирэ” хаһыат б.дь. кулун тутар 7 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ).