Аркадий Новиков талааныгар сүгүрүйээччилэр түмсэн, ким көрө-оонньуута бастыҥын быһаардылар

211

Соторутааҕыта Д.Ф.Ходулов аатынан народнай театрга Майатааҕы Аркадий Новиков «Көөчөөн көрө» мини-театра көҕүлээн тэрийбит «Сааскы сирэйдэр» өрөспүүбүлүкэтээҕи көр-күлүү аһаҕас ΧΙ бэстибээлэ киэҥ далааһыннаахтык ааста.


Бу күөн-күрэскэ 130 киһи кытынна, 22 коллектив уопсайа 65 нүөмэри көрдөрдүлэр.

«Аркадий Михайлович Новиков автор, артыыс, режиссер, худуоһунньук буоларын быһыытынан кини курдук дэгиттэр талааннаах киһини көрдөөн, сайыннарар сыаллаах «Сааскы сирэйдэр» бэстибээлбитигэр сылын аайы доҕотторбутун күүтэбит» – диэн бэйэтин санаатын тэрийээччи Анна Охлопкова үллэстэр.

«Көөчөөн көрө» мини-театр артыыстара «Күһүҥҥү, кыһыҥҥы, сааскы күллэрэҥнэр» бэйэлэрин былааннарыгар киллэрэн улуустары кэрийэ сылдьан айар талааннаах дьону түмэн үөрэтэллэр, сүбэ-ама биэрэн кыттааччыларбыт таһымнара, толорор маастырыстыбалара үрдээбит, көстүүмнэригэр болҕомто уурбуттара харахха быраҕыллар.

Дьүүллүүр сүбэҕэ Елена Слепцова-Куорсуннаах, СӨ үтүөлээх артыыската, поэт, суруйааччы бэйэтинэн кыттыспыта, ону таһынан Аркадий Новиков үөрэппит, такайбыт үөрэнээччилэрэ олорбуттара бэстибээл таһымын үрдэтэн биэрдэ.

Уус Алдан Чараҥ бөһүөлэгиттэн сылдьар Евдокия Окоемова «Дьирибинэ» бөлөх салайааччыта: «Сценкаҕа саҥа холонон эрэбин, урут наар оҕо киинэтин устар этибит, 33 тэттик киинэлээхпит. Бу бэстибээлгэ саҥа кытынныбыт, тэрээһинэ үчүгэй, атын Сааскы сирэйдэри көрөн сэргэхсийии, сайдыы бөҕө буолан кэллибит, ситиһиилээхтик кыттан, Чараҥ дьоно-сэргэтэ үөрүү бөҕө, бэйэбит дьоммутугар концерт көрдөрүөхтээхпит, сойо илигинэ» — диэн баҕа санаатын этэр.

Таатта Уолбатыттан сылдьар эдэр режиссер Петр Чахов бөлөҕө саҥа кытынна, атын хас да эмэ сыл супту кыттыбыт норуот артыыстарын ткөрөн, бэйэтин итэҕэһин аһаҕастык билиннэ: «Дьон үлэлиир да эбит, мөлтөх да эбиппит, мин тиһэҕэр диэри толкуйдаабатахпын«, – диэбитин сэргии санаатым, ити үлэлиэх, айыах, тутуох режиссер саҥата.

Бэстибээл Кылаан бирииһин Аркадий Новиков төрөппүт оҕолоро туруорбут видеокамераларын дьүүллүүр сүбэ биир санаанан Горнай улууһун, Бэрдигэстээҕиттэн сылдьар «Пилоты» нүөмэргэ биэрдэ, салайааччылара Кирилл Дьяконов.

Лауреаттарынан Үөһээ Бүлүүттэн «Хоросо», Амма Абаҕатыттан «Айтал», салайааччы Евгения Попова уонна «Дьиибэ-дьээбэ хомпулар», салайааччы Сардана Сергеева, Мэҥэ-Хаҥалас тиэлигилэрэ ааттаннылар.

Бастакы истиэпэннээх диплом Кэрдэм народнай театрыгар, иккис истиэпэннээх диплом Уус-Алдан Чараҥыттан «Дьирибинэ» бөлөххө салайааччы Евдокия Окоемова, үһүс
истипэннээх диплом Таатта Чымнаайытыттан сылдьар «Сайдар» бөлөххө салайааччы Соломон Николаев тигистилэр.