Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков Уус Алдан улууһун Кэптэнитигэр Анатолий Семенович Бурнашев хаһаайыстыбатыгар сырытта. Кини сайылыкка ферма үлэһиттэрин кытта көрүстэ уонна аҕыс ынах тэҥинэн ыанар титиигин көрдө.
Анатолий Бурнашев 2011 сыллаахха Кэптэнигэ бааһынай хаһаайыстыба тэриммитэ. Маҥнай 10-ча сылгылаах саҕалаан, билигин убаһалыын ааҕан 64 төбө сылгылаах. Маны таһынан 2016 сыллаахха Ил Дархан гыраанын сүүйэн, 100 ыанар ынаҕы ылан, билигин 70 төбө сүөһүнү кыстатар былааннаах.
Билиҥҥи туругунан 150-чэ туонна оту ылбыттар. Анатолий Семенович быйыл от үүнүүтэ мөлтөҕүн бэлиэтээтэ. Хаһаайыстыба салайааччыта сопхуос эргэ бааһыналарын күрүөлээн, 210 гаалаах сиргэ эбиэс бурдугун уонна 20 гааҕа киһи саҕа үрдүктээх суданскай оту үүннэрбит.
Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков күөл кытылыгар үүнэр хомус курдук үрдүк от хаттаҕына хайдах буоларын уонна охсууга төһө табыгастатааҕын интэриэһиргээтэ.
Анатолий Бурнашев кэпсээбитинэн, бу от хомус курдук кытаанах, тороххой буолбат, төттөрүтүн сымныыр уонна саһарар эбит. Суданскай оту охсорунан охсон, куурдан баран, рулоннаан бэлэмнииллэрин бэлиэтээтэ.
Маны таһынан Анатолий Семенович сайылык туттан, быйылгыттан үлэҕэ киллэрбит. Сайылыкка үлэһиттэригэр 5 каркаснай дьиэни туппут. Хас биирдии дьиэҕэ уу ситимэ кэлэн турар, уота-күөһэ генератор көмөтүнэн холбонор.
Ньирэй көрөөччү Василий Николаевич Сысолятин ньирэйдэрин сарсыарда өттүгэр бороһуок үүтүнэн аһатабыт, халбыыр үүтү киэһэ биирдэ биэрэбит диэн кэпсээтэ. Хаһаайыстыбаҕа ыанньыксытынан үлэлиир эдэр уолаттар сайылык усулуобуйата үлэлииргэ, дьиэтэ-уота олорорго табыгастааҕын бэлиэтээтилэр.
Хаһаайыстыбаҕа уопсайа 13 киһи үлэлиир, ол иһигэр 3 ыанньыксыт, 2 ньирэй көрөөччү, 3 хачыгаар, бостуук, зоотехник, тракторист, ынах уонна сылгы көрөөччүлэр.
Анатолий Бурнашев хаһаайыстыбата — Лөгөй нэһилиэгин тутаах тэрилтэтэ. Анатолий Семенович 2015 сыллаахха 100 сүөһү турар хотонун үлэҕэ киллэрбитэ. Маны таһынан быйыл 270 м. иэннээх ньирэй хотонун тутуутун саҕалаабыта.