Атырдьах ыйын 16 күнэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Балыктаах сэлиэнньэтин олохтоохторугар, оҕолорго, учууталларга историяҕа суруллар бэлиэ күн буолла. Бу күн Балыктаахха 150 миэстэлээх саҥа оскуола дьиэтин тутуу саҕаланна.
Дьоро тэрээһиҥҥэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, Мэҥэ Хаҥалас баһылыга Николай Старостин, Ил Түмэн дьиэ кэргэн, оҕо, ыччат дьыалаларыгар, физическэй култуураҕа уонна спорка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Баишев, Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕин управлениетын салайааччы Ирина Черкашина, “Мэҥэ нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии баһылыга Александр Куприянов, “Электромонтаж” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Василий Пинигин, Балыктаах оскуолатын учууталлара, үөрэнээччилэр, нэһилиэк ытык кырдьаҕастара, олохтоохтор кытыннылар.
Саҥа таас оскуола “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үөрэх тэрилтэлэригэр саҥа миэстэлэри тэрийии” СӨ бырагыраамматын чэрчитинэн тутуллар. Оскуола акылаатын түһэриигэ быйыл буолбут аукциоҥҥа “Электромонтаж” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ кыайыылааҕынан биллэриллибитэ. Эбийиэк Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин Александр Жирков тус хонтуруолугар сылдьар. 2019 сылга тутуу үлэтэ түмүктэнэн, оскуола үлэҕэ киириэхтээх.
Александр Николаевич үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ мустубут олохтоохтору, Балыктаах ытык кырдьаҕастарын, учууталларын, оскуола үөрэнээччилэрин эҕэрдэлээтэ.
“Саҥа кэм кэллэ, үйэ аҥарыттан ордук үлэлээбит урукку оскуолабыт оннугар билигин саҥа бырайыагынан таас оскуола тутуллар күнэ үүннэ, – диэтэ Ил Түмэн спикерэ. – Өрөспүүбүлүкэҕэ хапытаалынай тутууга кырыымчык быһыы-майгы биллэн эрэр ыарахан кэмигэр биһиги тутууну саҕалаатыбыт. Ол да буоллар, Мэҥэ Хаҥалас улууһун салалтатын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын кытта 2019 сылга саҥа оскуоланы үлэҕэ киллэрэр баҕа санаалаахпыт”.
Александр Жирков Василий Пинигин салалталаах “Электромонтаж” ХЭТ үчүгэй хаачыстыбалаах тутууну тыа сиригэр сатаан ыытара биллэрин чорботон туран, бу тэрилтэҕэ эрэнэрин биллэрдэ.
Мэҥэ Хаҥалас Саха Өрөспүүбүлүкэтин биир улахан улууһа буоларын быһыытынан, саҥа оскуола тутуллар үөрүүлээх түгэнин кэтэһэр нэһилиэк манна элбэх.
“Улуус нэһилиэктэриттэн биирдэстэригэр Нөөрүктээйигэ Павловскай бөһүөлэккэ саҥа оскуоланы “Электромонтаж” тэрилтэ тэтимнээхтик, хаачыстыбалаахтык тутан, үлэҕэ киллэрбитэ”, – диэн улуус баһылыга Николай Старостин эттэ.
Маныаха, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар күн бүгүн 36 эбийиэк тутулла турар. Улуус дьаһалтата, баһылык күүстээх хамаандата дьаныардаахтык үлэлээн, өрөспүүбүлүкэ үгүс бырагырааммаларыгар кыттан, өрөспүүбүлүкэ Ил Түмэнин, бырабыыталыстыбаны кытта ыкса үлэлэһэн, үтүө түмүктээх үлэ тахсар.
“Ону тэҥэ, бүгүн Хара нэһилиэгэр оскуола уонна дьыссаат тутуута саҕаланна. Бу курдук араас бырагырааммаларга киирсэн, үлэлэһэн, туруорсан, Балыктаах оскуолатын кэннэ уочаракка турар нэһилиэктэрбитигэр эмиэ үлэни хамсатыахпыт. Биһиги оҕолорбут, ыччаттарбыт үөрэнэр, иитиллэр усулуобуйалаах буоллахтарына биһиги инникилээхпит, оччоҕуна эрэ нэһилиэккэ элбэх эдэр ыал олохсуйан улууспут сайдан иһиэҕэ. Ол туһугар бука бары биир ситимҥэ үлэлиэх тустаахпыт”, – диэн Николай Старостин санаатын үллэһиннэ.
Олохтоох нэһилиэнньэ аатыттан РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ учууталларын учуутала, СӨ үөрэҕин ситимин бочуоттаах бэтэрээнэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Мэҥэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Парасковья Прокопьевна Габышева Ил Түмэн спикеригэр Александр Жирковка, улуус баһылыгар Николай Старостиҥҥа, Ил Түмэн дьокутаатыгар Юрий Баишевка истиҥ махталын биллэрдэ.
Парасковья Прокопьевна Балыктаах оскуолатыгар учууталлыыр кэмигэр хайдахтаах курдук күүскэ үлэлээн, XX үйэ ортотугар тутуллубут оскуоланы чөлүгэр түһэрбиттэрин ахтан аһарда. Оччолорго дириэктэринэн үлэлээбит Егор Александрович Захаров салалтатынан хаарбах туруктаммыт оскуоланы бука бары үлэһиттэр, учууталлар хара күүстэринэн муостатын бүтүннүү көтүрэн, акылаатын уларытан, үөрэх дьылын баттаһа үлэҕэ киллэрбиттэр.
“Балыктаах сэлиэнньэтэ урукку да өттүгэр бэйэтин чулуу үөрэнээччилэринэн, спортсменнарынан өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр. Онуоха, саҥа оскуола тутуллан, ыччаттарбыт өссө сайдалларыгар усулуобуйа баар буоллаҕына, мин санаабар, педколлектив бэйэтин өттүттэн туһааннаах үлэни ыытыаҕа”, – диэн Ил Түмэн дьиэ кэргэн, оҕо, ыччат дьыалаларыгар, физическэй култуураҕа уонна спорка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Баишев баҕа санаатын тириэттэ.
“Электромонтаж” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Василий Пинигин Александр Романов Балыктаах саҥа оскуолатын “Электромонтаж” тэрилтэ толору тутара буоллар диэн баҕа санаалааҕын бэлиэтээн туран, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлигэр Александр Жирковка, Мэҥэ Хаҥалас баһылыгар Николай Старостиҥҥа, Мэҥэ нэһилиэгин баһылыгар Александр Куприяновка уонна бука бары мустубут ыалдьыттарга, олохтоохторго оскуола акылаатын үтүө суобастаахтык, хаачыстыбалаахтык оҥоруохпут диэн эрэннэрдэ.
Ил Түмэн спикерэ Балыктаахха оскуола тутуута саҕаланыытыгар Мэҥэлэр биир дойдулаахтара, Ил Түмэн дьокутаата Александр Афанасьевич Романов улаханнык кыһаллан үлэлэспитин бэлиэтээн туран, улуус баһылыга Николай Старостин, үөрэх управлениетын салайааччыта, Балыктаах оскуолатыгар өр сылларга учууталынан уонна 20-чэ сыл дириэктэринэн үлэлээбит Ирина Черкашина уонна бу оскуола бэтэрээн учуутала, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо Парасковья Габышева оскуола акылаатын түһэрии сиэрин-туомун ситэрэллэригэр ыҥырда. “Биһиги оскуола ааспыт кэмин уонна бүгүҥҥүтүн, кэнэҕэскитин бүгүҥҥү бэлиэ күҥҥэ өйдүөх кэриҥнээхпит”, – диэтэ Ил Түмэн спикерэ.
Бүгүҥҥү үөрүүлээх быһыыга-майгыга саҥа оскуоланы тутуу үлэтэ алгыһынан арчыланан, үгүс үтүө тылынан салайтаран саҕаланна. Балыктаах сэлиэнньэтин киэҥ-нэлэмэн кэрэ көстүүлээх сиригэр саҥа оскуола дэндэйэн тахсыаҕа. “Барыта анаабыт курдук буоллун”, – диэн Балыктаах дьоно-сэргэтэ санаата көтөҕүллэн, сырдаан бу бэлиэ күнү көрүстэ. Балыктаахха күүтүүлээх саҥа таас оскуола тутуута саҕаланна.