Аммаҕа тыа хаһаайыстыбатын салаатын хаар искусствотыгар көрдөрдүлэр

198

Хаардаах дойдуга олорор уратыбытын кэнники сылларга кэрэни кытта ситимнээн олус бэркэ туһанар буоллубут. Холобура, Саха сиригэр биллэр ааттаах-суоллаах урбаанньыт Руслан Федотов хаар искусствотын тыа хаһаайыстыбатын, ордук техниканы кытта ситимниир.


Руслан Еремеевич Федотов «Амма» сопхуос тимир тиһиликтээх техникаларын айааһаан, үлэҕэ бастакы хардыыларын саҕалаабыта. Кини күн бүгүн Россия бөдөҥ хампаанньаларын кытта быһаччы үлэлэһэн, Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын техниканан толору хааччыйан олорор урбаанньыт. Руслан Еремеевич үлэ үөрүйэхтэрин иҥэриммит тэрилтэтэ — «Амма» сопхуос – иннин диэки эрэллээхтик хардыылыырыгар, атаҕар турарыгар бары кыаҕын, сатабылын уурар. Ааһан эрэр 2017 сылга онуоха туһуламмыт хас да өрүттээх үлэни ыытан кэллэ.

Тыа сирин олоҕун уйгута техникаттан улахан тутулуктаах. Улахан кыамталаах тыраахтардар тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын уһансар төһүү күүһүнэн буолаллар. Урбаанньыт Руслан Федотов ити толкуйу Саҥа дьылы кытта ситимнээн дьонугар-сэргэтигэр иҥэрэр, үйэтитэр биир үтүө соруктаах.

Былырыын Аллараа Бэстээххэ маҕаһыынын территориятыгар хаарынан бэйэлэрин кээмэйдэринэн оҥоһуллубут икки устуука МТЗ-82 тыраахтар дьон-сэргэ сөҕүүтүн-махтайыытын ылыан ылбыта. Онтон быйыл тыа сиригэр үөскээн, үүнэн тахсыбыт дьон эрэ барыта бэркэ өйдүүр – ДТ-75 тыраахтары хаарынан оҥорон, чочуйан таһаардылар. Маны сэргэ, Руслан Федотов маҕаһыынын территориятыгар хаарынан оҥоһуллубут массыына сыл бэлиэтин – ыты тиэйэн иһэрэ эмиэ баар.

Бу тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээн ааспыт, үлэлиир дьоммор-сэргэбэр махтанан, кинилэр уустук үлэлэригэр сүгүрүйэн туран бэлэҕим буолар. Кэлэн иһэр Саҥа дьыл барыбытыгар ситиһиилээх буоллун. Тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир хас биирдии дьоҥҥо таһаарыылаах үлэни, доруобуйаны баҕарабын, — диэн урбаанньыт Руслан Федотов махталын, эҕэрдэтин тиэрдэр.