Абый улууһун көтөр аалын пуорда сабыллыбыта 10-ча хонно

267

Халаан уутуттан сылтаан, Абый авиапуорда сабылаах. Айаннаары сылдьыбыт дьон-сэргэ эрэй бөҕөнү көрөн эрэр. Самолекка билиэттээхтэр кыһалҕаттан 6500 тыһыынча солкуобайы төлөөн, бөртөлүөккэ билиэт атыылаһаннар, Муома улууһугар Хонууга көтөллөр.


Белай Гораҕа тиийэн, онтон Дьокуускайга көтөллөр. Онон тыа сирин дьоно ороскуот бөҕөҕө тэбиллэн эрэр. Билиэт сыаната 23 000-25 000 солк. Ааҕан көрүҥ, биир киһи куоракка барарыгар, аҥардас айаныгар төһө харчыны барыырын. Ортотунан 30000 солк, өссө бу пассажир нэһилиэктэн оройуон киинигэр киирэригэр 2000-5000 солк. төлөөн мотуорунан айанныыр. Бу киһи өссө икки-үс оҕолоох буоллун?! Кинилэр ороскуоттарын эрэйин ааҕан-суоттаан кэбиһиҥ.

Үптэрин кэмчилээн грузовой сөмөлүөккэ 18 тыһ. 500 солкуобайга билиэт ылбыт дьону бөртөлүөккэ чугаһаппаттар даҕаны. Бу туһунан информация ханна да суох. Кыһын, саас устата кырата суох кыһалҕаны көрсүбүт дьоҥҥо тоҕо ким да болҕомтотун уурбатый?

Уу түһэн авиапорт арыллара өссө да ыраах. Кыһалҕалаах куораччыттартан ким эрэ мунньуммут харчытын сыыһын аҥардас айаҥҥа ороскуоттаан, ким эрэ барартан аккаастанан, ким эрэ балыыһаҕа киириэхтээх, эмтэниэхтээх кэмин куоттаран эрдэхтэрэ.

Куруорка эмтэнэ барыахтаах дьон путевкаларын куоттарымаары, Абыйтан Хонууга диэри мотуорунан 19 чаас устата айаннаан барарга күһэллибиттэрэ. Бэс ыйын 20 күнүгэр диэри Дьокуускайга диэри 24 тыһ. 767 солк. суумалаах билиэттээх дьон, бэс ыйын 26 күнүгэр Белая Гора – Хонуу – Дьокуускай көппүттэрэ.

Дьокуускайтан дьиэлэригэр сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар кэлэр устудьуоннар ороскуоттарын санаан кэбиһиҥ. Быһата, сылы быһа үлэлээн муспут уоппускабыт харчыта, профсоюз көрөр бырайыаһын харчыта күдэҥҥэ көттөҕө ол. Айан эрэйин сэргэ, аны куттал диэн баар. Бастакы бөртөлүөт көтөр күнүгэр, порт үлэһитэ үлэтигэр баран иһэн, ууга былдьаммыта. Портка киирэргэ итинник бэйэтэ туспа кутталлаах да, мүччүргэннээх да сырыы буолан турар. Аны уу кэлэ илигинэ портка киирэргэ массыына эрэ көрдөнөр эбит буоллахпытына, билигин эбии мотуор көрдөнүүтүн аймалҕана. Портка киирэр суол, балаһа устун мотуорунан эрэ сылдьыллар.

Бөртөлүөт көтөрө биллэн турар үчүгэй. Ол эрээри күһүн, кыһын, саас устата кыһалҕа арааһын (халыҥ хаар, киһи-сүөһү өлүүтэ, халаан уута) көрсүбүт Абый улууһун олохтоохторугар айан сыанатын ороскуотун охсубат гына быһыа этилэр буоллаҕа.