Амматааҕы астыыр-үөллүүр кэмбинээккэ Иван Емельянов аата иҥэрилиннэ

826

Бэҕэһээ Амматааҕы астыыр-үөллүүр кэмбинээт 10 сыллаах үбүлүөйэ тэрээһиннээхтик ааста. Бу тэрилтэни төрүттээбит Иван Емельянов баҕа санаатын толорон — ураты  пааматынньыгы арыйыы буолла.


Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Иван Николаевич Емельянов кэмбинээти 20-тэн тахса сыл салайбыта. Тэрилтэ атаҕар туруутугар күүһүн-билиитин барытын анаабыта.

Иван Николаевич Емельянов сырдык кэриэһигэр анаан кини аатын кэмбинээккэ иҥэрдилэр, ону туоһулуур өйдөбүнньүк дуоска уонна кини баҕа санаата — хороҕор муостаахха анаммыт пааматынньык бу үөрүүлээх күн арылынна.

Пааматынньык ынаҕы олохтоох уолаттар Егор Баранов уонна Власий Пестерев чочуйан оҥордулар. Бу күн элбэх үтүө тыл этилиннэ, үлэ дьоно үрдүк наҕараадалары туттулар.

Аммаҕа үрүҥ илгэни дэлэтээччилэр бырааһынньыктарыгар СР предпринимательствоҕа уонна инновационной политикаҕа миниистирэ Антон Сафронов кыттыыны ылла.

Кинини сэргэ СР тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин астыыр-үөллүүр департамент салайааччыта Василий Афанасьев, «Туймаада» ФАПК генеральнай директорын солбуйааччы Александр Артемьев бааллар.

Кэмбинээт сыр аһы оҥорууга күүскэ ылыста. Тэрилтэ астаабыт аһа республикаҕа киэҥник биллэр, үгүс быыстапка кыайыылааҕа.