Аммаҕа доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрэ үтүө дьаһаллары бэлиэтээтилэр

101

Амма улууһугар хирургическай сулууспа 70, хирургическай отделение тэриллибитэ 55, самодеятельнай композитор, СӨ доруобуйатын уонна култууратын туйгуна, үрдүк категориялаах хирург-быраас И.А. Сивцев төрөөбүтэ 60 сылыгар аналлаах үтүө тэрээһиннэр буоллулар.


Быраастар диэн биһиги үрүҥ тыыммытын өрүһүйэр, олохпутун уһатар үрүҥ аанньалларбыт буолаллар. Дэлэҕэ кинилэри аанньаллар диэн ааттыахтара дуо. Биһиги бу орто дойдуга олус кылгас кэмҥэ кэлэн барабыт. Ол олохпут бэриллибитин курдук болдьохтоноругар бэйэбит толору эппиэттиибит эрээри, ыксаллаах түгэннэргэ аанньал буолан быраастарбыт кэлэллэр. Кинилэртэн биир саамай эппиэттээхтэринэн, суһаллык быһаарыныыны ылынан олоҕу өрүһүйэр дьоннорунан хирурдар буолаллар.

Николай Любавинтан саҕаламмыта

Хирургическай сулууспа доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр ураты миэстэни ылар. Улууспутугар бу сулууспа баар буолуута 1948 сылтан саҕаланар диэн суруллар. Дьэ бу туһунан үбүлүөйү үөрүүлээхтик бэлиэтээһин бастакы түһүмэҕэр кылаабынай быраас, м.б.к. С.Л. Александрова уонна хирургическай отделение билиҥҥи үлэтин-хамнаһын отделение сэбиэдиссэйэ И.К. Чириков кэпсээтилэр. Дакылааттар иккиэн даҕаны бэрт интэриэһинэйдэр, слайданан барыта көстөн, оччотооҕу кэмнэри көрөн кэлбит бэтэрээннэр, ыалдьыттар астыннылар, сэргээтилэр. Оҥоһуллубут дакылааттартан кылгастык ылан историяны сэгэтэн көрүөҕүҥ. Хирургическай ыарыһахтары эппэрээссийэлээһин, ол эбэтэр хирургическай сулууспа Аммабыт улууһугар соҕурууттан Николай Петрович уонна Лариса Васильевна Любавиннар диэн кэргэнниилэр кэлиилэриттэн саҕаламмыт эбит. Бу үтүөкэннээх быраастар Аммаҕа 1947 сыл алтынньытыгар кэлбиттэр уонна 16 сыл устата үгүс дьон махталын ылан 1963 сыллаахха диэри үлэлээбиттэр. Оччотооҕу кэмҥэ талааннаах хируру кытта алтыһан үлэлээбиттэр: Т.Д. Тимофеева, А.Д. Гуринова, Г.Г. Корнилова, И.И. Дик, Т.Е. Сосин, Е.С. Петрова, Г.Н. Батурина, Ольга Маслова (Раменская). Бу — улууска хирургическай эппэрээссийэлэр оҥоһуллууларыгар билиилэрин-көрүүлэрин, туох бары сатабылларын биэрэн түүннэри-күнүстэри, араас ыарахан балаһыанньаларга үлэлээбит дьоммут буолаллар, ааттара үйэлэр тухары ахтылла туруо. 1961 сыллаахха 8 койкалаах хирургическай отделение тэриллибитэ. Оччолорго Николай Петрович отчуотугар бу курдук суруйбут: „В больнице работает один хирург по совместительству на 0,5 ставки. Умерших в хирургическом не было. Оперировано в стационаре 97 больных, в т.ч. полостных операций — 64. Качественные показатели: (больница работала 10 мес.) летальность -0 процентов, хирургическая активность 71,3 процента, процент полостных операций 66“. Бу аҕыйах сыыппаралартан оччотооҕу кэм быраастар хайдах курдук ыарахан балаһыанньалаахха таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрин көрөбүт.

Үлэ дьонун чиэстээһин — үбүлүөй биир тэрээһинэ

Ханнык да үбүлүөй буоллун хайаан даҕаны үлэһит дьону чиэстээһин — бу ыытыллар үбүлүөй биир саамай сүрүн тэрээһинэ буолар. Ол курдук бу күн урут үлэлээн ааспыт бэтэрээннэри сэргэ, билигин үлэлии сылдьар дьон үлэтэ сыаналаммытын истэ олоруохха үчүгэйэ! Эчи, бу үөрэн-көтөн сэгэйэн сыанаҕа тахсалларын, хайдах курдук кинилэр сиэрдээхтик наҕарааданы ылбыттарын туоһулаан дохсун ытыс тыаһа саалаҕа иһиллэрий! Ол онтон бырааһынньык өссө ордук сэргэхсийбиккэ дылы буолар. Кылаабынай быраас С.Л. Александрова киһи үлэлии сылдьан сыаналаныахтаах, оччотугар кини өссө күүрэн туран үлэлиэ, өйөбүл баарын билиэ диэн саамай сөпкө бэлиэтээтэ. Ол да сиэринэн күннэтэ хирургическай отделение курдук уустук отделениеҕа түбүгүрэ, үйэ чиэппэриттэн ордук кэмҥэ үлэлээбит сиэстэрэлэр, санитаркалар үрдүк сыанаттан эҕэрдэ бастыҥын ыллылар. „СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна“ знагы хирургическай кабинет сиэстэрэтэ Е.Е. Бессонова, хирургическай отделение сиэстэрэлэрэ А.Л. Кириллина, Л.Н. Федорова, операционнай сиэстэрэ Е.М. Трифонова, санитарка С.Н. Леонтьева туттулар. Ону сэргэ доруобуйа харыстабылын бэтэрээннэрэ хирург-быраас, 1976-82 с.с. хирургическай отделение сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит Е.Ф. Егоров уонна үлэ, тыыл бэтэрээнэ, өр сылларга медицинскэй сиэстэрэнэн үлэлээбит, Коммунистическай ¬лэ ударнига, Россия бочуоттаах донора М.В. Мухаметова эмиэ республикабыт доруобуйатын харыстабылын туйгуннара знагы түөстэригэр кэттилэр. Ол курдук СӨ Доруобуйатын харыстыбылын министиэристибэтин Бочуотунай грамотатынан санитарка У.С. Сивцева, медсиэстэрэ Л.А. Симонова, „Амма киэн туттуута“ знагынан өр кэмҥэ амбулаторияҕа хирурунан үлэлээбит, СӨ Доруобуйатын харыстыбылын туйгуна О.Л. Лоринец, улуус дьаһалтатын Бочуотунай грамотатынан 36 сыл устата хирургия сиэстэрэтинэн эҥкилэ суох түбүгүрэ сылдьар, СӨ Доруобуйатын харыстыбылын туйгуна С.П. Петрова наҕараадаланнылар. Хирургия сулууспатын бары үлэһиттэрин улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта П.И. Емельянова, Ил Түмэн дьокутааттара А.И. Корякин, А.А. Филиппов истиҥник эҕэрдэлээтилэр, махтал тылларын эттилэр. Бу үбүлүөйгэ анаан улуус киин балыыһата бэйэтин үрдүкү наҕараадатын балаһыанньатын оҥорон бигэргэтэн анал бирикээс таһаарбыт. Ол курдук „Амма улууһун доруобуйатын харыстабылын сайдыытыгар кылаатын иһин“ диэн түөскэ анньыллар знагынан 25 сылтан итэҕэһэ суох доруобуйа эйгэтигэр үлэлээбит үлэһиттэр наҕараадаланыахтара. Онон бу күн кылаабынай быраас С.Л. Александрова бары бэтэрээннэргэ бу килбиэннээх үлэлэрин туоһулуур знактарын дохсун ытыс тыаһын ортотугар туттартаата. Бэтэрээннэр барахсаттар төһө да тайахтарынан нэһиилэ хаамталлар бу күн урукку сылларын ахтыһа кэлэннэр, наҕараадалары тутаннар долгуйан, үөрэн, астынан тарҕастылар.

Көрбөтөхпүт өр да буолла

Хирургическай отделениены олох эдэркээн эрдэҕинэ кэлэн салайбыт, үтүөкэннээх быраас, сымнаҕас илиилээх хирург И.А. Сивцев билигин баара эбитэ буоллар 60 сааһын томточчу туолуохтаах этэ. Этэ эрэ диирбитигэр тиийэбит. Дьылҕата киниэхэ баара эрэ 51 сылы анаан бу күн сириттэн күрэтэн илдьэ бардаҕа. Ол да буоллар кини бу кылгас олоҕор дьон-сэргэ өйдөөн хаалар гына олоҕу олорон ааспыта. Ол туоһутунан улууска хирургическай сулууспа үбүлүөйдэрин бэлиэтээһиҥҥэ оруобуна сөп түбэһиннэрэн, кини үбүлүөйдээх сааһын бэлиэтээн, олоҕун санаан-ахтан аастылар. Бу тэрээһин үбүлүөй биир сүрүн тэрээһининэн буолла. Ол курдук историяны ырытар конференцияҕа улуус кылаабынай бырааһынан 1984-2007 с.с.үлэлээбит Е.П. Аргунов истиҥ ахтыыны оҥордо. Ол кэнниттэн бары иһийэн олорон Иннокентий Афанасьевич уола, „Сахафильм“ звукорежисссера Иннокентий Сивцев устубут документальнай киинэтин көрдүбүт. Киинэ 1 чаас 10 мүнүүтэлээх. Бу кэмнэрбит олох биллибэккэ, биир тыынынан көрдүбүт. Киинэ Иннокентий Афанасьевич бэйэтэ видеокамерынан устубут сюжеттэринэн саҕаланна. Онно кини куоскатыттан саҕалаан кэргэнин Вера Николаевнаны, оҕолорун Кешаны, Афоняны, кырачаан кыыһын Ленаны хайдах курдук истиҥник устубутун көрөн, Иннокентий Афанасьевич аҥардас бастыҥ хирург, талааннаах мелодист эрэ буолбакка, улахан ыал эйэҕэс аҕата буоларын, дьиэ кэргэнин олус да күүскэ таптыырын көрдүбүт. Мин биир бэйэм кинини олох атын харахпынан көрөн атын өртүттэн арыйдым. Киинэни устубут уола Кеша хайдах эрэ боростуойдук, истиҥник аҕатын туһунан кэпсиирин киһи иһиттэр истэ олоруох курдуккун. Манна урукку кэмҥэ хирурдар хайдах үлэлээн ааспыттарын, эргэ стационары көрдөрөр историческай кадрдар киирбиттэрэ киинэни кэҥэтэн, дириҥэтэн биэрэр.

— Мин бэйэм киинэни кытта ыкса сибээстээх буоламмын аҕам туһунан киинэ устуохха сөп этэ диэн быһаарыммытым ыраатта. Матырыйаалларбын биэс сыл кэриҥэ мустум диэххэ сөп. Дьиҥинэн эрдэ бүтэриэххэ сөп этэ гынан баран, араас биричиинэлэринэн тардыллан, бу 60 сааһыгар хайаан да бүтэриэххэ наада диэн киинэ көстүбүтүттэн үөрэбин. Киинэбит документальнай. Бэйэм тыл үөрэҕим суох буоллаҕа дии. Онон тексин аҕам табаарыһа, суруналыыс Анатолий Иванович Гоголев редактордаан биэрдэ. Матырыйааллары хомуйууга аймахтарбыт күүс-көмө буоллулар. Ону сэргэ аҕам бэйэтэ видеокамеранан устан хаалларбыта олус көмөлөөх буолла. Бу киинэни уста сылдьан аҕам барахсан элбэх да табаарыстардаах эбит, кини туһунан наһаа да истиҥник саныыллар эбит диэн билэммин долгуйдум,— диэн уола, тахсан эрэр звукорежиссер И.А. Сивцев санаатын үллэһиннэ. Дьэ чахчы да ис дууһаттан оҥоһуллубут, хаачыстыбалаах киинэни көрөн бары да долгуйдубут. Сорохтор харахтарын уута сүүрэ олордо. Иннокентий Афанасьевич баара буоллар төһөлөөх үтүөнү дьоҥҥо оҥоруо, истиҥ ырыаны айан хаалларыа этэй.

Биһиги Кешаны кытта олох бииргэ үөрэнэн, гастроллаан устудьуоннуур сылларбыт ааспыттара. Манна алта буолан кэллибит. Ыытыллыбыт тэрээһиннэртэн олус астынныбыт. Киинэни устубут Иннокентий Иннокентьевич наһаа талааннаах эбит. Барыта орун оннугар, бииртэн биир сибээстэнэн тахсан иһэр. Ити киинэҕэ миигин эмиэ икки сыллааҕыта уһулан барбыта. Оон истэр этим киинэ оҥоһулла сылдьарын. Бүгүн көрөн, ол ааспыт устудьуон, эдэр сааспыт сылларыгар тиийэ сырыттыбыт. Бу киинэҕэ олох салҕанарын көрдүбүт. Ол курдук биһиги Кешабыт улахан уола Афанасий өрөспүүбүлүкэ балыыһатыгар эппэрээссийэлии турар, — диэн 2№-дээх өрөспүүбүлүкэ балыыһатын ортопедическай отделениетын сэбиэдиссэйэ, м.б. к., СӨ Доруобуйатын харыстыбалын министиэристибэтин штаты таһынан травмотолога А.А. Комиссаров.

Бу күн Амма киин балыыһатын хирургическай отделениетыгар үрдүк катергориялаах хирург, 25 сыл устата бу отделениены салайбыт И.А. Сивцев аата иҥэрилиннэ уонна ону туоһулаан мемориальнай дуоска турда. Онон аны отделениеҕа киирэн иһэн дьон үйэ чиэппэрэ олоҕун дьону быыһааһыҥҥа, эмтээһиҥҥэ анаабыт Иннокентий Афанасьевич холку хараҕынан эмтии көрсүөҕэ.

— Кэргэним Иннокентий Афанасьевич хирургияны кытта ыкса сибээстээх, кинилэри хайдах да араарбаккын. Онон бу үбүлүөйнэй даталары кытта кини 60 сааһа оруобуна сөп түбэһэн хаалбытынан холбуу ыытарга быһаарбыппыт. Онон үчүгэй баҕайы тэрээһиннэр буоллулар, аҕабыт туһунан дьон истиҥ санаатын истэммит долгуйдубут. Билигин кини улахан уола Афанасий аҕатын туйаҕын хатаран хирург-уролог быһыытынан 2№-дээх балыыһаҕа үлэлии сылдьар. Олох 8-с кылаастан ыла быраас буоларга эрэллээх этэ. Кыра уол Иннокентий ити тыас-уус өртүнэн баран, ону сэргээн „Сахафильм“ звукорежиссера, хас да киинэлэрэ фестивалларга кытыннылар. Онтон кыра оҕобут, соҕотох кыыспыт Лена Амматааҕы музыкальнай оскуолаҕа хореограбынан үлэлиир. Биэс сиэннээхпин,— диэн Иннокентий Афанасьевич тапталлаах кэргэнэ, эмиэ медик идэлээх В.Н. Сивцева санаатын этэр. Чахчы да талааннаах киһи талаана оҕолоругар бэриллэн, кини ситэрбэтэҕин ситэрэ, бу сиргэ аналын толоро сылдьаллара, бэйэтэ эмиэ дьикти бэлиэ эбээт.

Үбүлүөйдээх тэрээһиннэр эмчит идэлээх дьоммут туох да бэртээхэй кэнсиэрдэринэн түмүктэннэ. Дууһаны чэпчэтэр, ыллам ырыалаах, кэрэ куоластаах, Иннокентий Сивцев тэрийбит „Медик“ ансаамбыл ырыалара, хирургическай сулууспа үлэһиттэрин үҥкүүлэрин бөлөҕө, көрдөөх сценка көрдөрүлүннэ. Барыта истин, барыта сылаас. Быһатын, үтүө тэрээһиннэр.