«Бөртө» хаһаайыстыба сүөһүнү иитиигэ аныгы технологиялары туһанар

186

Хаҥалас улууһун Улахан Ааныгар “Бөртө” сылгы собуотун туһунан сурастахха, саастаах өттүлэрэ бастаан бэркэ дьиктиргиир курдук тутталлар уонна: “Ээ, ол аата сопхуоһу этэр буоллаҕыҥ,” — дэһэллэр. Биир тыһыынча сылгылаах уонна 500 ынах сүөһүлээх, ол иһигэр 300 ыанар ынахтаах “Бөртө” сылгы собуота” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыба тыа хаһаайыстыбатын үлэтин хас да хайысханан тэрийэн, сүүстэн тахса киһини үлэнэн хааччыйан олорор. Сирэй салайааччыны таһынан салаа ахсын эппиэттиир исписэлиистэрдээх буолан, чахчы даҕаны урукку сопхуостары санатар. Ол эрээри, олоҕу кытары тэҥҥэ хардыылаан, өрөспүүбүлүкэҕэ инники күөҥҥэ сылдьар. «Бөртөлөр» тустарынан «Улуус пааспарыгар» кэпсиибит.


Базаны – бырагыраамаларга тирэҕирэн

Хаһаайыстыба 2008 сылтан “Анаабыр алмаастара” ААУо иһинэн үлэлиир. Итини “ол аата бэлэм харчыны ыла олорор эбит” диэччилэр сыыстараллар. “Бөртө” тэрийээччитигэр бородууксуйатын батарар уонна ол харчытын үлэни-хамнаһы тэрийэргэ туттар.

Базатын хаҥатарыгар Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин бырагыраамаларыгар тирэҕирэр. Ааспыт сылларга “Туймаада” ҮАПК чэрчитинэн толору хааччыллыылаах икки комплексы, иллэрээ сыл бэйэтин күүһүнэн субан хотонун туттубута. Быйыл “Туймаада” нөҥүө үһүс комплексын тутунна, онон ыанар ынаҕын барытын аныгылыы хотоҥҥо киллэрдэ. Итини таһынан, Ил Дархан «Тыа хаһаайыстыбатыгар каадыр бэлиитикэтин туһунан» ыйааҕын чэрчитинэн, сүүрбэ миэстэлээх, бары өттүнэн ситэри хааччыллыбыт Үөрэтэр киини тутан үлэҕэ киллэрдэ.

Өссө 1990-с сыллартан хаһаайыстыба үүтүн бэйэтэ астаан, Дьокуускайга тиийэ батарар. Онон үптэнэн харчы суох уустук кэмнэрин туораабыта. Сыллата сүүһүнэн убаһаны, сүөһүнү “дьаһайар” хаһаайыстыба эти атаҕынан буолбакка, астаан-үөллээн батарар быдан көдьүүстээҕин өйдөөн, эккэ эмиэ ылсарга быһаарынан, иллэрээ сыл «Бөртө-Ас» кэпэрэтииби тэриммитэ. Граҥҥа киирсэн, симиэнэҕэ уон сүөһүнү өлөрөн астыыр мобильнай буойунаны туттан, эмиэ быйыл күһүн үлэҕэ киллэрдэ. Билигин сыах асчыттара технолог Анна Мохначевская салалтатынан этинэн суббородуукта арааһын оҥороллор. Итинэн бородууксуйаны оҥорон таһаарыы биир кэлим тиһиккэ киллэрилиннэ.

Үлэһит интэриэһин өрө тутан

Кэлэктиибинэй дуогабар быһыытынан, хамнас ый аайы төлөнөр, икки сылга биирдэ путевканан санаторийга баран доруобуйаларын чэбдигирдэр, хамнас суотугар удамыр сыананан эти, үрүҥ аһы, килиэби ылар (хаһаайыстыба бэкээринэлээх) буолан, дьон олохсуйан үлэлиир. Кэлэ-бара туруу, сыл аайы уларыйыы диэн суох.

— Сылгы базалара түөрт-биэс көстөөх сиринэн тарҕанан сыталларын учуоттаан, сылгыһыттарга «таежнай» диэни эбии көрөбүт. Ону таһынан оттооһуҥҥа биэрэбит, үчүгэйдик оттообуттар сайын устата 60-80 тыһ. солк. аахсаллар. Ыанньыксыт хамнаһа үүттэн, төрүөхтэн тутулуктанар. Кэтэх сүөһүнү, сылгыны ииттэри хааччахтаабаппыт, ол түмүгэр үлэҕэ интэриэс баар, көрдөрүү куһаҕана суох, сылгыны үөрдээн иитиигэ уонна ынах сүөһүгэ Россия таһымнаах племенной репродуктор сибидиэтэлистибэлээхпит, — диир хаһаайыстыба салайааччыта, өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Александр Павлов.

Олорор дьиэ-уот боппуруоһа эмиэ көрүллэр. 2008 сылтан 24 үлэһит дьиэ туттубут, биэс киһи «Анаабыр алмаастарын» «Үүт дьиэтэ» бырайыагынан, атыттар Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин «Олорор дьиэ-уот» бырагырааматынан, эдэр исписэлиистэргэ бэриллэр кубуотанан итиэннэ хаһаайыстыба көмөтүнэн. Өрөспүүбүлүкэҕэ хамсааһыны таһаарбыт агро-кластердарынан үлэттэн Улахан Аан нэһилиэгэ туора турбат. Ол курдук, 2019 сылтан манна 50 дьиэлэээх агро-кластер тутуллара былааннар, онтон отут дьиэ “бөртөлөргө” бэриллиэхтээх.

Хаачыстыба элбэҕи быһаарар

Урут хаһаайыстыба салалтата биир эрэ баҕаалах эбит: кыстыгы элбэх сүтүгэ суох туораатарбыт, үлэһиттэрбит эрэ барбаталлар диэн. Оттон билигин атаҕар туран, сайдыыны былаанныыр, хаачыстыбаҕа үлэлиир, үлэ дьиссипилиинэтин ирдиир, сүөһүтүн сүүмэрдээн иитэр кыахтаммыт. Атын сиртэн а.э. өрөспүүбүлүкэ таһыттан сүөһү ылбатах, ол оннугар бэйэтин ынахтарын тупсарыыга күүскэ үлэлээн, сыл устата ынах ахсыттан 3 тыһ. 200 киилэ үүтү ыыры ситиспит.

— Ыччат сүөһүнү учаастакка сайылатабыт эрээри, ханна да буоларын курдук чааһынайдар оҕус борооскуларын аттаппаттарын түмүгэр кыстыкка киириигэ сүүрбэччэ тыһаҕас уулаах буолар, — диир биригэдьиир Ульяна Семенова. — Олору төрүт ииппэппит, субан тыһаҕастары, ону да удьуор үүттээх ынахтар оҕолорун талан хаалларабыт. Инньэ гынан, үс саастарын туолан, эт-хаан өттүнэн ситэн эрэ баран төрүүр буоланнар, ынахтарбыт биллэ тубустулар, уҥуохтарынан да улааттылар. Ити үүккэ да, төрүөххэ да бэрт көдьүүстээх. Оттон урут ас-үөл мөлтөҕүттэн күөххэ үктэниэххэ диэри элбэх сүөһү күрдьүккэ соһуллара, көтөх ынах төрөөрү былдьанара. Ынах ахсаанын ситэринэр кыһалҕаттан уулаах тыһаҕастары барыларын биэбэйдии сатыырбыт түмүгэр, ыанньыкпыт бытархай баҕайы буолан испитэ, үүккэ көрдөрүүбүт да ол тэҥинэн этэ. Буомурбут сүөһү төһө бэйэлээҕи ыатыай, ама да холмогуорун иннигэр? 2000 с. ынах ахсыттан 1 тыһ. 800 киилэ үүтү ыабыппыт, билигин 3 тыһыынчаҕа тиэртибит. Бастыҥнарбыт Аммосова Екатерина, Борисова Раиса, Трофимова Валентина, Таппыева Анастасия көрдөрүүлэрэ мантан таһыччы үрдүк.

УЗИ уонна чип

Холмогор боруода сүөһүнү ууһатыыга федерация таһымнаах репродуктор буолан, хаһаайыстыба племенной үлэни утумнаахтык ыытар. Зоотехник Маргарита Макарова, осеменатордар Светлана уонна Надежда Васильевалар кыһамньыларынан ынах барыта искусственнай сиэмэлээһининэн хабыллар, сааһырбыттарга солбук эрдэттэн бэлэмнэнэр, ыанньык ахсаана сыыйа элбэтиллэр. Кыргыттар ынах уулааҕын-кытараҕын барбах эрэ УЗИ сканерынан (ультра-дорҕооннорунан диагностыыр аппараатынан) быһаараллар.

— Интернетинэн көрөн, Новосибирскайдааҕы “Партнер-Агро” диэн фирматтан ынах сүөһүгэ аналлаах УЗИ сканеры былырыын ылбыппыт, — диэн кэпсиир зоотехник Маргарита Макарова. — Дьоҕус буолан илдьэ сылдьарга тупсаҕай, сүөһүгэ туох да куттала суох итиэннэ чинчийии түмүгүн тута биллэрэр, сыаната 250 тыһ. солк. Манан ынах кытараҕын-уулааҕын, бэл аҕыйах да хонуктааҕы билиэххэ сөп. Син биир киһи УЗИ-тын курдук, ийэ иһигэр сытар ньирэй экраҥҥа үчүгэй баҕайытык көстөн кэлэр. Билигин саарбахтыы саныыр ынахтарбытын бэрэбиэркэлиэхтээхпит. Дьиҥинэн, бу бэтэринээрдэргэ эмиэ наадалаах аппарат, ньирэй хайдах сайдан иһэрин, ынах ис туругун, холобур, искэн, киста эбэтэр бүөрүгэр уонна хабаҕар таас баарын-суоҕун, иһигэр уу үөскээн эрэрин эрдэттэн билиэххэ сөп. Биһиги саҥа баһылаан эрэбит, инструкциятын ааҕан үлэлэтэ сылдьабыт. “Нөмүгү” агрофирма манныгы ылыныан эмиэ баҕарар, оччоҕуна, “Партнер-Агроттан” киһи ыҥыран, аппараат кыаҕын толору туһанарга үөрэттэрэр былааннаахпыт.

Сопхуос саҕана хаһаайыстыбалар сүөһүнү нүөмэрдээх тавронан бэлиэтииллэрэ. Билигин бирка кэтэрдэллэр эбэтэр анал бэлиэ (клеймо) туруораллар, оттон племенной хаһаайыстыбалар чиптээһиҥҥэ киирдилэр. “Бөртөлөр” сылгыларын, ынахтарын чиптээбиттэрэ ырааппыт.

Микрочип укуол курдук инъекторынан тирии анныгар киллэриллэрин сүөһү билбэккэ да хаалар, — диир Маргарита Макарова. — Бу сүөһү электронный пааспара буолар. Манна сканер көмөтүнэн ааҕыллар нүөмэр баар, онно сүөһү туһунан сибидиэнньэ (ханнык хаһаайыстыба бас билиитэ буолара, боруодата, төрдө-ууһа, төрөөбүт күнэ-дьыла, доруобуйатын туруга, ылбыт быһыылара о.д.а.) киллэриллэр итиэннэ ол барыта чахчылар базаларыгар угуллар. Сүөһү сүтэр түбэлтэтигэр чибинэн булан ылыллар. Биһиги ынахтарбытын барыларын уонна саҥа төрөөбүт тыһы ньирэйдэрбитин барыларын чипчээтибит.


«Улуус олоҕо» бырайыак өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун, айар-тутар үлэлэрин туһунан кэпсиир. Чуолаан кинилэр бэйэлэрин ситиһиилэринэн, кыһалҕаларынан тыа сиригэр олоҕу туталлар. Хас биирдии улууска тиийдэххэ, Саха сирэ олус да киэҥин, ураты күндүтүн билэҕин. Оччоҕо киһи ханна баҕарар олоруон, үлэлиэн, сайдыан сөбүн итэҕэйэҕин. Биллэн турар, кытыы сиргэ олохсуйуу чэпчэки буолбатах, ардыгар — ыарахан да диэххэ сөп. Ол гынан баран, тыа киһитэ барахсан төрөөбүт дойдутугар тапталын иҥэрэн, дириҥ ис хоһоонноох олоҕу салайсар.