Балаҕан ыйын 1 күнүгэр Уус Алдан Лөгөй нэһилиэгэр саҥа оскуола үлэҕэ киирдэ

201

Уус Алдан улууһун Лөгөй нэһилиэгин олохтоохторугар балаҕан ыйын 1 чыыһылата — үөрүүлээх күн буолла. Быйыл нэһилиэккэ оскуола тэриллибитэ 70 сыла бэлиэтэнэр, ону сэргэ бу күн Кэптэни сэлиэнньэтигэр 220 миэстэлээх саҥа таас оскуола үлэҕэ киирдэ.


Саҥа үөрэх кыһатын арыйыы сиэрин-туомун тэрийиигэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, Уус Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов, СӨ Ил Түмэнин дьокутаата Семен Иванов, СӨ үөрэҕириитин уонна наукатын миниистирин солбуйааччы Андрей Попов, Лөгөй нэһилиэгин баһылыга Марк Местников, Саха АССР үтүөлээх учуутала, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо Иван Данилов, СӨ судаарыстыбаннай сакааһын сулууспатын генеральнай дириэктэрэ Дмитрий Поисеев, “Нординжиниринг” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Николай Егоров, “Парадигма” ХЭТ салайааччыта Семен Бережнев, “Нординжиниринг”, “Парадигма” тэрилтэлэр үлэһиттэрэ итиэннэ олохтоохтор уонна нэһилиэк ытык кырдьаҕастара, педагогическай үлэ бэтэрээннээрэ кытыннылар.

Быйылга диэри Лөгөй нэһилиэгин үөрэнээччилэрэ хас да сиринэн үөрэнэн кэллилэр. 2015 сыл олунньу ыйыттан СӨ “Үөрэхтээһин сайдыыта 2012-2019 сс.” Судаарыстыбаннай бырагыраамматын чэрчитинэн Кэптэнигэ саҥа таас оскуола тутуута саҕаламмыта. Ол икки ардыгар икки этээстээх, аныгылыы тутуулаах таас дьиэ дьэндэйэн таҕыста.

Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков олохтоохтору, оскуола кэлэктиибин, үөрэнээччилэри, педагогическай үлэ бэтэрээннэрин, ыалдьыттары балаҕан ыйын 1 күнүгэр Лөгөйгө оскуола аһыллыбыта 70 сылын көрсө аныгылыы бырайыактаах таас оскуола аһыллар бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ.

2015 сыл олунньу ыйыгар манна Владимир Ильич Заболоцкай алгыс тылларын этэн, оскуола акылаата түспүт кэмиттэн соччо уһуна суох кэм ааста, – диэтэ Ил Түмэн спикерэ, – Билигин биһиги тутааччыларбыт тыа сиригэр ханнык баҕарар бырайыагынан улахан тутуулары түргэнник уонна үчүгэй хаачыстыбалаахтык тутар кыахтаннылар”.

Александр Жирков олохтоохторго, хас да сиринэн үөрэнэр кыһалҕа тирээбит кэмигэр үөрэх тэтимин ыһыктыбакка, ситиһиилэрин мөлтөппөккө, оҕолорун ыспакка, Лөгөй орто окуолатын үтүө аатын үрдүктүк тутан кэлбиттэригэр, саҥа оскуола тутулларыгар бука бары кыахтарынан күүс-көмө буолбуттарыгар махталын биллэрдэ.

Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн 16000 оҕо аан бастаан үөрэх боруогун атыллаата, онтон Кэптэнигэ 14 оҕо маҥнайгы кылааска киирдэ. “Маҥнайгы кылааска киирэр оҕолор саҥа тутуллубут таас оскуолаҕа үөрэхпит дьылын саҕалаабыппыт диэн өйдүү сылдьар бэлиэ түгэннэрэ. Лөгөй оскуолатын быйылгы үөрэх дьылыгар бүтэрэр ыччаттарбыт таас оскуолаҕа үөрэнэн, үөрэхпитин бүтэрбиппит диэн саныы сылдьыахтара”, – диэн туран Ил Түмэн спикерэ үөрэнээччилэргэ, учууталларга үөрэхтэригэр, үлэлэригэр, тус олохторугар ситиһиини, дьолу-соргуну баҕарда уонна оскуолаҕа саҥа киирэр кырачааннарга өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттарда.

Александр Жирков Лөгөй орто оскуолатын дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччытыгар Татьяна Петуховаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэхтээһинин сайдыытыгар үтүөлээх үлэтин иһин СӨ Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин Махтал суругун туттарда уонна үрүҥ көмүс бэлиэнэн наҕараадалаата. Омук тылын учууталыгар Мария Кирилловаҕа уонна нуучча тылын, литературатын учууталыгар Екатерина Шаринаҕа Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин махтал суруктарын туттартаата.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин уонна наукатын миниистирин солбуйааччы Андрей Попов бука бары кыттыылаахтарга, оскуола кэлэктибиигэр СӨ үөрэҕириитин уонна наукатын миниистирин аатыттан эҕэрдэтин тириэттэ уонна Муомаҕа, Алдаҥҥа, Уус Майаҕа, Намҥа, Чурапчыга, Өлүөхүмэҕэ эмиэ саҥа оскуолалар тутуллан, үлэҕэ киирэллэрин туһунан сырдатта. Миниистири солбуйааччы саҥа үөрэх дьылыгар үөрэнээччилэр саҥа оскуолаҕа киирэллэрэ нэһилиэккэ оскуола тэриллибитэ 70 сылыгар түбэспитэ икки төгүл үөрүүлээх диэтэ уонна саҥа оскуола үлэҕэ киириитэ үөрэх хаачыстыбата эрэ үрдүүрүгэр буолбакка, нэһилиэк социальнай-экономическай сайдыытыгар, демографияҕа теһүү күүс буолара саарбаҕа суоҕун бэлиэтээтэ.

Андрей Анатольевич Лөгөй орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учууталын Лена Егорованы уонна оскуола библиотекатын салайааччытын Светлана Копыринаны “СӨ үөрэҕириитин туйгуна” бэлиэлэринэн наҕараадалаата.

Уус Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов бука бары олохтоохтору, ыалдьыттары 2017 сыл балаҕан ыйын 1 күнэ Лөгөй орто оскуолатын аһыллар дьоро күнэ буолан, улуус историятыгар киирбитинэн эҕэрдэлээтэ.

Улуус баһылыга быйыл Дүпсүҥҥэ В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан духуобунай киин, Бороҕоҥҥо 240 миэстэлээх уһуйаан, Суоттуга уонна Майаҕаска дьыссааттар аһыллыахтаахтарын уонна Тиит Арыыга, Хомустаахха спорт саалалара үлэҕэ киириэхтээхтэрин бэлиэтээтэ уонна СӨ Бырабыыталыстыбатыгар уонна чуолаан Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлигэр Александр Жирковка махталын биллэрдэ.

Бүгүн, билии, үөрэх күнүгэр саҥа оскуола аһыллыыта биһиэхэ олус улахан суолталаах бэлэх буолар, – диэн Лөгөй нэһилиэгин баһылыга Марк Местников үөрүүтүн үллэһиннэ – Биһиги оскуолабыт баҕарбыппыт курдук бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥэ үлэҕэ киирдэ”.

Марк Васильевич Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлигэр Александр Жирковка, Ил Түмэн дьокутаатыгар Семен Ивановка, улуус баһылыгар Алексей Федотовка нэһилиэк олохтоохторун аатыттан махталын биллэрдэ.

“Нординжиниринг” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Николай Егоров сакаасчыт уонна тутааччылар ааттарыттан эҕэрдэлээн туран оскуола дириэктэригэр Марина Петроваҕа саҥа оскуола бэлиэ күлүүһүн туттарда.

Үөрэх, билии киэҥ аартыгар аан бастаан үктэммит Лөгөй орто оскуолатын маҥнайгы кылааһын үөрэнээччилэрэ хоһооннорун толорбуттарын кэннэ оскуола аалай лиэнтэтин быһыы сиэрэ-туома быйылгы үөрэх дьылын саҕалыыр маҥнайгы чуораан чугдаарар доҕуһуолугар ыытылынна.

Лөгөй сирин-уотун дьонугар-сэргэтигэр, Уус Алдан улууһун олохтоохторугар, үөрэнээччилэргэ, учууталларга, педагогическай үлэ бэтэрээннэригэр саҥа оскуола үлэҕэ киирбитинэн, нэһилиэккэ оскуола тэриллибитэ 70 сылынан уонна үөрэх дьыла саҕаламмытынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан өссө төгүл эҕэрдэ буолуохтун!