Уус-Ньараҕа түөлбэлээн олорор норуоттар судаарыстыбаннас күнүгэр бырааһынньык тэрийдилэр

404

Өймөкөөн улууһун киинигэр Уус-Ньараҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүн өрө көтөҕүллүүлээхтик бэлиэтээтилэр. Дьон-сэргэ көхтөөхтүк кытынна.


Улуус киинигэр «Металлург» култуура дьиэтигэр бырааһынньыктааҕы кэнсиэр буолла.
Өймөкөөн улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Игорь Водовозов олохтоохтору бу үрдүк суолталаах күнүнэн эҕэрдэлээн туран, улуус киинин сайдыытыгар киллэрэр кылааттарын иһин наҕараадалары туттартаата.

Дьоро күн Максимов Олег Олеговичка Арассыыйа гражданина буолбутун туоһулуур пааспарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарылынна.

Бу киэһэ араас омук түөлбэлээн олорор бөһүөлэгин дьоно-сэргэтэ көрөөччүлэргэ бэйэлэрин талааннарын көрдөрдүлэр, бырааһынньыгынан истиҥник эҕэрдэлээтилэр. Сахалыы, нууччалыы, бүрээттии, украинскайдыы ырыа дьиэрэйдэ, «Золотинка» народнай үҥкүү бөлөҕө саха, эбээн омук үҥкүүлэринэн дьон сүргэтин көтөхтө.