Амма улууһугар эдэр олоҥхоһуттар түөлбэлээн мустан, түүннэри ыллаан-туойан доллоһуттулар

226

Олоҥхону толорор эдэр ыччаты, устудьуоннары түмэн «Муҥха олонхото» диэн ааттаах-суоллаах дьаһал тэриллибитэ номнуо 14 сылыгар барда. Үгэскэ кубулуйбут быйылгы тэрээһин Байанай ыйыгар Амма улууһугар Куду күөлү тулалаан олорор Эмис нэһилиэгэр буолла.


Тэрээһин кыттыылаахтар Саппыйа алааска тиийэн муҥхаҕа кытыннылар. «Олоҥхону аатырда сылдьар, тэнитэр, кэнчээри ыччакка тиэрдэр дьон буолаарыҥ! Саппыйа алааһа, эһиэхэ, сарсыҥҥы күнү саҥалыы сандаара көрсөргүтүгэр, төрдүгүтүн-уускутун, өбүгэҕит үгэстэрин кэрэһэлии-кэпсии турдун» — диэн олохтоохтор алҕаатылар.

Эмис орто оскуолатыгар саха норуодунай поэта Владимир Михайлович Новиков–Күннүк Уурастыырапка аналлаах музейга сырыттыбыт. Оскуола киэн туттар 6-7 кылаас бастыҥ үөрэнээччилэрэ этэн-тыынан, кэпсээн сырдаттылар, Уурастыырап хоһооннорун дорҕоонноохтук аахтылар. «Соҕотох хахыйах» хоһоону 7 кылаас үөрэнээччитэ Катя Иванова долгуйан туран аахпытын бары да сэҥээрдибит.

Ырыаһыт, саха күөрэгэйэ Екатерина Захарова аатынан култуура киинигэр дьон-сэргэ тоҕуоруста. Амма улууһун кииннэммит бибилэтиэкэтэ кинигэ быыстапкатын тэрийдэ. Баай ис хоһоонноох быыстапканы сөҕө-махтайа көрдүбүт.

Саха норуодунай бэйээтэ В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма» олоҥхотуттан Бөтүҥ орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхо дойдутун оҕотобун» бэстибээл хас да төгүллээх дипломана, «Оллоон» фольклорнай бөлөҕүн иитиллээччитэ Надя Новикова толордо. Өбүгэлэрбититтэн күн бүгүнүгэр диэри утумнанан кэлбит үтүө үгэспитин, муҥха сиэрин-туомун дьүһүйэн көрдөрдүлэр. Алгыһы эдэр киһи Василий Кочаткин тыл сүмэтин, сүөгэйин, сөрүүн утаҕын билэр буолан олук хоһоонунан бэркэ толордо. Олус үчүгэйдик дьүөрэлээн Эмис нэһилиэгин эдэр ыччатын түмэ тардан, туспа суоллаах-иистээх хореограф Марианна Ефимова «Муҥха» үҥкүүтүн көстүүмнэрин, муусукатын таба тайанан дириҥ ис хоһоонноохтук туруорда. Уопсай дьүһүйүүнү мин Кемерово куоракка бииргэ үөрэммит дьүөгэм Раиса Щадринова туруорбутун киэҥ тутта, биир харыс үрдээн көрдүм.

Үтүмэн үөрүүлээх олоҥхобут түһүлгэтин, алгыстаах аартыгын бастакынан аһар чиэс тигистэ «Амма улууһа» муниципальнай оройуон баһылыгар Николай Архиповка. Тэринэн кэлбит эдэр олоҥхону толорооччуларга эҕэрдэ эйэҕэһин тириэртэ «Эмис нэһилиэгэ» МТ баһылыга Илья Пестеров. Эҕэрдэ эйэҕэһин, үтүө санаа умсулҕаннааҕын, бастыҥ тыл баараҕайын анаата култуура салайааччыта Евдокия Сутакова. Үтүө үгэhи утумнаан, саргылаах санаанан салайтаран, олоҥхоһут оҕолору түмэн, салайан-тэрийэн кэлбит төрүттээччиттэн биирдэстэрэ Зоя Сысолятина үтүө, алгыстаах тылын тириэртэ. Аммалар киэн туттар уоллара Юрий Борисов өрөспүүбүлүкэ эдэр олоҥхоһуттар түмсүүлэрин үлэтин билиһиннэрдэ уонна Сочига ыччат бэстибээлигэр сылдьан кэлбитин туһунан киэн туттан кэпсээтэ, Амма улууһун музейыгар Сочи бэстибээлин атрибутун, символикатын, таҥаһын-сабын бэлэхтээтэ.

Улуус аайыттан алта бөлөҕүнэн толорооччу, биэс биирдиилээн толорууну иһиттибит. Уопсайа 49 эдэр олоҥхону толорооччу кытынна. Быйылгы эдэр ыччакка аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи «Муҥха олонхотун» түһүлгэтин тэрийээччилэринэн буоллулар Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ, Олоҥхо тыйаатыра, Амма улууһун култуураҕа уонна туризмҥа салаата, «Эмис нэһилиэгэ» МТ. Бу күн эдэр ыччат олоҥхото түүн икки чааска диэри салҕанна.

Иккис күн дьыссаат иитиллээччилэрэ дуоспуруннаахтык олоҥхолоотулар. Юрий Борисов бэйэтин суруйбут олоҥхотун оскуола үөрэнээччилэригэр толору иһитиннэрдэ. Маны таһынан Егорова Лена Митрофановна – Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, С.Ф. Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж үрдүк категорялаах педагога маастар-кылааһын анаата. Лена Митрофановна уһуйааччы, олоҥхо тойугунан дьарыктанар буолан, хас биирдии уонна бөлөҕүнэн толорооччулары этигэр-хааныгар иҥэринэн истэр идэлээх. Бэйэтин санаатын эппитин, бөлөхтөргө ыйыы-кэрдии биэрдэ. «Хас биирдии тыл иччилээх, Аммалыы матыыбы, төрөөбүт төрүт тылгытын туойуҥ. Саха тылын сүмэтин, Аммаҕыт дьэдьэнин курдук ылыныҥ», — диэтэ.

«Муҥха олонхото» олоҥхону толорор устудьуон уонна эдэр ыччат күөн-күрэс түһүлгэтэ Саха норуодунай суруйааччыта Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап төрөөбүтэ 110 сылыгар ананна. Икки күннээх күрэх түмүгүнэн «Кэскиллээх олоҥхону толорооччу» анал аат – «Долун» олоҥхо бөлөҕөр (сал. Стрекаловская Зоя Андреевна), Дьокуускай куорат АГИКИ бэрилиннэ. «Удьуор утумун тутааччылар» анал аат – «Дьүрүскэн» олоҥхо бөлөҕөр (сал. Санникова Фекла Петровна), Амма улууһа туттарылынна. «Түөлбэ олоҥхотун үйэтитээччилэр» анал аат – Мэҥэ Хаҥалас улууһун олоҥхо бөлөҕөр (сал. Иванов Станислав Александрович) иҥэрилиннэ. «Бастыҥ олоҥхону толорооччулар» анал аат – «Тэгил» олоҥхо бөлөҕөр (сал. Иванова Елена Констанитновна), Нам улууһа тигистэ. Бөлөҕүнэн толорууга «Муҥха олоҥхото» күөн күрэһин кыайыылааҕынан «Тэгил» олоҥхо бөлөҕө буолла.

Биирдиилээн толорооччуларга «Сэһэн сүнньүн тутар толорооччу» – Кэрэ Сивцева, Дьокуускай куорат, АГИКИ, «Дорҕоон тойуктаах толорооччу» – Прасковья Лебедева, Дьокуускай куорат, АГИКИ, «Бастыҥ олоҥхону толорооччу» – Виталий Никифоров, Мэҥэ Хаҥалас улууһа туттарылыннылар. Виталий Витальевич Никифоровка «Эмис нэһилиэгэ» МТ сүрүн бирииһэ — 2018 сыллааҕы убаһа —  ананна. Дьөһөгөй оҕотун Тукулутта диэн ааттыырыгар санааларын эттилэр.