Абыйга күөх от үүнэрэ өссө да эрдэ

171

Абый улууһугар ыарахан кыстык уһаан-тэнийэн иһэр. Дьыл баччатыгар диэри сыһыылар хаардара чөллөччү кэриэтэ сытар. Киһи хараҕын үөрдэр күөх хонуу быгара ыраахха дылы. Оттон хороҕор муостаахтары, сыспай сиэллээхтэри көрөөччүлэр урукку үгэһинэн Ньукуолаҕа диэри сиэтэр отторун суоттаммыттара. 


Отун курулатар баҕалаах Уолбут дьоһун кырдьаҕаһа, тыа хаһаайыстыбатын уон тарбаҕын курдук билэр хоһуун Е.В. Жирков. Уолбуттарга 104 төбө сылгы баар, ол иһиттэн 86-та кэлиилэр. Оройуоҥҥа бу нэһилиэк саамай элбэх сылгыны сайаапкалаан ылбыта. Холобур Ю.Н. Попов уону, Е.Е. Слепцов сэттэни, оттон Егор Васильевич бэйэтэ 8 төбөнү суруйтарбыттарыттан кэмсиммэттэр. Сылгылар сиир отторун саппааһа бэс ыйын бастакытыгар диэри суоттанан, билигин аһылыкка тураллар. «Ол гынан баран дьылбыт лаппа хойутаата, сыһыыларга хаар кыһыҥҥылыы сытар, трактор суола эрэ хараарбыта. Хаар уостарыгар улахан самыыр түһэрэ наада этэ», — диэн кини санаатын үллэстэр.

Уопсайынан бары сүөһүлээх хаһаайыстыбалар күөххэ бигэтик үктэнэллэригэр отторо, сенажтара, комбикормнара, бэл диэтэр туустара баар. Егор Васильевич сүөһүгэ куттал суоҕун этэр, үчүгэйдик аһатыахха эрэ наада диир. Уолбуттарга урут биир атыыр оҕустаахтара, кэлин Егор Васильевич эбии атыыр оҕуһу  ылта. «Билигин бэркэ бороохтуйда», — диэн астына кэпсиир.

Төһө да кыстык бүтэ илигинэ, сайыҥҥы окко бэлэмнэнии үлэтэ саҕаланна. Ол курдук Егор Васильевич кооперативка бэриллибит саҥа «Синтайга» от мунньарын ылбатахтарын этэн баран, «ат мунньарынан да мунньан кэлбиппит» диэн бєөҕөхтүк саҥарда. «Оттон «Дьүкээбилгэ» ылыллыбыт роторнай былырыын тиргиччи үлэлээбитэ, быйыл да оннук буолуоҕа. Хайа уонна саҥа «Беларустаахпыт», дьэ ол эмиэ тиҥийиэ-таҥыйыа турдаҕа. Урут 10-ча «Still” баара, быйыл куорат сыанатынан удамыр сыанаҕа 8 киһи «Still” аҕалтарда, транспортнайын дьаһалта уйуммута, тутуу матырыйаалын аҕалтарары кытта», — диэн эбэн кэпсээтэ. Онон техника элбэх, сыччах булгуруйбат санааны ууран тиритэ-хорута үлэлиэххэ эрэ наадатын этиннэ. Егор Васильевич сэбиэскэй кэм киһитэ буоларынан буолуо, хайа да күҥҥээ-дьылга ас-үөл саппааһырыллыахтаах диирин кытта сөбүлэһэргэ тиийэбит.

Сыаҥааннаахха бэрт оруннаах тыллаах-өстөөх тыа хаһаайыстыбатын специалиһа В.В. Никулин баар балаһыанньаны сэһэргээтэ. Нэһилиэккэ 152 төбө сылгы баарыттан уона кэлиилэр, туруктара этэҥҥэ да буоллар, сорох сорохтор ырыганныылларын иһитиннэрдэ. Сүөһү ахсаана 153, биэс уон ынах төрөөбүтүттэн 47 торбос ылыллыбыт. Бу күннээҕи туругунан Сыаҥааннаах нэһилиэгин хаһаайыстыбаларыгар 26 тн. от, 1 тн. уотурба, 8 центнер эбиэс уонна 2 рулон сенаж хаалбыт. Валерий Васильевич: «Биһиги, син биир атын нэһилиэктэр курдук, кыстык түмүктэниитин ыам ыйын 29-нан суоттаммыппыт. Ону баара дьылбыт лаппа хойутаата, уустуктар үөскүүр кэриҥнээхтэр. Оруобуна от сайаапкатын хомуйар кэмҥэ олохтоохтор үптэрэ-харчылара суох буолан, элбэх киһи көмөттөн көрөн туран матарга тиийбитэ баар суол. Билигин, оту нуорматын быһарга тиийэн олоробут, өскө урут күҥҥэ 2,5 тн. сиэнэр буоллаҕына, кыччатарга күһэлиннибит. «Муҥурдаах» ТХПК эмиэ кыһалҕалаах, 42 төбөтүттэн 10-ча ынах төрөөн турар. Ол гынан баран нэһилиэккэ син дэлэй соҕус оттоохтор бааллар, онон бэйэбит дьоммутутугар өйдөтөр үлэни күүскэ ыытабыт: оту бэрсиһиэххэ диэн.
Нэһилиэк диэн биир дьиэ кэргэн курдук буоллаҕа, онон син дирээлэһэ сатыахпыт», — диэтэ.

Абый нэһилиэгин баһылыга А.А. Томская этэринэн, 488 сылгылаахтар, ол иһиттэн Абыйга – 353, Оттоох Атахха – 135. Быйыл сылгы төрүөҕэр мөлтөх кэм, ол да иһин 7 эрэ убаһа төрөөбүт. Сүөһү ахсаана уопсайа 297. Абыйга 89 ынахтан 48-һа төрөөбүт, Оттоох Атахха 27 ньирэйдэммиттэр. От саппааһа ыам ыйын 25 күнүнээҕи туругунан, Абыйга 19 тн., Оттоох Атахха 15 тн. эрэ баар. Анна Афанасьевна этэринэн, өскө саас бу курдук даамын биэрбэккэ турдаҕына ыарахаттар үөскүөхтэрин сөп. Билигин да сүөһү, сылгы отторун күннээҕи нуормата кэмчилээһин режимигэр сөп түбэһэр. Баһылык чуолкайдыырынан, сыһыыга хаар кылаана эрэ халарыйбыт, миэтэрэ аҥаара хаар мууһура сытар, мастар да төрдүлэрэ хараара илик. Айаҕалыы сатаан бульдозерынан хара сир таһаара сатаан сыһыылары астарбыттар. Хомойуох иһин, онтуларыгар аны хаар уута киирэр. Ол да үрдүнэн сылгылары үүрэллэр, олор күрүөлэри кэрийэн салаа оту сииллэр. Сорох дьон күрүөлэрин харбаан, бугул да саҕа оту сыыска түһэрбэккэ аҕалыналлар.

Анатолий Стручков хаһаайыстыбатыгар балаһыанньа эмиэ кытаанах диэн буолла, дулҕа астаран эбии аска диэн көмө оҥоро сатыыллар да, ол харахтан сыыһы ылбыттыы кыһалҕаны быһаарбата чуолкай. «Манна аҕалан кырбаан-хайаан эбиискэ оҥоруом, дьиҥэр улахан иҥэмтэтэ да суох буоллар сүөһү муҥ саатар айаҕын хамсатыа, куртаҕын толоруо», — диэтэ.