«Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара ааспыт нэдиэлэҕэ «Сахамедиа» холдинг «Улуус олоҕо» бырайыагын иһинэн үлэлиир «Барыбыт кыһалҕабыт» рубрика «төгүрүк остуолугар» ипотека кирэдьииттээһинин хаамыытын уонна инники кэскилин туһунан кэпсэтиини тэрийэн ыыттыбыт. Онно Тутуу министиэристибэтиттэн, сүрүн бааннартан бэрэстэбиитэллэри, тутар уонна риэлторскай тэрилтэлэр салайааччыларын ыҥыран кытыннардыбыт. Мантан аллара кэпсэтиигэ этиллибит санаалары тиэмэлэринэн чөмөхтөөн билиһиннэрэбин.
Ипотеканан туһаныы 15% элбээтэ
Архитектура уонна тутуу комплексын миниистирин бастакы солбуйааччы Павел Аргунов Киин баан түмпүт-хомуйбут дааннайыгар олоҕуран, б. дь. алтынньы 1 күнүнээҕи туругунан, ааспыт сыл туһааннаах кэмин кытта тэҥнээтэххэ, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ипотека кирэдьиитинэн туһаныы 15 бырыһыанынан элбээбитин бэлиэтээтэ. Ол эбэтэр олорор дьиэни атыылаһарга 16 млрд 200 мөл. солк. суумалаах харчы иэс бэриллибит. Павел Анатольевич бу хамсааһын бааннар кирэдьиит бырыһыанын намтаппыттарын кытта ситимнээҕин ыйда. Ортотунан 10 %-ҥа тэҥнэспит буоллаҕына, судаарыстыбаттан өйөбүллээх биирдиилээн бырагыраамаларга 7 %-наах эмиэ үлэлиир.
Сбербаан Саха сиринээҕи салаатын ипотека кирэдьииттээһинигэр киинин салайааччытын солбуйааччы Лучезар Винокуров саҥа тутуллар дьиэлэргэ (I ырыынакка) тутар хампаанньалар аахсыйаларынан бастакы төлөбүрүн уган баран, кылгас болдьохтоох (7-10 сылга диэри) кирэдьиити 7,4, оттон II ырыынакка кыбартыыра атыылаһарга Сбербаан өҥөтүнэн туһанан, “Эдэр ыал” бырагырааманан 9 бырыһыаннаах кирэдьиити ылыахха сөбүн быһааран кэпсээтэ.
“Утум +” хампаанньалар бөлөхтөрүн генеральнай дириэктэрэ Георгий Карамзин уонна “Стройкон” ХЭУо генеральнай дириэктэрэ Иван Полушкин чэпчэтиилээх кирэдьиитинэн киэҥник туһаналларын, кирэдьиит бырыһыанын ставката намтатыллыбыта тутааччылары да, кыбартыыра атыылаһааччылары да эргиччи көҕүлээбитин билиннилэр. Баан бырыһыанын ставкатын өссө намтатыа дуо? Маныаха, РФ бэрэсидьиэнэ В.В.Путин сорудаҕынан олорор дьиэни тутууну баан үбүлүөхтээх схемата оҥоһулла-чочулла сылдьарынан, ыалдьыттарбыт хоруйдууртан туттуннулар.
Россельхозбаан Саха сиринээҕи салаатын отделын начаалынньыга Евдокия Мигалкина эрдэ улахан бырыһыаҥҥа ылыллыбыт кирэдьиит бырыһыанын намтатан хос ааҕыыны (рефинансированиены) сэтинньи ыйтан саҕалаабыттарын иһитиннэрдэ. Бааннар кирэдьиити 2013 с. 14-15 бырыһыаҥҥа биэрбит буоллахтарына, былырыын 11,5-гэ диэри түспүтэ. Быйыл Россельхозбаан рефинансированиенан 9,3 бырыһыаҥҥа уларытан оҥорор. Холобур, клиент былырыын ылбыт 2 мөл. солк. кирэдьиитин быйыл хос аахтаран, 9 сыл төлөһөрүгэр дифференцированнайга (ыйдарынан кыччаан иһэргэ) 614 тыһ. солк., оттон аннуитетнайга (тэҥ сууманан) 501 тыһ. солк. кэмчилиир. Сбербаан эмиэ атын бааннартан ылыллыбыт кирэдьииттэри 9,5 бырыһыаҥҥа диэри түһэрэн ааҕар эбит. Сайабылыанньа биэрэн баран, быһаарыы ылылларын 30 хонукка диэри күүтэҕин.
Кыбартыыра сыаната 22% түстэ
“Өрөспүүбүлүкэтээҕи хамнаабат баай-дуол агентствота” ХЭУо дириэктэрэ Сардаана Иванова ааҕарынан, Дьокуускайга саҥа тутуллар дьиэҕэ кыбартыыра квадратнай миэтэрэтигэр сыана 2014-2015 сс. муҥутуурдук үрдүү (сорох хампаанньалар 120 тыһ. солк. тиэрдибиттэрэ) сылдьан баран, билигин 55-72 тыһ. солк. икки ардыгар халбаҥныыр. Ол эбэтэр сыана 22% (Тутуу министиэристибэтин суоттааһынынан, 20%) түһэн турар.
“Тутааччылар сыананы хара ааныттан туох да экономическай төрүтэ суох үрдэтэн кэбиспит буоланнар, билигин төһө даҕаны түспүт курдугун иһин, син биир ыарахан. Дьоммут дохуота кырата бэрт. Биир кирэдьиити хас да киһи кыттыһан иэс ылар түбэлтэтэ элбэх. Ол иһин дьон үксэ 1-2 хостооҕу атыылаһа сатыыр. Ким үлэлиир, добуоччу дохуоттаах – ол эрэ дьиэлэнэр кыахтаах”, — диир күннэтэ кыһалҕалаах дьоннуун быһаччы алтыһа сылдьар Сардаана Федоровна.
Тутааччылар эмиэ атыыга ордук-хото 1-2 хостоох кыбартыыралар баралларын билинэллэр. Иван Полушкин: “Сыананы бэйэбит олохтуубут гынан баран, ырыынактан тутулуктааҕа улахан. Үчүгэйдик үөрэтэн, тэрилтэ ночоотурбат уонна атыылаһааччы оҕустарбат гына орто сүнньүн булан, сыаналыы сатыыбыт”, — диир уонна В.Путин дьаһалынан 3 сыл иһинэн өлүүлэһэн (долевой) тутуу тохтотулуннаҕына, онно эбии 214-с №-дээх федеральнай сокуоҥҥа тутааччыга ирдэбили күүһүрдэр пуун эһиил от ыйыттан олоххо киирдэҕинэ тутартэрилтэ аҕыйаан, сыана өрө тахсыаҕа.
Бу санааны кытта Павел Аргунов сөпсөһөрүн биллэрэн, сорох тутааччылар үптэрин-харчыларын сыыһа былааннаан, чэпчэкитик атыылаан баран, эстэр суолга үктэнэллэрин эттэ уонна өлүүлэһэн-кыттыһан тутуу оннугар бырайыагынан үбүлээһини дойду салалтата кыһалҕаттан ылынан эрэрин быһааран биэрдэ. Саха сиригэр (сүрүннээн, Дьокуускайга) элбэх кыбартыыралаах 16 дьиэ ситэ тутуллубакка турар, “албыннаппыттар уочараттарыгар” 299 киһи баар. Атын регионнарга холоотоххо, биһиги бырабыыталыстыбабыт албыннаппыт дьон дьиэлэрин ситэринэллэригэр бүддьүөттэн үп көрөн көмөлөһөр.
Тэҥнэбилгэ эттэххэ, “Байаҕантай-Строй” ХЭУо менеджерэ Максим Федоров Дьокуускайга уонна чугас улуустарга буруус мас дьиэни кв. миэтэрэтин 18 тыһ. солкуобайтан саҕалаан туталларын иһитиннэрдэ. “Кэлиҥҥи сылларга таас кыбартыыратааҕар бэйэ кэтэх дьиэлэнэригэр талаһааччы элбээтэ», — диэн ааҕар Максим Михайлович.
Харааһы – хаарбах дьиэ кэнниттэн
Киин куораппытыгар сылтан сыл массыына ахсаана, ардах кэннинээҕи тэллэй курдук, эбиллэн иһэр. Ол ахсын харааһынан хааччыллыы кыһалҕата тыҥаан иһэрэ илэ. Кэпсэтиигэ бу боппуруоһу Георгий Карамзин көтөхтө. «Биһиги элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ сыһыаран хараастары тутабыт гынан баран, бааннар бу сыалга ипотека кирэдьиитин биэрбэт буоланнар, атыыга кыайан барбат. Туораттан харчылаах дьоҥҥо атыылыырга күһэллэбит», – диир Георгий Олегович.
Сбербаан 1 кирэдьииккэ 1 эрэ эбийиэги көрөр, онон харааһы утары харчыга эрэ атыылаһар суол хаалар буоллаҕына, Россельхозбаан биир ипотеканан кыбартыыраны кытта харааска кирэдьиит биэриэн сөп эбит. Ол маннык ньыманан оҥоһуллар: атыылаһааччы баантан ипотека кирэдьиитин ыларыгар кыбартыыратын кытта олорор дьиэтин аттыгар хараастаныан баҕарар буоллаҕына, эргэ кыбартыыратын эбэтэр олорор дьиэтин учаастагын кытта толук угар.
Тутуу миниистирин бастакы солбуйааччы этэринэн, судаарыстыба боломуочуйатыгар харааһы тутуу киирбэтинэн, көмө көрүллүбэт, билиҥҥитэ хараас диэн баай дьон албаҕата, өрөспүүбүлүкэҕэ 19 мөл. кв. м иэннээх олорор дьиэ фондата баарыттан 1 мөлүйүөнтэн тахсата – хаарбах туруктаах. «Онон бу боппуруос быһаарылыннаҕына биирдэ хараас кыһалҕатыгар ылсыахха сөп, – диир Павел Анатольевич. – Иккиһинэн, сыл аайы 500-чэ тулаайах оҕо олорор дьиэнэн хааччыллыахтаах кэмэ тиийэн кэлэн, бүддьүөттэн 1 млрд солк. тахса кээмэйдээх үп көрүллэрэ эмиэ таһаҕас буолар».
Сардаана Иванова, “Өрөспүүбүлүкэтээҕи хамнаабат баай-дуол агентствота” ХЭУо дириэктэрэ:
— Олорор дьиэ ырыынагар 1996 с. ыла үлэлиибин. Онон бу дьыаланы үчүгэйдик билэбин. Кириисис буолбута биир үтүө өрүттээх: дьиэ сыаната түһэн, дьиҥнээх сыанатыгар чугаһыыр. Өссө түһүө дии саныыбын. Тоҕо? Бастатан, биһиги дьоҕус куораппытыгар II ырыынакка ый аайы 300-400 кыбартыыра атыыланарыгар биллэрии киирэр, онно саҥа тутуллар дьиэлэри эбэн кэбис. Саба быраҕан, сылга ортотунан 2 тыһ. кэриҥэ кыбартыыра тутуллар. Сыананы, дьиҥэр, саҥа тутулла турар дьиэлэртэн кыбартыыралары кууһунан атыылаһан ылар инвестордар үрдэтэллэр этэ. Кэлин олор туораатылар. Тутааччылар аахсыйанан чэпчэтэн атыылыылларын үрдүнэн кыайан барбат. Иккиһинэн, I уонна II ырыынактар бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээхтэр: иккиһэ түстэҕинэ, бастакытын тардар. Дьокуускай киинигэр, инфраструктуралаах сиргэ блочнай, КПД дьиэлэр элбэхтэр, олор эргииртэн тахсаллара ыраах. Ол сыанаҕа эмиэ сабыдыаллыыр. Онон тутар тэрилтэ аҕыйаатаҕына сыана үрдүө дииллэрэ – сыыһа. Ырыынакка этии ыйытыктааҕар син биир элбэх буолуо. Дьон дохуота кыратын аахсыбакка, араас өҥө төлөбүрэ, нолуок ыарыы тураллар. Нолуогу аҕыйах сылынан кадастр сыанатынан 100 бырыһыан төлөтөр буолуохтара. Оччоҕо ыал аһын-таҥаһын ылыммакка, харчытын сыыһын дьиэҕэ кутуо дуо? Онон, ипотека кирэдьиитин бырыһыанын намтатыыны олорор дьиэ ырыынагын тыыннаах хааллара сатааһыҥҥа хардыы курдук ылынабын. Сөптөөх бэлиитикэ.