Аммалар, төһө да курааннаатар, сыл тахсар отторун булунар соруктаахтар

506

Алексей Захаров ааспыт сылга диэри Дьокуускай куорат олохтооҕо этэ. Ол гынан баран төрөөбүт дойдутун сылаас тыына тардан, кэргэнин, оҕолорун илдьэ дойдутугар Эмискэ көһөн кэлбитэ. Билигин хаһаайыстыба тэринэн, бу күннэргэ оттуу сылдьар.


Тыа сиригэр икки харыгар күүстээх, төбөҥ толкуйдаах буоллаҕына хаһан да үлэтэ суох быар куустан олоруон суоҕа. Онно эбии республикабыт Ил Дархана, бырабыытылыстыбата тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүҥҥэ, тыа сирин сайыннарыыга олус улахан болҕомтону уураллар.

Алексей өр толкуйдуу барбакка, кыракый кыыһа Катюша аатын биэрэн, бааһынай хаһаайыстыба тэринэргэ сананан үлэлээн эрэр. СР тыатан хаһаайыстыбатын граннарыгар кыттарга сананан, «Саҥа саҕалааччы фермергэ» докумуон хомуйсан биэрбитэ да, бу сырыыга кыайан тиксибэтэ. Ол да буоллар санааны түһэрбэккэ, эһиил өссө кыттар былааннаах. Онно кыайарга билигин бары олук ууруллубут курдук: хотонноох, дьонун кытта кыттыһан сүүрбэччэ сүөһүлээх, эһиил өссө элбэтэр соруктаах. Онон эдэр киһи үлэлииргэ-хамсыырга бэлэм.

Билигин күнү-дьылы баттаһа оттоон тигинэтэ сылдьар. Киниэхэ аҕата Дмитрий Васильевич Захаров көмө-тирэх, өйөбүл, сүбэһит буола сылдьар. Алексей эргэ да буоллар сүүрэ сылдьар «Синтай» тыраахтынан от оҕустарар, онтон аҕата аныгылыы сиэринэн мотокосилканан туттар. Отчуттар быйыл от уруккутунааҕар убаҕаһын, ол оннугар урукку өртүгэр ууга туран хаалбыт сирдэрэ тардан оттоппутун кэпсээтилэр. Күһүн хойукка диэри оттуур былааннаахтар. Ааспыт сылтан хаалбыт курулаабыт отторо баар. Онон олох ото суох буолбаппыт, сүөһүлэрбитин сыл таһаарар оту булуохпут диэн эрэх-турах сылдьаллар. «Катюшалар» үүт туттараллар, былаан быһыытынан 2 тонна эбит да, ону эбиэхтээхтэр. Күҥҥэ 55 киилэ үүтү ыыллар. Үрүҥ илгэ сыата — 3,6-3,7 бырыһыан.

Кинилэр тастарыгар аймахтара Егор Васильевич Захаров, «Баһылайчаан» бааһынай хаһаайыстыба баһылыга күөл кытыытын оҕустара сылдьар. Кини хаһаайыстыбата улахан, хороҕор муостааҕы дьонтон ылан эмиэ көрөр. Ол курдук сэттэ буолан кыттыһан уопсайа 84 сүөһүлээхтэр, мантан ыанар ынаҕа 36 төбө. Сыл тахсар оппун булуом диэн эмиэ эрэллээх. От үүнүүтүн оннук куһаҕан диир кыах суох диэн этэр. Окко «абааһы мунньаҕын» иннинэ, от ыйын 10 күнүгэр киирбиттэр. Икки аттаахтар , онон мустараллар. Билиҥҥитэ 28 тонналаахтар. Отчут-масчыт дьон үчүгэйдик аһаатаҕына эрэ үлэтэ таһаарыылаах буолара чуолкай. Захаровтарга убайдара, ИДьМ бэтэрээнэ, оставкаҕа олорор полковник 75 саастаах Петр Егорович Захаров асчытынан сылдьар. Онон букатын да байыаннайдыы дьон буолан биэрдилэр.

Ити курдук Захаровтар «Баһылайчаан» уонна атаҕар саҥа үктэнэн эрэр «Катюша» сыл тахсар отторун булунарга бигэ эрэллээх күүстээхтик оттуу сылдьаллар. Кинилэр былааннара туоларыгар бигэ эрэл баар.