Аллараа Бэстээххэ эдэр ыалларга босхо сир учаастактарын түҥэттилэр

206

Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр үс уонна үстэн элбэх оҕолоох ыалга босхо сир учаастагын тыырыыга сэрэбиэйдээһин алтынньы 27 күнүгэр ыытылынна. Бу долгутуулаах түгэҥҥэ 180 эдэр ыал кэлэн, олохтоох култуура киинин саалатын лыык курдук толордулар.


Сэрэбиэйдээһини Алексей Неустроев салайааччылаах улуустааҕы муниципальнай бас билии ааҕыныстабатын исписэлиистэрэ, киинэ режиссера, ырыаһыт, тамада Прокопий Федоров иилээн-саҕалаан ыыттылар.

Сир учаастактара Аллараа Бэстээхтэн Халыма федеральнай суолунан барыыга уонна ЛЭП аттынан быһыллыбыт ойуур сиригэр-уотугар бэрилиннилэр. Биллэрин курдук, улууспут киинигэр инникитин олохсуйуон, ыччаттарын тэнитиэн баҕалаах аҕыйаҕа суох. Күн-бүгүн Аллараа Бэстээххэ 847 уһаайба түҥэтилиннэ. Билигин элбэх оҕолоохтортон өссө 287 сайабылыанньа киирбит. Сэрэбиэйдээһин иккис түһүмэҕэ сэтинньигэ эмиэ ыытыллара былааннанар.

Икки чаас устата быыстала суох үлэлээһин кэнниттэн, ааҕыныстыба үлэһиттэрэ саҥа учаастактаахтары илдьэн сирдэрин көрдөрөн, билиһиннэрэн кэллилэр. Суол-иис, электро-уот, гаас тардааһына оҥоһуллан, саҥа дьиэлэр дьэндэһэннэр, элбэх ыал олохсуйуо турдаҕа.

Күннэй Цыпандина, Балыктаах бөһүөлэгин олохтооҕо:

— Социальнай өттүнэн көмөҕө наадыйар элбэх оҕолоохтор уочараттарыгар тураммын, бу бүгүн сирим нүөмэрин тутаммын, үөрүүм-көтүүм үрдээтэ. Биһиги нэһилиэкпититтэн быйыл түөрт ыал тигистэ. Былырыын өссө элбэхтэр этэ. Элбэх оҕолоохторго олус туһалаах, наадалаах көмө оҥоһулунна.

Ганна, Василий Петровтар, Майа сэлиэнньэтин олохтоохторо:

— Учаастакпытын сир былааныгар көрдүбүт. Тырааныспар техникумун кэннинэн, тыраассаттан биир биэрэстэни кыайбат тэйиччи сытар. Хаар ууллуннаҕына, анаан-минээн кэлэн, былаанныы таарыйа көрүөхпүт. Хас биирдии уһаайба 12 суотай иэннээх. Дьиэ кэргэммит аатыттан бу бырагырааманы көҕүлээччилэргэ махталбытын тиэрдэбит.

Вячеслав Соколов, Хочо бөһүөлэгин олохтооҕо:

— Биһиги бу уһаайбабытын улахан кыыспыт аатыгар оҥотторор былааннаахпыт. Кини билигин устудьуон, үөрэҕин бүтэрэн, үлэһит буолан, Аллараа Бэстээххэ олохсуйан үлэлии кэлиэҕэ диэн суоттанабыт. Онуоха диэри уота, уута быһаарыллан, дьиэ тута охсубут киһи диэн ыра санаалаахпыт. Олохтоох дьон Аллараа Бэстээххэ элбээн иһэрэ олус үөрдэр. Инникитин даҕаны бу бырагыраама үлэлии туруохтун.